27.12.2019 | 09:34

Хаһыаппыт сылаас холумтана

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Марианна Тыртыкова, «Саха сирэ» хаһыат экономика отделын обозревателэ:      

Сыл хонук ааһан истэҕин аайы ол кэмнэр өссө кэрэтийэн, күндүтүйэн иһэргэ дылылар.

Билигин даҕаны ыраахтан күлүмүрдүүр "Туймаада" атыы-эргиэн улахан уораҕайын аттынан ааһан иһэн тохтуу түһэн, төрдүс этээс түннүгүн  көрөбүн. Оччоҕуна сүүрбэччэ сыл халыҥ хаара ууллан, үөрэхпин бүтэрэн баран саҥа үлэлии кэлбит эдэр сааһым кэрэ кэмнэрэ харахпар көстөн кэлэллэр.

Үлэбэр лоп курдук балаҕан ыйын 1 күнүгэр кэлбитим. 1999 сыллаахха "Киин куорат" хаһыат саҥа тэриллэн, бастакы нүөмэрэ буруолаабытынан тахсыбыт кэмэ этэ. Ол саҕана интэриниэт, бассаап, Инстаграм, социальнай ситим суох буолан, дьон хаһыат тахсарын олус күүтэрэ, сонуну онтон эрэ ааҕара. Типографскай кырааска сыттаах сип-сибиэһэй хаһыаппыт таҕыстаҕына, бэйэтэ бырааһынньык курдук буолара.

Эрэдээксийэ «паапата»

Мин суруналыыстыка салаатыгар бииргэ үөрэммит дьүөгэбин Люба Готовцеваны кытта ыччакка аналлаах сыһыарыыны бэлэмнээн таһаарарбыт. Суруйуубут сэргэх буоллун диэн, хаһыаты таҥааччы уолаттары кытта сэргэстэһэ олорон, ыстатыйа төбөтүн, ойуутун, уруһуйун, дизайнын бииргэ оҥорсорбут.

Оччолорго эрэдээксийэ быыкаа хоһугар уп-улахан эр дьон лүһүгүрэһэн олороллоро: кэлин "паапабыт" диэн ааттаабыт, дьоҥҥо сымнаҕас, эйэҕэс-сайаҕас майгылаах Андрей Васильевич, Александр Яковлев, Прокопий Чуукаар, бырааттыы Леонид, Андриан Николаевтар, фотограф Салҕааһын.

Люба биһиккигэ остуол да уурар миэстэ суох буолан, кэлэ-бара сылдьарбыт. Онтон кыргыттар Туйаара Нутчина, Татьяна Захарова-Лоһуура, Натали, Наталья Кычкина, Людмила Ноговицына о.д.а. кэлбиттэрэ.

Сэргэх сүүрээн

Хас да сылынан устудьуоннар, практиканткалар Розалия Томская, Надежда Прохорова-Громова кэлэн, хаһыаппытын олус сэргэхсиппиттэрэ, сонун тыыны киллэрбиттэрэ. Мин оччолорго эдэркээн устудьуон кыргыттар тыллара-өстөрө хомоҕойун, баайын, ис санаалара сырдыгын, ырааһын сөхпүтүм. Кинилэр олох умсулҕанын арыйар кэпсээннэрин, сэргэх сонуннарын күүтэр буолбутум.

Дьүөгэм Натали оннооҕор оҕо күүтэ сылдьан, тэтэрээт илииһигэр саха эстрадатын сулустарын олоҕун сырдатар, сороҕор сиэр-майгы туһунан сытыы ыстатыйаларын суруйан аҕалара. Уп-улахан истээх сатыы төрдүс этээскэ тахсара. Оччолорго хамнастаах үлэҕэ киирэ илигэ, СГУ-га үөрэнэ сылдьара. Оннук курдук кини идэҕэ бэриниилээх, хаһыакка тардыһыылаах буолан, биһиги бары "Киин куораттан" барбыппытын да кэннэ уон түөрт сыл үлэлээбитэ.  

