28.11.2024 | 12:00

Дьокуускай куорат прокуратурата иһитиннэрэр

(Дьокуускайдааҕы прокуратура сэтинньи 18 күнүнээҕи матырыйаалларынан)
Дьокуускай куорат прокуратурата иһитиннэрэр
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Санкцията суох бөҕү тоҕууга миэрэ ылылынна

Дьокуускайдааҕы прокуратура, өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын дьаһалынан, Уус Алдан улууһун нэһилиэнньэлээх пууннарыгар бөҕүнэн туолбут сирдэр баалларын туһунан иһитиннэриини бэрэбиэркэлээтэ.  Маны сэргэ Хатас сэлиэнньэтигэр тутуу бөҕө ыһыллыбыта баара чопчуланна. Бу түмүгэр Хатас нэһилиэгин быраабатын салайааччытыгар көрдөрүү суругу туттардылар. Оттон Уус Алдан улууһун Мүрү нэһилиэгин баһылыгар Уус Алдан улууһун прокуратурата бөҕү суох гыныыга үлэ барбатаҕар эмиэ көрдөрүү суругу туттарда, ону таһынан прокурор уурааҕынан олохтоох бэйэни салайыныы дуоһунастаах сирэйэ РФ КоАП 6.35 ыстатыйатынан административнай эппиэтинэскэ тардылынна. Прокурордар ылбыт миэрэлэринэн бу киртитиллибит сирдэри ыраастааһын үлэтэ барда. Маннык хабааннаах сокуону кэһии эйгэтигэр бэрэбиэркэлиир үлэ салгыы барар.  

 

178 киһини сымыйанан регистрациялаабыт

Дьокуускайга 178 киһини сымыйа учуокка туруорууга уонна регистрациялааһыҥҥа буруйдуур холуобунай дьыала суукка утаарылынна. Ол курдук, Дьокуускайдааҕы прокуратура 42 саастаах куорат олохтооҕо дьахтарга көбүтүллүбүт холуобунай дьыалаҕа кинини буруйдуур түмүгүн бигэргэттэ. Дьахтар РФ ХК 322.3-с ыстатыйатынан (атын дойду гражданинын РФ-га кэлбит сиригэр сымыйанан учуокка туруоруу) уонна РФ ХК 322.2-с ыст. (атын дойду гражданинын РФ-га кэлбит сиригэр баар олорор дьиэҕэ сымыйанан регистрациялааһын) буруйданар.

Силиэстийэ көрдөрөрүнэн,  буруйданааччы 2023-2024 сс. бэйэтэ бас билэр олорор дьиэтигэр, үп-харчы өттүнэн барыһырар сыалтан, дьиҥнээхтик олорор дьиэнэн хааччыйар сорунуута суох, 132 атын дойду уонна 46 Арассыыйа гражданнарын албыннаан учуокка туруорбут уонна регистрациялаабыт. Бу дьыала буруйдуур түмүгэ бигэргэнэн, суут көрүүтүгэр атаарылынна.

 

Оҕо балаһааккатыгар охсууттан харыстыыр анал бүрүөһүнү таҥыахтара

Дьокуускай куорат прокуратурата оҕо балаһааккаларыгар куттал суох буолуутун хааччыйарга сокуон төһө тутуһуллубутун бэрэбиэркэлээтэ. Ол түмүгэр, Ленин проспегын 62-гэр баар оҕо балаһааккатын бүрүөһүнэ  кытаанах бетон ньуурдааҕа, оҕо охтор түгэнигэр, эчэйиигэ тириэрдэр кутталлааҕа быһаарылынна. Прокуратура көрдөрүү суругу киллэрдэ, салайар хампаанньаны балаһааккаҕа охсууттан харыстыыр бүрүөһүнү таҥарга эбээһинэстиир туһунан иск суукка түһэрдэ. Суут прокурор ирдэбилин олоччу толорорго быһаарда.

 

Кэрэ аҥаары үөҕүү иһин эппиэттиэ

Дьокуускай куорат прокуратурата ыыппыт бэрэбиэркэтин түмүгүнэн куорат олохтооҕо дьахтары атаҕастаабытын иһин административнай эппиэтинэскэ тардылынна. Куорат олохтооҕо дьахтар ыаллыы олорор киһитэ кини аатын уонна чиэһин түһэрбитин туһунан үҥсүү киллэрбитигэр, бэрэбиэркэ үлэтэ ыытылынна. Онно быһаарыллыбытынан, ыаллыылар иирсибиттэрин түмүгэр эр киһи элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэрин таһыгар туран дьахтары  кини аатын-суолун түһэрэр, атаҕастыыр тылларынан үөхпүт. Прокуратура бу иирсээни төрүттээччи киһиэхэ административнай сокуону кэһиигэ РФ КоАП 1 ч. 5.61 ыст. (атаҕастааһын) дьыаланы көбүттэ.

