07.12.2020 | 17:01 | Просмотров: 692

Эһиилгиттэн үлэтэ суох хаалбыт дьон босхо үөрэнэр кыахтаныахтара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун киинэ иһитиннэрэринэн, 2021 сылтан ханнык баҕарар үлэтэ суох хаалбыт киһи “Демография” национальнай бырайыак “Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун хааччыйыы” салаатын чэрчитинэн, идэтинэн үлэ булбат түгэнигэр, эбии атын идэҕэ үөрэниэн сөп буолуоҕа.

Идэни уларытар, үөрэнэр кыах үлэлэриттэн ууратыллаары сылдьар дьоҥҥо кытта бэриллиэҕэ. Маныаха үлэҕэ ылааччы тэрилтэлэр чуолаан ханнык специалистка наадыйаллара хайаан да учуоттанар буолуоҕа. Үөрэммит дьон үлэ булалларыгар көмөнү ылыахтара, үөрэнэ сылдьан үлэтэ суохтар босуобуйаларын ылыахтара.

2021 сылга 115 тыһыынча киһи үөрэнэрэ былааннанар, 2022-2024 сылларга – сыллата 125-тии тыһ. киһи босхо үөрэниэҕэ. 2019 сылтан, национальнай бырайыак олоххо киириэҕиттэн, дойду үрдүнэн 220 тыһ. киһи атын идэни баһылаата.

Төрөппүт үчүгэй үлэлээх буолара – оҕо  кэскилин түстүүр. Ол иһин дьарыктаах буолуу салаата “Демография” национальнай бырайыак иһинэн үлэлиир, дойду үрдүнэн дьарыктаах буолуу кииннэрин үлэтэ тупсарыллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Дьон | 02.09.2026 | 18:30
Егор Слепцов: "Хейтердэртэн иммунитеттаах киһибин"
Егор Слепцов 100-чэкэ киһилээх Орто Дойду диэн Муома улууһугар баар кыра бөһүөлэктэн төрүттээх.
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Сонуннар | 02.09.2026 | 16:00
Сибэккилээн бүппүт бархатцыны туһаҕа таһаарар 8 ньыма
Бу сибэккини Саха сирин олохтоохторо сайын аайы сөбүлээн үүннэрэбит. Ол эрээри күһүн үгүстэр үргээн ылан, бөххө утаараллар. Оттон уопуттаах оҕуруотчуттар тугун да бырахпаттар – туһатын бэркэ билэн эрдэхтэрэ.
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Сонуннар | 31.08.2026 | 13:50
Сулустар тугу кэпсииллэр: атырдьах ыйын 31 – балаҕан ыйын 6 күннэрэ
Бараан Нэдиэлэ саҕаланыыта олус тыҥааһыннаах, онон тулуурдаах буол, быһаччы дьайыылары оҥорума. Ханнык да түгэҥҥэ санааҕын түһэримэ. Чэппиэргэ үлэҕэр үтүө уларыйыылар буолуохтарын сөп. Саҥарыаҥ иннинэ толкуйдаа, аны иирсээн тахсыа диэн сулустар сэрэтэллэр. Өрөбүллэргэ өйдүүн-санаалыын сынньан, күүстэ-сэниэтэ мунньун.   Оҕусчаан Санаа түһүүтүттэн босхолон. Бу нэдиэлэҕэ идиэйэлэргин тута ылымматаллар даҕаны, хас биирдии көҕүлээбит этииҥ...
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Дьон | 31.08.2026 | 19:00
“ФЕРМА КЫРГЫТТАРА” ырыа быйыл 45 сааһын туолла
Сэмэн Данилов тылларыгар, Иван Иванов матыыбыгар “Ферма кыргыттара” хит буолбут ырыа быйыл 45 сааһын туолла.