Эрэдээксийэ "маамата"

Наташа Кычкина үлэбитигэр ас аҕалан эбиэттиир үтүө үгэһи киллэрбитэ, соннук үлэбитигэр бырааһынньыктары, төрөөбүт күннэрбитин ылар этибит. Кини көҕүлээһининэн "Холумтан" дьиэ хаһаайкаларыгар аналлаах бэртээхэй сыһыарыы тахсыбыта. "Далбар Хотун" диэн рубриката билигин бассаапка хас да чаастаах дьахталлар бөлөхтөрүгэр кубулуйда.    

Туйаара Нутчина "Саха санаата" диэн общественнай-политическай сытыы анаарыылары оҥорон соһутара, туохтан да иҥнибэккэ санаатын аһаҕастык, көнөтүнэн этэр дьүккүөрдээҕэ. Суруналыыс быһыытынан туспа буочардаах, бэйэтэ көрүүлээх, сытыы тыллаах буолара, олох араас эридьиэстэрин булан саралыыра.

Онтон эмиэ даҕаны дьахтар дьикти дьылҕатын хомоҕойдук арыйар истиҥ-иһирэх тыыннаах кэпсээннэри табан суруйара. Мин тоҕо эрэ Леди Муус Туйаара псевдонима дии санаабытым. Тугу да суруйдун, Нутчина суруйуута киһи хараҕар тута быраҕыллар, бүтүөр диэри ааҕыллар.

Онтон "маамабыт" Антонида Николаевна харчыны тутара, хамнаспытын, уоппускабытын, гонорарбытын ааҕара. Ийэлии истиҥник ким хаһан ыал буоларын иһигэр сэмээр күүтэрэ, эдэр кыргыттарга сүбэ-ама буолара.  

Машинистка Шурочка

Машинистка Шурочка сарсыарда 9 чаас иннинэ кэлэн көрүдүөргэ уочараттаан олорор внештатнай суруксуттар аармыйаларын ыстатыйаларын бэчээттээн табыгыратара. Оҕонньоттор буочардарын бэркэ сатаан ааҕара.

Вася уол муннун иһигэр тугу эрэ ботугураан ыла-ыла, хаһыаты киэһэ хойукка диэри таҥара, бэрт кыһаллан оҥороро. Онтон Нюра, Шурочка таҥар буолбуттара. Редактордыы сылдьыбыт политолог Николай Алексеевич Слепцов хаһыат бэлитиичэскэй куурсун тутара, аан дойду, Арассыыйа, өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй олоҕун анаарара.

Саҥа Дьыл иннинэ баччаларга "паапабыт" Андрей Васильевич тоҥ балыгы кыһа-кыһа: "Эһиги бары сотору ахтыы суруйуоххут, чэ, балык ньыамырыан иннинэ ылан сиэҥ, кыргыттар, кэмчиэрийэн олорумаҥ. Сарсын бээтинсэ, халлаан эмиэ тымныы -40С, онон манна кэлэ сатаамаҥ, дьиэҕитигэр да бэчээттээн аҕалаарыҥ. Сонуннары кытаатыҥ, 4-5 балаһаны толкуйдаарыҥ", -- диирэ субу кулгаахпар иһиллэргэ дылы.

Төрдүс этээс түннүгэ

"Киин куораттан" барыахпыттан бачча сыллар тухары араас тэрилтэҕэ үлэлээтим эрээри, кини курдук дьоҥҥо үчүгэй сыһыаннаах, ыстатыйаҕын көрөн: "Хайа, бу киһи хараҕар көстөр киинэ курдук суруйбуккун!" -- диэн хайгыыр, сороҕор сүбэлиир, баар итэҕэһи-быһаҕаһы дьон истибэтигэр бэйэҕэр эрэ сибис гынар тактичнай, үрдүк култууралаах, сахалыы эйэҕэс-сайаҕас майгылаах, киэҥ көҕүстээх, кэрэ аҥаардары «кыргыттарым” диэн өрүү харыстыы сылдьар салайааччыны көрсө иликпин. Бастакы эрэдээктэрим, учууталым, эрэдээксийэ паапатын сырдык сэбэрэтэ сыл хонук аастаҕын аайы биһиги сүрэхпитигэр өрүү тыыннаах.

