29.12.2022 | 13:00 | Просмотров: 761

Хамнас алын кээмэйэ 16 тыһыынча солкуобайтан тахса буолар

Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

2023 сылга хамнас алын кээмэйэ 16 242 солкуобайга тэҥнэһэр буолла. 
Хамнас алын кээмэйэ 6,3% улаатта. Итини сэргэ, хамнаһы ааҕыы бэрээдэгэ уларыйда: 2023 уонна 2024 сылларга хамнас алын кээмэйэ үлэлиир нэһилиэнньэ муҥутаан тиийинэн олоруутун алын кээмэйэ улаатар тэтимиттэн тутулуктаах уонна итинтэн 3 %-нан үрдүк буолар. «Үлэлиир нэһилиэнньэ ортотугар дьадаҥы, кыаммат дьон суох буолуохтаах. Үлэ киһиэхэ дьоһун дохуоту хааччыйыахтаах», - диэн бэлиэтиир дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин.
2022 сылга хамнас алын кээмэйэ икки төгүл үрдээтэ – тохсунньу 1 күнүттэн 8,6% уонна бэс ыйын 1 күнүттэн – 10%. Ол түмүгүнэн, билиҥҥи туругунан, Арассыыйа үрдүнэн хамнас алын кээмэйэ 15 279 солкуобайга тэҥнэһэр. Регионнааҕы кээмэй эмиэ сыл аайы үрдүүр. Хамнас алын кээмэйэ: Москваҕа – 23 508 солкуобай, Санкт-Петербурга – 23 500 солкуобай, Дьокуускайга – 15 279 солкуобай (итиннэ Уһук Хоту компенсацията эбиллэр). Кэлэр сылтан ити кээмэйдэр үрдүүллэр. 
Үлэ кодексатынан, үлэһит биир ыйдааҕы хамнаһа алын кээмэйтэн кыра буолуо суохтаах. Арай толору күн эбэтэр нэдиэлэ үлэлээбэт буоллаҕына кыра буолуон сөп, ол эрэн ыйдааҕы алын кээмэйгэ тэҥнээн ааҕыллыахтаах. Ити ирдэбили кэһии иһин үлэнэн хааччыйааччы ыстараап төлүүр – ИП буоллаҕына – 10 000 солкуобайтан, тэрилтэ 30 000 солкуобайтан саҕалаан.
Сылын аайы хамнас кээмэйэ үрдээн иһэр. Росстат дааннайдарынан, 2022 сыл III-с кыбаарталыгар наймыга үлэлиир дьон хамнаһа 11,1 трлн солкуобай, ити 2021 сыл III-с кыбаарталын кытта тэҥнээтэххэ 1,1 трлн солкуобайынан улаатта, оттон 2022 сыл II-с  кыбаарталыттан – 157,2 млрд солкуобайынан элбэх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Доҕорум олоҕун олорон
Сынньалаңңа | 12.05.2026 | 18:30
Доҕорум олоҕун олорон
Бадаҕа 4-5 сыллааҕыта этэ. Мииринэй куоракка олорор үөлээннээҕим олоҕун орто омурҕанын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр ыҥырбыта. Сөмөлүөт билиэтиттэн матан, сиринэн айанныыр «дьолломмутум».
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Сонуннар | 13.05.2026 | 14:31
Олеся, эн кыайыыҥ  – биһиги дьолбут!
Амма уонна Үөһээ Бүлүү сириттэн төрүттээх Толстоуховтар дьиэ кэргэн биэс оҕолоруттан Олеся пауэрлифтинг көрүҥэр Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолан кэллэ. Бу үөрүүлэрин төрөппүттэрэ үллэһиннилэр.
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Сонуннар | 14.05.2026 | 10:25
Спорт нөҥүө олоххо тардыһыыны саҕар педагог
Дьокуускай куоракка доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго аналлаах оскуоланы үгүс киһи 34 №-дээх оскуоланан билэр. Бу оскуола быйылгы үөрэх дьылыгар саҥа дьиэҕэ киирэн, билигин сурукка киирэр аата «Адаптивнай үөрэхтээһин комплекса» диэн. 
Дьүөгэ
Сынньалаңңа | 13.05.2026 | 18:30
Дьүөгэ
Мин Ньукку диэн дьүөгэлээхпин. Дьүөгэм барахсан чуумпу, чуҥкук олохпун үөрэн-көтөн, кэпсээн-ипсээн аймаан кэбиһэр идэлээх.