01.06.2024 | 17:00

Дьикти түбэлтэ

Дьикти түбэлтэ
Ааптар: Ираида Коркина-Чугдаар Кыыс
Бөлөххө киир

Уйбаан Уйбаанабыс сураҕа суох сүппүтүн туһунан сурах нэһилиэги биир гына тилийдэ. Сарсыарда олус хойуу сиик түспүт этэ. Ойоҕо халдьаайыттан көрөн турдаҕына, эр киһи алааһы бүтүннүү тарҕаммыт күдэрик тумаҥҥа ынахтарын көрдүү киирбитэ уонна ол кэнниттэн ууга тааһы бырахпыттыы мэлийбитэ... Дьахтар бу киһи туман түспүтүн туһанан арыгыһыт доҕотторун диэки сүүрбүт дии санаан, мөҕүттэ-мөҕүттэ, ынахтарын бэйэтэ ыабыта.

Уйбаан Уйбаанабыс сарсыныгар уонна өйүүнүгэр кэлбэтэҕэр, ойоҕо дьэ айманан, милииссийэлэри, нэһилиэги атаҕар туруоран, түрүлүөнү тарда сырыттаҕына, киһитэ харааран-барааран, үлтү сылайан, сыккырыыр тыына эрэ ордон дьиэтигэр киирэн кэлбитэ. Киһилэрэ арыый уоскуйаат, олус дьиибэ кэпсээннээх буолбута.

– Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ, кыралыйан турар кырдьыгы кэпсиибин...  Арай, алаас ортотугар киирээт, олус муода томторуктаах, биһиги ынахтарбытыгар холоотоххо быдан кэтит көрүҥнээх, хойуу будьурхай түүлээх кыра ынах турарын көрдүм. Соччо кыһаллыбакка, салгыы хааман истэхпинэ, туманым сүтэн хаалла. Арай көрбүтүм доҕоор, кип-киэҥ билбэт хонуубар баар буола түспүппүн. Ити ырааһыйа устун сүөһү бөҕө мэччийэ сылдьар эбит! Хаһан да көрбөтөх хойуу оттоох ходуһабар үктэнэн, соһуйуу бөҕөтүн соһуйан, уҥтум дуу, дөйдүм дуу, биитэр өллүм дуу дии санаан, бэйэбин кымаахтаан көрдүм. Онтон харахпын быһа симэн баран арыйбытым – билбэт үтүө сирбэр өссө даҕаны турабын. Хочо түгэҕэр күөх хойуу тыалаах мыраан көстөр. Илин диэки өттүгэр түптэ буруолара унаарыйарга дылылар. Онно дьон баар сибикитин билэн, ол диэки хаамтым.  Чугаһаан көрбүтүм: хас даҕаны туос ураһа, мастарынан оҥоһуллубут туруору тордохтор, эрээттэринэн сиэдэрэй сэргэ арааһа бөҕө турар эбит.

Ол ураһаларга лаппа чугаһаан көрбүтүм: тастарыгар олох былыргы сахалыы, бороҥ өҥнөөх таҥастаах хас даҕаны эр киһи сылдьар. Кинилэр аттыларынан оннук былыргы моһуоннаах таҥастаах, төбөлөрүгэр тирии бастыҥа курдуктаах дьахталлар олорон эрэ тугу эрэ гыналлар, быыһыгар кырачаан, сыгынньах оҕолор сүүрэкэлэһэллэр. Мин иһэрбин бастаан биир уһун уҥуохтаах киһи бэлиэтии көрдө. Онтон бэйэтин курдук эр киһини кытта миэхэ утары хаамтылар. Иккиэн кэтит, кыаһаан дьүһүннээх сирэйдээхтэр, күн сиэбититтэн килэрийбит халыҥ иэдэстээхтэр, уһун сыыйыллаҕас муруннаахтар, кыараҕас эрээри моонньоҕон отонун курдук тобулу көрбүт харахтаахтар, хойуутук үүммүт хаастаахтар. Мин аттыбар сүр түргэнник хааман кэллилэр уонна, баспыттан атахпар диэри одуулаат, кыараҕас харахтара төгүрүйдэ. Кэтэ сылдьар тирии бэргэһэлэрэ күҥҥэ сиэниллэн сырдаабыт, оннук матырыйаалтан тигиллибит сону кэппиттэр, онтукаларын тирии курунан бааммыттар.

