Дьокуускайга үөрэнээччилэргэ, төрөппүттэргэ, учууталларга психологтар көмөлөһөллөр
Коронавирус тарҕаныытын уодьуганныыр сыаллаах “самоизоляция” кэмигэр “Психологическай медико-социальнай арыаллааһын киинэ” үөрэхтээһин боппуруостарыгар нэһилиэнньэҕэ ыраахтан көмөнү оҥорор.
Үөрэхтээһин управлениетыгар кэпсээбиттэринэн, кулун тутар 18 күнүттэн муус устар 8 күнүгэр диэри, психологтар көмөлөрүнэн 36 киһи туһаммыт. Уопсайа “самоизоляция” кэмигэр киин үлэһиттэрэ 68 консультация, 16 төрөппүккэ уонна оҕоҕо видеонан логопедическай дьарык биэрбиттэр, өссө да 66 дьиэ кэргэн психолог сүбэтин ылыыга уочаракка турар.
“Психологическай медико-социальнай арыаллааһын киинин” үлэһиттэрэ оскуола психолог-педагогтарын кытта методическай үлэни ыыталлар. Сотору кэминэн онлайн-семинардары учууталларга уонна төрөппүттэргэ ыытары былаанныыллар.
Оҕо эрэллээх буолуутун быһа линията үлэлиир: 8-800-2000-122 уонна 35-50-50.