Мировой судьуйа бу дьыаланы көрөн баран буруйдааҕы 3000 солк. ыстарааптыырга уураахтаата. 

 

Иккиһин арыгы иһэн баран уруулга олорууга буруйданыа

Дьокуускай прокуратурата куорат олохтооҕун холуобунай дьыалаҕа буруйдуур аактатын бигэргэттэ. Кини икки түгэҥҥэ буруйданна: РФ ХК 1 ч. 264-с ыст. (тырааныспары иккиһин итирик туруктаах ыытыы). Холуобунай дьыалаҕа этиллэринэн, 33 саастаах буруйданааччы бу иннинэ эрдэ медицинскэй бэрэбиэркэни барартан аккаастаныы иһин административнай эппиэтинэскэ тардылла сылдьыбыт. Ол кэннэ эмиэ арыгы испит туруктаах матассыыкылы ыытан иһэн ГИБДД-га тутуллан, матассыыкыла анал стоянкаҕа ууруллубут. Ол эрээри буруйданааччы бу күн итирик туруктаах аны атын тырааныспарыгар олорон суол саахалын таһаарбыт.

Бу холуобунай дьыала суут көрүүтүгэр утаарылынна. Силиэстийэ кэмигэр буруйданааччы икки тырааныспара бобууга уурулунна.

Хоромньуну харчынан толуйуо

Прокуратура куорат олохтооҕо оптуобус суоппарыттан моральнай хоромньуну оҥорбутун иһин харчынан толуйууну ыларыгар көмөлөстө. Ол курдук, оптуобус суоппара суол быраабылатын кэһиититтэн атын массыынаҕа анньыллыбыт. Эмискэ туормастыырыгар оптуобус пассажира охтон, этин-сиинин өлөрбүт, инньэ гынан бу суол саахалыгар эт-хаан эрэйдэниитин, өй-санаа өттүнэн эмсэҕэлээһини ылбыт.  Үҥсээччи быраабын төнүннэрэр сыалтан, куорат прокурора оптуобус суоппара үлэлиир тырааныспарын тэрилтэтигэр ирдэбил сайабылыанньаны оҥороллоругар көҕүлээтэ.

Түмүккэ суут 50 тыһ. солк. кээмэйдээх эйэлээх сөбүлэҥи бигэргэттэ.

 

Улахан кээмэйдээх уорууга дьыала тэрилиннэ

Баан счетуттан улахан кээмэйдээх уорууга “Якутское” Арассыыйа ИДьМ-н межмуниципальнай салалтата көбүппүт холуобунай дьыалатын  (РФ ХК п.п. “в”, “г” 3 ч. 158 ыст.) үөрэтэн көрөн баран Дьокуускай куорат прокуратурата сокуоннайынан аахта.

Хара санаалаахтар төлөпүөнүнэн медицинскэй өҥөнү оҥорор сылтаҕынан Дьокуускай олохтооҕо дьахтары бутуйбуттар уонна төлөпүөнүгэр биллибэт файлы туруорунарыгар итэҕэппиттэр. Дьахтар бу файлы туруоруммутун кэннэ анал бырагырааманан “ВТБ” ПАО онлайн-бааныгар киирэннэр 366 тыһ. солк. харчытын счетуттан устан ылбыттар.

Билигин бу холуобунай дьыаланы сиһилии үөрэтэр, силиэстийэлиир үлэ барар.

 

Эчэйбит оҕоҕо моральнай хоромньуну төлүө

Дьокуускай прокуратурата оҕо балаһааккатын куттала суох буолуунан хааччыйарга миэрэлэри ылла. Ол курдук, төрөппүт киллэрбит үҥсүүтүнэн  аҕыс саастаах оҕо элбэх кыбартыыралаах дьиэ аттыгар баар оҕо балаһааккатыгар оонньуу сырыттаҕына харайыллан турбут тимир конструкциялар суулланнар, сирэйин эчэппит. Прокуратура бу үҥсүүнү бэрэбиэркэлээтэ. Бу балаһаакканы сөбө суох көрүүттэн оҕо эчэйиитэ урукку кэмҥэ эмиэ буола сылдьыбыт. Ол курдук, 2023 с. сэтинньитигэр “Якутск” ХЭТ салайар хампаанньа дириэктэрэ техническэй регламент ирдэбилин кэһиигэ буруйданан, административнай эппиэтинэскэ тардыллыбыт, 20 тыһ. солк. ыстарааптаммыт эбит.