Мин олус соһуйан, тылбын ыйыстан, туох диэн саҥа таһаарарбын билбэккэ турдахпына, биирдэстэрэ: "Хайа диэкиттэн иһэҕиний? Ханнык уускунуй? Кимтэн кииннээх, хантан хааннаах киһигиний? Кимҥиний?!" –диэн сөҥ куолаһынан унаарытан ыйытта, тута сылдьар үҥүү курдук мас тэрилин утары тутта, сүүһүн аннынан дьөспөччү көрдө.

Мин этим-сииним салыбыраан, быдан ааспыт былыргы кэмҥэ тиийэн кэлбиппин курдаттыы таайдым уонна: «Баһаалыста, бырастыы гыныҥ, мин эһиэхэ туох даҕаны куһаҕаны оҥоруом суоҕа, мунан хааллым. Бырастыы гыныҥ, хайдах манна кэлэн хаалбыппын бэйэм да билбэккэ турабын. Кэниэһинэ, эн миигиттэн явно муодарҕыы турар буолуохтааххын. Мин аныгы кэм сахатабын ээ! Куоракка буолбакка, дэриэбинэҕэ олоробун, эһиги курдук ынах иитэбин, улахан тойотторбут тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга оҥорбут бырагыраамаларыгар хапсан, бааһынай хаһаайыстыба буолбутум... Онон, мин эһиги курдук ынах-сүөһү иитэбин. Сахабын ээ мин, сахабын», – диэн кутталбыттан төһө кыалларынан ыраастык сахалыы, куллурҕаччы кутан, саҥаран кээстим.

Онуоха биирдэстэрэ: «Урааҥхай диэхпин олох атыннык саҥарар, атын омук диэхпин эмиэ даҕаны биһиги омук тылын быыһыгар-ардыгар кыбытар дьиибэ тыллаах-өстөөх киһи буолан биэрдиҥ! Биһигини кытта аата аар саарга аатырбыт, суон сураҕырбыт Тыгын Дархан ылгын уолун моҕол ураһатыгар барса тарт!» – диэт үҥүү курдук тэриллэрин уһуктаах өттүн миэхэ туһаайааттарын, уҥуоҕум халыр-босхо барыар диэри куттанным уонна эппит сирдэригэр барыстым.

Иннибэр кинилэргэ майгынныыр моһуоннаах, таҥастаах-саптаах эр дьон уонна дьахталлар чугаһаатылар. Бары миигин олус дьиибэргээбиттии, сыныйан көрөллөр. Били үрдүк уҥуохтаах эр дьонум хас эмэ туос ураһаны, мас тордохтору аһардан, олус сиэдэрэй, толуу көрүҥнээх үрдүк ураһаҕа киллэрдилэр. Биирдэстэрэ санныбыттан үтэн холумтан таһыгар аҕалла уонна: "Тобуккар олор! Нөрүөҥҥүн нөргүт!" – диэн соруйда.

Мин тобукпар олордум. Оттон тириинэн бүрүммүт кэтит быыс кэнниттэн дьабакаҕа майгынныыр үрдүк түү бэргэһэлээх, бэркэ кичэллэн тигиллибит тирии сонноох, халыҥ курдаах, үрдүк уҥуохтаах, номоҕон көстүүлээх саха эр бэрдин бастыҥа, дьэ киһи тойон диэн илэ-чахчы ааттыыр эр киһитэ тахсан кэллэ. Иннибэр улахан олоппоско олордо уонна ыйыппыттыы көрдө.