Билигин даҕаны "Туймаада" ТРК аттынан ааһан иһэн, үлэлээн ааспыт хоспут түннүгүн көрөн ааһабын. Ол кэмтэн ыла эрэдээксийэ уонтан тахса сиргэ көстө, үлэһиттэр улахан аҥаардара уларыйда эрээри, билигин даҕаны бэриниилээхтик үлэлии сылдьар кыргыттары, кэлэктииби бүгүҥҥү үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах соҕотох хаһыата атарахсытыллыбакка, өрө тутуллан, Туймаада туналыйар туонатыгар саха эйгэтин, саха тыынын үйэлэргэ тарҕата туруохтун!

Суруналыыс быһыытынан сайдыбыт хаһыатым

Наталия Протопопова - Натали - СР култууратын, бэчээтин туйгуна:

  • Өр сылларга өйбүн-санаабын, сүрэҕим сылааһын ууран туран үлэлээбит «Киин куорат» хаһыатым номнуо 20 сыллаах үбүлүөйэ бу тигинээн кэллэ…

Күн-дьыл барара түргэниттэн сөҕөбүн эрэ. «Киин куорат» хаһыат мин олохпор уонна айар үлэбэр сүҥкэн суолталаах. Ол курдук, эрэдээксийэ аанын 1999 сыллаахха аан бастаан устудьуоннуу сылдьан арыйбытым. Оччотооҕу кэмҥэ үөрэҕин саҥа бүтэрбит эдэр кэрэспэдьиэн Марианна Тихонова ынырыытынан үөрэ-көтө үлэлэһэн барбытым. Университет олоҕуттан тэттик сонуннары суруйарым, кэлин ыччат балаһатын бэлэмниирбэр сорудахтаабыттара. Ити курдук, «Киин куорат» эйгэтигэр бэйэм да билбэппинэн киирэн хаалбытым. Арааһа, дьылҕам быһыылаах, аны аҕыйах кэминэн, 2005 сыллаахха, штатка ылбыттара. Мин кэлэрбэр уопуттаах суруналыыстар Туйаара Нутчина, Татьяна Захарова – Лоһуура, Марианна Тихонова бааллара. Онон бастакы кэмнэрбэр кинилэр миэхэ үтүө холобур, төһүү күүс буолбуттара. Үлэҕэ киирэн, штакка ылыллан, мин саҕа дьоллоох киһи суох этэ. Биллэн турар, эдэр киһи бэйэм кыахпын үчүгэйдик көрдөрүөхпүн наада буоллаҕа. Онон, эрэдээктэр сорудаҕын барытын толрон иһэрим, бэйэм ааптарыскай рубрикаларбын толкуйдаан барбытым.

2005 сыллаахха «Киин куорат» уонна «Киин» араадьыйа доҕордуу буолбуппут. Бу сылларга араадьыйа эдэр ыытааччыларын кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээбиппит, «Саха» НКИХ үлэһиттэрин үгүстүк сырдаппытым. Мин «Киин куоракка» уопсайа 14 сыл үлэлээтим. Билигин кэлэн суруналыыс быһыытынан саамай үүммүт, сайдыбыт сирим эбит диэн астына уонна махтана саныыбын. Бу сыллар тухары элбэх рубриканы үүннээн-тэһииннээн кэллбитим – «Доруобуйа», «Тимир көлө», «Сэргэхсийэ таарыйа», «Биир идэлээхтэрбит», ону таһынан «Ыалдьыт», «Тыа сирэ», «Кэрэ эйгэтэ», «Эн суолуҥ», «Сиэр-майгы» рубрикаларга сөбүлээн суруйарым.

