30.04.2020 | 08:58

Хаарбах дьиэлэри көтүрүү саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү федеральнай уонна олохтоох бырагыраамаларынан былаан быһыытынан үлэ ыытыллар.

Дьокуускайга бүгүҥҥү күҥҥэ түөрт дьиэни көтүрүөхтэрэ. Олортон биирдэстэрин Челюскин уулуссаҕа турар дьиэни номнуо көтүрэн бүтэрэн эрэллэр. Бу дьиэ ГРЭС оройуонугар баар. 1970 сыллааҕы тутуу 2011 сыллаахха хаарбаҕынан быһаарыллыбыта, олохтоохтор билигин толору хааччыллыылаах дьиэлэргэ көһөн тураллар. Бу оройуоҥҥа өссө да уонча дьиэ көтүллүөхтээх. Көтүрүүгэ “Якутдорстрой” тэрилтэ үлэһиттэрэ күүс-көмө буола сылдьаллар.

Дьокуускайга 60-70 сылларга тутуллубут дьиэлэр куорат үрдүнэн элбэхтэр. Ол курдук ГРЭС, Сайсары, 17 кыбаартал оройуонугар. Хаарбах, аварийнай дьиэлэртэн дьону көһөрүү федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоох бырагыраамаларынан үбүлэнэн ыытыллар. Бүгүҥҥү туругунан көһөрүү саҥа бырагырааматыгар 2012 сылтан кэнники аварийнайынан биллэриллибит дьиэлэр киирсиэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...