Гороскоп. МУУС УСТАР 6-12 КҮННЭРЭ
Бараан
Ханнык да дьыалаҕыт табыллан испэт кутталлаах. Онон быстах кэмҥэ эт, балык аһы хаарчахтаан, фруктаҕа, оҕуруот аһыгар болҕомто ууруҥ. Эти-хааны эрчийэр дьарыгы нэдиэлэ саҥатыгар олоххо киллэриҥ, нэдиэлэ бүтүүтэ медитациянан, косметическэй процедураларынан дьарыктаныҥ. Эр дьон иммунитеккыт мөлтөөн, олохсуйбут ыарыыларгыт көбөр кутталлаах. Сыалаах-арыылаах астан туттунуҥ. Дьахталлар доруобуйаҕытын дьыбааҥҥа сытан «көннөрүнүөххүтүн” сөп. Сэрэдэ диэки тумуу куттала сытыырхайар.
Оҕусчаан
Сылайыы барбыт. Йога, медитация бэркэ көмөлөһүө эбиттэр. Элбэхтик уута иһэ сылдьыҥ. Күүстээх үлэни, эт-хаан дьарыгын кылгас кэмҥэ тохтото түһүҥ. Арыгыттан, сыалаах-арыылаах астан аккаастаныҥ. Эр дьоҥ бэнидиэнньиккэ, бээтинсэҕэ, субуотаҕа доруобуйаҕытын кэтэниэххитин наада. Дьахталлар аскытын аҕыйатыҥ, баанньыкка, ваннаҕа болҕомто ууруҥ.
Игирэлэр
Эт-хаан дьарыга хаһааҥҥытааҕар да туһалыыр кэмэ үүннэ. Ону, биллэн турар, сөптөөх аһылыгы кытта дьүөрэлиэххэ наада. Фаст-фуд, итирдэр утах буортутун умнумаҥ. Өрөбүллэри дьиэ кэргэн ортотугар атаарар ордук. Дьахтар аймахха кыра ноҕоруускалаах эт-хаан үлэтэ, дьарыга туһалаах.эрэ буолуоҕа. Диетаҕа олорууну, аччыктааһыны кэлиҥҥигэ көһөрөр ордук. Билигин доруобуйаҕа охсор кутталлаах.
Араак
Тугу баҕар иһэр, аһыыр көҥүллэнэр. Онон уруккуттан ымсыырар аскытын амсайар кыах баар, организмҥыт ордук глюкоза, жир курдук эттиктэргэ наадыйар. Эр дьон күүстээх үлэни сэрэдэҕэ былаанныыллара доруобуйаҕа улахан охсуута суох буолуоҕа. Кэрэ аҥаардар эт-хаан дьарыгын өрөбүлгэ хаһааналлара ордук.
Хахай
Уйулҕаҕа охсуу куттала баар. Кыра да стресс иммунитеты доҕолоҥнотор кутталлаах. Суол саахалыттан сэрэниҥ. Онон нэдиэлэ устата сынньалаҥ дьарыгы тутуһа сатааҥ, иирсээни-айдааны халты туттарга кыһаллыҥ. Оччотугар ыарыыга ылларыаххыт суоҕа. Кэрэ аҥаар Хахайдар үчүгэйдик утуйуҥ, минньигэс чэйдэ иһиҥ, медитацияны боруобалааҥ, кинигэтэ ааҕыҥ. Кэлиилээх-барыылаах, эньиэргийэни барыыр дьарыгы кэлиҥҥигэ көһөрүҥ.
Кыыс Куо
Айар-тутар, үлэлиир-хамсыыр кыаххыт хаһааҥҥытааҕар да күүһүрэн турар. Ханнык да дьыаланы ылсартан толлумаҥ. Эр дьон хамсаныылаах дьарыгынан эккитин-сииҥҥитин тупсарыаххыт эрэ, дьахталлар урут кыайбатах үлэҕитин боруобалаан көрүҥ, бу сырыыга чахчы табыллар кэриҥнээх. Сылайыахпыт, сатаныа суоҕа диэн толлумаҥ, доруобуйаҕыт туруга тупсан сылдьар кэмэ. Онон бириэмэҕитин туһалаахтык атаарарга кыһаллыҥ.
