02.05.2020 | 20:31 | Просмотров: 636

Харах балыыһатыгар 48 киһи коронавирустаабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 2 күнүнээҕи туругунан, харах балыыһатыгар 48 киһи коронавируһус ыарыытыгар сыстыбыт. Олор 679 киһини кытта алтыспыттар. Бу туһунан суһал штаб иһитиннэрэр.

48 ыалдьыбыт дьон ортотугар балыыһа үлэһиттэрэ, ыарыһахтар уонна кинилэр алтыспыт аймахтара бааллар. Кинилэри барыларын инфекционнай балыыһаҕа киллэрдилэр. Алтыспыт дьоннорун обсерваторга киллэрдилэр. Балыыһаны дезинфекциялаатылар. Билигин харах быраастара өрөспүүбүлүкэтээҕи 2-с нүөмэрдээх балыыһаҕа көрөллөр.

Чайыҥдатааҕы вахтовай бөһүөлэккэ эбии госпиталь тэрилиннэ. Роспотребнадзор быраастара, сиэстэрэлэрэ, санитардара көмөлөһөллөр. Тустаах көмө ыалдьыбыттарга оҥоһуллар. Эбии эмп-томп кэллэ. Вахтовай үлэһиттэри кыах баарынан кэлбит регионнарыгар ыыталлар. Билигин Алтай, Омск, Башкирия, Алтай, Иркутскай уобалас дьоннорун ылар тырааныспар иһэр.

Сангаар бөһүөлэгэр коронавирустаабыт дьахтары Дьокуускайга аҕаллылар. Кинини кытта 60 кэриҥэ киһи алтыспыта биллэр.

Көрөргүт курдук коронавирус түргэнник тарҕанна. Тас дойдуттан, атын регионтан аҕалыы эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ иһигэр сутуллуу, сыстыһыы элбээтэ. Бэйэ-бэйэбитин харыстаһыаҕыҥ, бэйэ изоляциятын тутуһуоҕуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.