10.10.2022 | 12:00 | Просмотров: 539

Эһиил ДСК оройуонугар 990 миэстэлээх оскуола үлэҕэ киириэҕэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэҕэ иккис улахан оскуоланы – 990  миэстэлээх оскуоланы Дьокуускай куорат ДСК дьоҕус оройуонугар тутан, 2023 сылга үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Бу туһунан СӨ тутууга миниистирин бастакы солбуйааччы Галина Новикова иһитиннэрдэ.

Сотору  кэминэн тутуу үлэтэ саҕаланар. Оскуола тутуута Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын уонна «ПроШкола» ХЭТ концессионнай сөбүлэҥ түһэрсиилэринэн ыытыллар.

«Бу сыл сэтинньитигэр Дьокуускай куоракка «Прометей» оройуоҥҥа баар 990 миэстэлээх оскуола үлэтин саҕалыаҕа. Оттон 2023 сылга ДСК дьоҕус оройуонугар 990 миэстэлээх уонна Жатай бөһүөлэгэр 360 миэстэлээх оскуолалар тутуллуохтара. Сотору кэминэн үлэлэр саҕаланыахтара», - диэтэ СӨ тутууга миниистирин бастакы солбуйааччы.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.