Евгений Григорьев канализация коллекторын тутуутун бэрэбиэркэлээтэ
Куорат баһылыга Евгений Григорьев муус устар 6 күнүгэр Чернышевскай уулуссатыгар 3 №-дээх канализация коллекторын тутуутугар «Водоканал» АУо бэрэстэбиитэллэрин кытта оробуочай мунньаҕы ыытта. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Водоканал» АУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Кырджагасов иһитиннэрбитинэн, үлэ график быһыытынан барар.
«Эбийиэккэ үлэ сэтинньи ый ортотуттан саҕаламмыта. Кулун тутар ыйга диэри Гастелло уулуссатыгар тиийдибит. Ый иһигэр Гастелло уулуссатыттан Лиза Чайкина уулуссатыгар диэри тиийэн үлэ уопсай уһуна 300 миэтэрэҕэ тэҥнэстэ. Кыһыҥҥы түөрт ый устата итиччэни барбыт буоллахпытына, билигин тэтимнээхтик үлэлээбит. Сир үлэтин бэс ыйын ортотугар диэри бүтэрэр былааннаахпыт, аспааллааһын сир хаптайбытын кэннэ оҥоһуллуоҕа», - диэтэ Анатолий Кырджагасов.
Куорат баһылыга бэлиэтээбитинэн, куорат олохтоохторуттан Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн кытта 3 №-дээх канализация коллекторын тутуутунан элбэх ыйытык киирэр, онон «Водоканал» АУо бэрэстэбиитэллэрин тэтимнэрин ыһыктыбакка тутууну болдьоҕор бүтэрэргэ ыҥырда.
Оробуочай мунньахха «Водоканал» АУо сэргэ куорат баһылыгын бастакы солбуйааччы Алексей Корнилов, «Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ дириэктэрэ Владимир Аммосов, тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар Управление начаалынньыга Василий Амбросов, СӨ ИДьМ ГИБДД Управлениетын бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.