Куорат прокуратурата бу сырыыга салайар хампаанньаҕа көрдөрүү суругу түһэрдэ, ол түмүгэр тимир конструкциялары балаһааккаттан суох гыннылар, буруйдаах дисциплинарнай эппиэтинэскэ тардылынна. Маны таһынан суут прокурор ирдэбилин толорон, “Якутск” ХЭТ салайар хампаанньа сокуоннай сааһын туола илик эмсэҕэлээччигэ 100 тыһ. солк. моральнай хоромньуну толуйарыгар уураахтаата, “Потребителлэр бырааптарын көмүскээһин” РФ сокуонугар сөп түбэһиннэрэн, 50 тыһ. солк. ыстарааптыырга модьуйда.

Суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик.

 

Спорт маҕаһыыныттан малы уорууга буруйданыа

Дьокуускайга баар спорт маҕаһыыныттан малы уорууга буруйдуур холуобунай дьыаланы прокуратура бигэргэттэ. Ол курдук 37 саастаах куорат олохтооҕо РФ ХК 1 ч. 158 ыст. (уоруу, кистээн атын киһи баайын-дуолун уоруу) эппиэттиэ. Холуобунай дьыала матырыйаалларыгар сурулларынан, буруйданааччы бу дьыл балаҕан ыйыгар маҕаһыын таҥаһы кэтэн көрөр сиригэр, үлэһиттэр, туора дьон суох кэмнэригэр түбэһиннэрэн, спортивнай бүрүүкэ, силиэт уонна куурка иҥиннэриллибит магниттарын туурбут, ол кэннэ бу таҥастары таҥаһын үрдүнэн кэтэн маҕаһыынтан тахсан барбыт.

Ыытыллыбыт үлэ түмүгэр буруйдаах кимэ билиннэ. Буруйданааччы бу буруй иһин 2 сылга диэри хаайыллыан сөп.

 

Наркотигы батарыыга сорунуу

Прокуратура икки сокуоннай саастарын туола илик Дьокуускай куорат олохтоохторун буруйдуур дьыаланы бигэргэттэ. Буруйданааччылар РФ ХК 3 ч. 30-с  ыст. “г” п. 4-с ч. 228 ыст. (наркотиктаах сириэстибэлэри сокуоннайа суохтук батарыыга сорунуу, о.э. сокуоннайа суох наркотическай сириэстибэлэри бөдөҥ кээмэйинэн батарарга быһаччы хайысхалаах дьайыылары билэ-билэ оҥоруу, информационнай-телекоммуникационнай ситимнэри (ол иһигэр интэриниэти) туһанан бөлөҕүнэн киксии, буруйу оҥоруу тиһэҕэр тириэрдиллибэтэҕэ киниттэн тутулуга суоҕа).

Силиэстийэ көрдөрөрүнэн, буруйданааччылар интэриниэккэ суруйсуунан биллибэт сирэйтэн наркотиктаах вещество кэпсэтиллибит сиргэ кистэммитин билбиттэр. Онтон салгыы батарар соруктаах 50 пакеттаммыт, 44,403  грамнаах гашиһы ылбыттар. Ол кэннэ полиция үлэһиттэригэр харыларыттан тутуллубуттар.

Буруйданааччылар буруйдарын, туһа таһаарынар санааттан манныкка тиийбиттэрин билиммиттэр. Прокуратура буруйдуур түмүгүн бигэргэппитин кэннэ дьыала суут көрүүтүгэр утаарылынна.

 

Дьокуускайга оптуобус умайыытын бэрэбиэркэлиэхтэрэ

Дьокуускай прокуратурата маршрутнай оптуобус умайыытын бэрэбиэркэлиир үлэни тэрийдэ. Бэрэбиэркэ суолга куттал суох буолуутун быраабылатын тутуһуу, дьону таһыыны тэрийии төһө сокуоннайдык барбытын быһаарыа. Өскөтүн сокуону кэһии көһүннэҕинэ, прокуратура сөптөөх миэрэлэри ылыа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....