Ыйааһыннар
Урут санаан да көрбөтөх дьарыккытын ылсар кыахтааххыт. Доруобуйаҕа үҥкүү, йога, фитнес, саҥа диета көмөлөһүөхтэрин сөп. Организмҥыт тугу этэрин үчүгэйдик истиҥ. Эр дьон күүстээх үлэни үчүгэй сынньалаҕы кытта таба дьүөрэлээҥ. Кэрэ аҥаардар үҥкүүнэн дьарыктаныҥ, улахан илистиини ирдээбэт спорт көрүҥүн талыҥ. Өрөбүллэри дьиэ кэргэҥҥэ атаарыҥ.
Ооҕуй
Эт-сиин уонна уйулҕа туруктара атааннаһар кутталлаахтар. Доруобуйаҕыт чэгиэн курдук эрээри, кыраттан кыйыттар, кыра да ыарахантан киҥҥит-нааргыт холлор курдук буолуон сөп. Онон элбэх хамсаныылаах дьарыкка болҕомто ууруҥ. Таарыйа эккитин-сииҥҥитин тупсарыаххыт. Дьахтар
аймах итирдэр утахтан халты туттуҥ, хонтуруолгутун сүтэрэр куттал баар. Тумууга хотторбот туһуттан кыра кыһалҕалары аахсымаҥ.
Охчут
Доруобуйаҕыт туруга бүүс-бүтүннүү саныыр санааҕытыттан тутулуктаах. Онон нэдиэлэни үчүгэй дьону кытта алтыһыыга, туһалаах дьарыкка, үтүөҕэ-кэрэҕэ анааҥ. Төһөнөн элбэх үчүгэй санааны, өйдөбүлү иҥэринэҕит да, доруобуйаҕыт соччонон бөҕөргүөҕэ. Эр дьон доҕотторгутун кытта булт-ас туһунан сэһэргэһэргит ордук буолуо. Дьахталлар эмиэ бэйэҕитин туохха да хаарчахтыы сатаамаҥ.
Чубуку
Күүс-уох мунньуллубутун саҥа диетаҕа эбэтэр эти-хааны тупсарар, эрчийэр дьарыкка анааҥ. Ол эрээри сөбүлээбэт дьарыгынан эккитин-хааҥҥытын күүһүлээмэҥ. Эр дьон чэппиэргэ уонна өрөбүлгэ күүстээх үлэнэн дьарыктаныаххытын сөп. Аһылыкка эккэ болҕомто ууруҥ. Ол оннугар минньигэстэн уонна хортуоппуйтан аккаастаныҥ. Дьахтар аймах нэдиэлэ саҥатын сынньалаҥҥа аныы сатааҥ. Бээтинсэлээх өрөбүлгэ төһөнөн элбэх эньиэргийэни барыыгыт да, соччонон доруобуйаҕыт тупсуоҕа.
Күрүлгэн
Сөптөөхтүк аһааһын – Күрүлгэн бэлиэлээхтэр бу нэдиэлэтээҕи сүрүн уратылара. Эр дьоҥҥо сыалаах-арыылаах, калорийдаах ас ордук буортулаах. Ыһаары, аһаҕас уокка буспут аһы барытын тохтотуҥ. Арыгы, табах доруобуйаҕытыгар хаһааҥҥытааҕар да ночооттоох. Кэрэ аҥаардар минньигэстэн, куртахха ыарахан эт астан туттунуҥ. Куурусса этэ, муора бородууктата ордук туһалаах буолуохтара. Өрөбүллэри дьиэҕэ-уокка, кинигэ ааҕыытыгар, киинэ көрүүтүгэр анааҥ.
Балыктар
Нэдиэлэни сөбүлүүр дьарыккытыгар анааҥ. Эти-тириини элэтэр күүстээх үлэ эбэтэр кими эрэ кытта кыыһырсыы доруобуйаҕа охсуулаах буолуох кэриҥнээхтэр. Ол-бу этии киллэрэн, дьону кытта өйдөспөккө эҥин эрэйдэниэх кэриэтэ, сытыҥ, утуйуҥ, сынньаныҥ. Арыгыттан туттунуҥ. Элбэхтик уута иһиҥ, от чэйдэри талыҥ. Сэниэ киллэриэхтэрэ, эккитин-сииҥҥитин ыраастыахтара.