18.05.2024 | 10:00

Хаһаайыстыбаннай мыыла аныгы хаһаайкаҕа туһалаах дуо?

Хаһаайыстыбаннай мыыла аныгы хаһаайкаҕа туһалаах дуо?
Ааптар: Айталина СОФРОНОВА
Бөлөххө киир

Хаһаайыстыбаннай мыыланы сэбиэскэй кэм саҕана хас биирдии дьиэҕэ-уокка туһаналлара, оччотооҕу хаһаайка саамай эрэллээх доҕоро этэ, “косметичкатыгар” да, эмтиэкэтигэр да туттуллара. 
Ол кэмтэн ыла олох хас эмэ бүк уларыйда. Күн ахсын араас сууйар сириэстибэ айыллан тахса турар. Билиҥҥи сайдыылаах үйэҕэ хаһаайыстыбаннай мыыланы туохха туһаныахха сөбүй? Салгыы мантан аллара билсиҥ.

Туохтан оҥороллоруй?

Сэбиэскэй кэмҥэ хаһаайыстыбаннай мыыланы арыыттан уонна сыаттан оҥороллоро. Сүрүннээн сибиинньэ, балык, ынах уонна бараан сыатын  тутталлара. Ол курдук, сыаны ыраастаан, сууйан-сотон, каустическай суоданы кытта 120 кыраадыска диэри сойутан, 10 күн устата буһараллар уонна кубиктыы быһыылаах гына быһаллар. Маны таһынан хаһаайыстыбаннай мыыла састаабыгар уу, натрий хлорида, антиоксидант, титан диоксида туттуллар.

Оҥоһуллан тахсыбыт мыылалар тастарыгар «72%», «69%» уонна «64%» диэн сыыппаралары бэлиэтииллэр. Бу сыыппаралар мыыла састаабыгар төһө сыа баарын көрдөрөллөр.

 

Сэбиэскэй кэмҥэ мыыланы туохха туттубуттарай?

Оччотооҕу кэмҥэ мыыланы олох бары салаатыгар тутталлар этэ. Ол курдук, хаһаайкалар хаһаайыстыбаннай мыыланан таҥаһы-сабы, иһити-хомуоһу сууйалларын, оҕуруокка тутталларын таһынан, куурусса, ынах этин кытта астыахтарын иннинэ мыыланан сууйаллар эбит. Өссө мыылаттан суурадаһын оҥороннор, муосталарын сууйаллар, оҕо төрөтөр балыыһалары бүтүннүү мыылалаах уунан сууйаллар. Ол эбэтэр хаһаайыстыбаннай мыыла бактериялары барытын өлөрөр кыахтааҕа.

Хаһаайыстыбаннай мыыла «медицинскэй» сыалга эмиэ туһаныллыбыта: атах тэллэйин эмтииргэ, оҕо бааһыгар о.д.а. Сэбиэскэй кэм дьахтара сирэйигэр хатаал таҕыстаҕына, мыыланан суунар уонна маас курдук соттон аһардар эбит. Ону таһынан баттаҕы хаһаайыстыбаннай мыыланан сууннахха, түргэнник уһуур, хойдор диэн өйдөбүл баара.

 

 

Билигин хайдах туһаныахха сөбүй?

Биллэрин курдук, хаһаайыстыбаннай мыыла састааба атын сууйар, ыраастыыр сириэстибэлэртэн саамай судургулара уонна натуральнай. Онон, аныгы үйэҕэ биһирэнэр экологическай бородууксуйа быһыытынан олоххо-дьаһахха барытыгар туһаныахха сөп.

 

Дьиэҕэ уонна оҕуруокка

Хаһаайыстыбаннай мыыла, төһө даҕаны үйэ уларыйдар, дьиэҕэ-уокка ырааһы туттарга солбуллубут сириэстибэнэн хаалар. Холобура, кыбартыыра иһигэр тимир, керамическай уонна пластиковай ньуурдары сууйарга олус табыгастаах. Оттон мыылаттан суурадаһын оҥорон, ханнык да сыаналаах сириэстибэттэн итэҕэһэ суох кыбартыыраны барытын сууйуохха сөп, иһити сууйарга даҕаны тэҥнээҕэ суох.