– Үтүө күнүнэн, Мин Уйбаан Уйбаанабыс Ньукулаайап диэммин. Эйиигин олус убаастыы көрдүм. Наһаа астык, кэрэ дойдуга соһуччу кэлэн хаалбыппыттан бэйэм даҕаны муодарҕыы аҕай сылдьабын. Баһаалыста, миигин накаастаама, оо, тойон киһи! Мин бэйэм эмиэ сүөһү тутабын, эмиэ эһиги курдук саха киһитэбин ээ. Мин инники кэмтэн эһиэхэ кэллим быһыылаах. Ол эрээри, итэҕэйбэккит буолуо дии... – дии-дии саҥаран, кутан кээстим.

– Дьэ, нойоон, биһиги диэки кэлэр киһи ат аттанан, көлөлөнөн, ыһык ыһыктанан, дьалысхан аартыгы арыйан, ыраах айаҥҥа турунан кэлэр күннээх эбит буоллаҕына, таҥастыын-саптыын даҕаны биһиэхэ майгынныыр, саҥалыын-иҥэлиин даҕаны урааҥхайдыы буолар куолута. Оттон эн диэтэх киһи дьиибэ бэйэлээххин, сороҕор саха тыла кыбытыктааххын, урааҥхай удьуора таҥастыын-саптыын сарыы буолар куолу этэ. Эйигин абааһы диэхпин иннинэн сирэйдээх, иэгэлдьийэр атахтаах киһигин. Аны улуу эбэ уҥуоргу кытылыгар, хотугу улуу уустар кэтит киэлилэригэр тэнийбит, үгүс сири кэрийэн үөскээбит тоҥ уустарга майгыннаабаккын... Этэ тарт! Хайа эҥээртэн, ханнык ааттаах-суоллаах дойдуттан кэллиҥ? Кимтэн кииннээххиний? – дии-дии тойон киһи сөҥ куолаһынан бардамнык саҥарда.

– Мин Чурапчыттан сылдьабын...

– Ситинник ааттаах-суоллаах дойдуну кулгаахтаан истибэтэҕим, харахтаан көрбөтөҕүм... – били иннибэр баар тойон киһи хойуу бытыгын толкуйдаабыттыы имэрийдэ.

– Оттон эһиги кимҥитий?

– Дьэ, биһиги диэтэх дьон орто туруу дойдуга өҥнөөх ходуһалаах, чулуу Туймаада дьоһун хонуутугар, суон сураҕырбыт хочотугар үгүс сыллар тухары урааҥхай саха кэтит кэскилин тэнитэн, ууһун уһатан, Эллэйтэн төрүттээх, Хаҥаластан хааннаах улуу дьон сыдьааннарабыт.

– Ээ, оттон эн бэйэҥ кимҥиний?

– Мин диэтэх киһи иэйэхситтээх Эркээни, дьоллоох-күөннээх киэҥ Туймаада хочотун урааҥхай сахаларын барыларын баһылыктара, суон сураҕырбыт, албан аатырбыт, уоттаах харахтааҕы утары көрдөрбөтөх Тыгын Дархан тойон ылгын уола Бэдьэкэ Бөҕө буолабын!

– Дьэ улуу дьон иннигэр субу курдук олорор чиэскэ тиксибит эбиппин дии! Баһаалыста миигин өлөрүмэҥ дии! Мин дойдубар Чурапчыга тапталлаах кэргэним хаалла ээ, кини хотонун бэйэтэ эрэ көрүө дуо? Оҕолорбут бары Дьокуускай куоракка көһөн барбыттара, сүөһүбүтүн бэйэбит эрэ көрөөхтүүрбүтүгэр тиийэбит.

– Хотон көрөбүн диигин дуо? Төһө ынах сүөһүлээх киһигиний?

– Ээ, уон икки...