Үлэлээбит сылларбар доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр элбэх бырааһы кытта билсибитим, Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2№-дээх балыыһаны кытта ыкса ситимнээхтик үлэлээбиппин олус күндүтүк саныыбын. Ол суруйууларым кэлин кинигэ буолан түмүллэн тахсалларыгар баҕалаахпын. Ону таһынан предпринимателлэри, култуура үлэһиттэрин, элбэх саха артыыстарын, эстрада ырыаһыттарын сырдаппытым.

«Киин куоракка» таһаарбыт дьоруойдарбын түмэн, хас да кинигэм күн сирин көрбүтэ, кинигэлэрим «сүрэхтэниилэрэ» ыытыллыбыттара, СӨ Култууратын уонна Бэчээтин туйгуна, дойдубун утумнаахтык сырдаппытым иһин «Салбаҥ нэһилиэгин бочуоттаах киһитэ» бэлиэни туттарбыттара. Онон, «Киин куоратым» мин үлэбэр сүҥкэн суолталаах, махталым улахан.

Хаһыат үбүлүөйдэригэр куруук көмөлөһөрүм, чуолаан култуурунай программатыгар, сценарий, артыыстар чаастарыгар эппиэттиирим. Биэс, уон, уон биэс сылларын наһаа да үчүгэйдик бэлиэтээбиппит, биир да үбүлүөйү көтүппэккэ үөрэ-көтө сылдьыбытым. Хаһыаппыт үбүлүөйдэригэр ыалдьыттаабыт дьон билигин да астыналлар, «наһаа да үчүгэй тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт, ырыаһыт бөҕөтө кэлэн ыллаабыта» диэн ахталлар.

Саамай үөрэрим диэн, биһиги хаһыаппыт куруук эрэллээх ааҕааччылаах. Күн сирин көрүөҕүттэн саҕалаан тиһигин быспакка ааҕар дьонноохпутуттан астынарбыт, киэн туттарбыт. Төһө да кэлэктиипкэ аҕыйах буолларбыт, быыс-арыт булан хаһыаппыт ааҕааччыларын кытта көрсөрбүт. Ол курдук, Хаҥалаһынан, Намынан, Уус Алданынан, чугастааҕы нэһилиэктэринэн сылдьыбыппыт. Билигин «Киин куорат» номнуо 20 саастаах. Бу сыллар тухары Саха сирин олохтоохторун тапталын ылыан-ылла. Кэлиҥҥи кэмҥэ интэриниэт күүскэ сайынна. Дьон барыта инстаграмы, фейсбугу, араас форумнары ааҕар… Манан сибээстээн сахалыы тыллаах хаһыаттар сурутуулара кыччаан иһэрэ биллэр. Ол да буоллар «Киин куораты» син биир ааҕабыт, кэтэһэбит диир дьону иһиттэхпинэ, санаам көтөҕүллэр. Мин 14 сыл үлэлээн баран бу саас бэйэм баҕа өттүбүнэн уурайарга быһаарыммытым. Аныгы үйэ сиэринэн реклама, PR эйгэтин талан, «Үйэ» сурунаалга рекламнай менеджеринэн үлэлии-хамсыы сылдьабын. Улуустары кытта ыкса ситимнээхтик үлэлиибит. «21-с үйэ аҕа баһылыктара», «21-с үйэ урбаанньыттара», «Үөрэхтээһин», «Тыа сирин култуурата» диэн бырайыактары иилээн-саҕалаан таһаарабын. «Саха сирин агро-оскуолалара», «Кыайыы 75 сылын көрсө» диэн тиэмэҕэ үлэлэһэн эрэбин. Сурунаал, реклама эйгэтигэр былааным өссө да киэҥ.

Онтон мин «Киин куорат» хаһыат кэлэктиибин 20 сыллаах үбүлүөйгүтүнэн эҕэрдэлиибин! Куруук үүнэ-сайда туруҥ, элбэх ааҕааччылаах буолуҥ, дьон-сэргэ тапталын, махталын ыла туруҥ диэн баҕа санаабын тиэрдэбин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....