08.05.2022 | 09:01

Дьокуускайга саҥа сквер баар буолуоҕа

Дьокуускайга саҥа сквер баар буолуоҕа
Ааптар: Раиса Чирикова
Бөлөххө киир

Саха АССР Конституциятын уонна Декларациятын бэлэмниир хамыыһыйа кыттыылааҕа Георгий Семенович Ефимов быйыл төрөөбүтэ 130 сылын туолла.

Г.С. Ефимов 1892 сыл муус устар 10 күнүгэр Дьааҥы Бастакы Дьуhаал (билиҥҥи  Дулҕалаах) нэһилиэгэр Семен Васильевич Ефимов-Дьуhаал Сэмэн дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дьэкиимэп аҕа ууhуттан өрөбөлүүссүйэ иннинэ Дьааҥы биллэр баайдара, меценаттара, үөрэхтээхтэрэ, улуус кулубалара үөскээбиттэрэ. Сэбиэскэй кэмҥэ Дулҕалаах Дьэкиимэптэриттэн Саха норуодунай поэта Моисей Дмитриевич Ефимов тахсыбыта. 

Георгий Ефимов төрөөбүтэ 130 сылынан
Дьааҥы улууhун Дулҕалаах  нэhилиэгэр  "Баччаhыт" диэн сиргэ Дьэкиимэп аймах биир биллэр өтөхтөрүн улуус бүддьүөтүттэн сөргүтэн, үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйыы сиэрэ-туома ыытылынна. 
Тэрээhиҥҥэ Дьокуускайтан норуодунай поэт М.Д. Ефимов сиэнэ, "Саха" НКИК генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Ирина Владиславовна Ефимова уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Олоҥхо тыйаатырын үлэһитэ Виктор Павлович Стручков ыалдьыттаатылар. 

Дьааҥы улууhун баhылыга Г.И. Чириков туруорсуутунан, СӨ Ил Дархана А.С.Николаев дьаhалынан тэриллибит Георгий Семенович Ефимов төрөөбүтэ 130 сылыгар аналлаах СӨ Бырабыыталыстыбатын анал хамыыһыйатын бырагырааматынан тэрээһиннэр сыл  устата ыытыллыахтара. Ол курдук, Дьокуускайга Г.С.Ефимовка аналлаах сквер арыллыаҕа, бюст туруоҕа, научнай-практическай конференция тэриллиэҕэ, "Национальнай интеллигенция" сиэрийэҕэ Г.С.Ефимов олоҕор анаммыт кинигэ тахсыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....