Ол эрээри аныгы хаһаайкалар, холобура, сыаналаах таҥас састаабын алдьатымаары, «эбээлэрин» мыылатын соччо-бачча тутта сатаабаттар. Дьиҥэр, солко, түүлээх курдук таҥастарга хаһаайыстыбаннай мыыла туох даҕаны буортуну оҥорбот. Мыыла биир үчүгэйэ диэн сыты-сымары уонна үрүҥ бээтинэлэри хаалларбат.

Таарыччы эттэххэ, хаһаайыстыбаннай мыыла арыыны-сыаны, көлөһүн сытын уонна кофе, отон бээтинэтин ыраастыырга үчүгэйдик көмөлөһөр. Маныаха мыыланан бээтинэлээх сирин аалыллар уонна икки чаас бакыакка сытыаран баран, илиинэн аалан сууйдахха, үгүс бээтинэ «хотторор».

Аны туран, хаһаайкалар сиэркилэни сууйар хайдах курдук уустугун бэрт үчүгэйдик билэллэр, ордук суунар сир сиэркилэтэ кирдээх буолар. Манна эмиэ хаһаайыстыбаннай мыыла көмөлөһөр. Ол курдук, мыыла кыра куһуогунан сиэркилэ кирин-хаҕын сууйан баран, кумааҕынан соттоххо, түргэнник ырааһырар.

Оттон мыылабыт даачаҕа, оҕуруокка туһатын ааҕан сиппэккин. Тоҕо диэтэххэ натуральнай сириэстибэ буолан, үүнээйигэ буортуну оҥорбот.

 

Доруобуйаҕа

Хаһаайыстыбаннай мыыла – бэртээхэй антисептик уонна күүстээх антибактериальнай дьайыылардаах. Ол курдук, араас бааһырыыга, үөн-көйүүр ыстааһыныгар, оннооҕор итиигэ бустахха кытта туһалыыр. Мыыла баас түргэнник оһорун түргэтэтэр, инфекцияны тарҕаппат.

Хаһаайыстыбаннай мыыла эһиги илиигитин көмүскүөн сөп. Холобур, аһылык бэлэмнэниэн иннинэ илиигитин сууйуҥ уонна куурдуҥ. Оччоҕуна, алҕаска илиигитин быһахха быһар түгэҥҥитигэр көмүскүө.

Күһүн уонна кыһыҥҥы күннэргэ тымныйыыттан бэртээхэй профилактическай ньыма быһыытынан туһаныахха сөп. Ол курдук муннугут аннын кыра мыыланан сотоҕут. 

 

Кыраһыабай буолууга

Сэбиэскэй кэм дьахтара хаһаайыстыбаннай мыыланан баттаҕын суунара диэн суруйбуппут. Аныгы кэрэ аҥаардар эмиэ бу ньыманан баттахтарын уһатар, хойуннарар албастаахтар эбит. Хаһаайыстыбаннай мыыла өссө баттах хоһоҕотун суох оҥорорго абыраллаах сириэстибэ.

Кыраһыабай буолуу «ырыынагын» баһыйар өттүн акнены (хатаал) кытта «сэриилэһэр» сириэстибэлэр ылаллар. Оттон маныаха хаһаайыстыбаннай мыыла эмиэ көмөлөһүөн сөп. Ол курдук, мыыланы кыра гына кырбастаан, уулаан, суурадаһын оҥороҕут. Маасканы харах тулатын эрэ хаалларан  сирэйгитин соттон, 30 мүнүүтэҕэ диэри тутуохха сөп. Ол кэннэ сылаас уонна тымныы уунан кичэйэн сууйуллар уонна бэйэ туттар кириэминэн сотуллар. Маннык эмтэниини нэдиэлэҕэ биирдэ туттар көҥүллэнэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Сонуннар | 25.09.2024 | 11:46
Судаарыстыбаннас күнэ киэҥник бэлиэтэнэр
Балаҕан ыйын 23-27 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн Судаарыстыбаннас күнэ киэҥ далааһыннаахтык бэлиэтэниэҕэ. Сүрүн тэрээһиннэр Саха сирин бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Николаев аатын үйэтитиигэ ананыахтара. Ол курдук, киин куорат оскуолаларыгар линейкалар, кылаас чаастара, бэсиэдэлэр, викториналар, кинигэ быыстапкалара, аһаҕас уруоктар, күрэхтэр ыытыллаллар. Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Нам улууһугар Өрөспүүбүлүкэтээҕи судаарыстыбаннас историятын түмэлигэр уопсастыбаннас мунньаҕа,...