Элбэх оҕолоохторго сир учаастагын Бүлүүлүүр суол 16 км биэрдилэр
Ахсынньы 4-5 күннэригэр элбэх оҕолоохторго сир учаастагын түҥэтии буолла.
Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ Госдуума дьокутаата Галина Данчикова, куорат баһылыга Евгений Григорьев, баһылыгы бастакы солбуйааччы Георгий Гаврильев уонна Куорат дууматын дьокутааттара кыттыыны ыллылар.
Госдуума дьокутаата Галина Данчикова бэлиэтээбитинэн, элбэх оҕолоохтор сир учаастагар наадыйыылара сыл аайы улаатан эрэ иһиэҕэ.
«2019 сыллаахтан бу учаастактары куорат бэйэтэ дьаһайан биэрэригэр үлэлэспитим. Салгыы Маҕан суолугар үлэлэһиэхпит. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн өйөбүлүнэн инфраструктураҕа сыһыаннаах үлэ чугастааҕы кэмҥэ быһаарыллыаҕа, сирдээх дьон дьиэлэрин туттан саҕалыахтара диэн эрэнэбин», - диэтэ Галина Данчикова.
Евгений Григорьев иһитиннэрбитинэн, 2026 сылга диэри 4000 курдук учаастагы тыырар сорук турар.
Ол курдук, 2024 сыл бүтүөр диэри Бүлүү трагын 16 км 561 учаастак түҥэтиллиэҕэ, онон 2025 сылга Бүлүү трагын бүтэрэн, Маҕанныыр суолга Намцыр, Тулагы-Киллэм таһынан бэриллиэхтэрэ. Евгений Григорьев чопчулаабытынан, инфраструктураны тэрийии чааһыгар аҥаардас суол оҥоһуутугар, уот, гаас ситимин тардыыга хас биирдии учаастакка 2 мөл. солк. кэриҥэ суумалаах үп тиксэр.
Санатар буоллахха, 2024 сыл ахсынньы 3 күнүнээҕи туругунан 9110 элбэх оҕолоох ыал учуокка турар. 2011 сыл ахсынньы ыйыгар сокуон ылыллыаҕыттан, Дьокуускай куорат территориятыгар 3689 учаастак бэрилиннэ - Хатаска, Табаҕа, Киллэм, Маҕан, Тулагы диэки, «Севернай» кыбаарталга, Птицефабрика оройуонугар.
2024 сыл ахсынньы уонна 2025 сыл үһүс кыбаарталыгар Бүлүүлүүр суолга уонна Намцыр трагар 1978 учаастак тыырылларга бэлэм, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.