– Кэмчи даҕаны сүөһүлээх дьон эбиккит. Аҕам Тыгын Дархан ойох ылыахпыттан сыһыы-сыһыы муҥунан сыспай сиэллээҕи, алаас-алаас муҥунан хороҕор муостааҕы энньэлээбитэ.

– Ээчи элбэҕиин!.. – диэн саҥа аллайбыппын билбэккэ хааллым.

– Мин диэтэх киһи айбыт аҕам Тыгын Дархан тойон уонна күбэй ийэм Аабый Хотун долгуйар тутаахтара, көрөр харахтарын харата, көтүрдэр тиистэрэ – ылгын уоллара буоллаҕым.

– Оо, Тойонум, миигин баһаалыста тыытымаҥ дии, били булбут сирдэригэр илдьэн кэбиһиҥ миигин, оччоҕо, били туман түстэҕинэ, дойдубар, бэйэм кэммэр, 2022 сылбар төннүөм этэ... Арба, эһиэхэ хаһыс сылый?

– Бу күн сиригэр сүүрбэ ахсыс хаарбар үктэнним. Эн диэтэх киһи саҥаҥ быыһыгар өйдөммөт тыллары саҥараҥҥын, атыннык онолуйаргын ырыҥалаан, маннык дьиибэ дьибэлгэккэ түбэспэтэх бэйэкэм буолан, соһуйуоҕунан соһуйан олоробун.

– Мин бу хаһыс сылга кэлбитим эбитэ буоллар? Арба даҕаны, сиэппэр төлөпүөннээх этим ээ. Ылан эһигини хаартыскаҕа түһэртиир эбиппин. А туо бэйэм кэммэр тиийдэхпинэ, ким даҕаны итэҕэйиэ суоҕа, – диэн баран сиэппиттэн суотабай төлөпүөммүн хостоон, утары олорор Тыгын Дархан уолун хаартыскаҕа түһэрдим. Онуоха Бэдьэкэ Бөҕө ойон турда, миигин боотурдарыгар туттараат, соһуйбута, кыратык уолуйбута бэрдиттэн хаһыытыы былаастаан саҥарда:

– Бу туох абааһы киһитэ биһигини буулаатаҕай! Сиэбигэр уот чаҕылхайынан курбуулуур дьиибэ сээкэйи илдьэ сылдьар кимэ биллибэт дьиккэр, быһыыта! Суһаллык, Удаҕан аҕаспын Тыаһааныны ыҥыра тардыҥ!

Дьэ тойонноро хаһыытаабытын истэн, аймалҕан бөҕө тахсыбытыныы сүүрүү, төттөрү-таары киирии-тахсыы буолла. Миигин били аҕалбыт дьонум таһырдьа баҕанаҕа кэлгийэн кэбистилэр. Онтон ким эрэ атынан били удаҕаны аҕалтара ыыттылар быһыылаах. Ол бириэмэҕэ биир обургу соҕус уоллаах кыыс сирэйбин-харахпын интэриэһиргээн өҥөйдүлэр.

"Бу эр киһи сирэйин дьүһүнэ кыаһаан да, бороҥ саха да курдук буолбатах эбит доҕоор, туох дьиибэ өҥнөөҕүй? Били хаһан эрэ мыраан арҕаа тыатыгар туһахтыы сылдьан көрсүбүт тоҥ уустарбытыгар майгынныыр сырдык субалаах, хараҕа эмиэ сырдык, наһаа дьиибэ", – дии-дии чох курдук чоҕулуйбут харахтаах кыысчаан тобулута көрдө.

Онтон анарааҥҥыта: "Эн хайа омуккунуй дуу, уускунуй дуу? Хаһан даҕаны эн курдук сэбэрэлээх киһини көрбөтөҕүм», – дии-дии сирэйбин одуулаата. Арба даҕаны, ийэм нуучча аҥаардаах дьахтар этэ дии, ол хаана өтөн, кыра бааһынайдаах дьүһүммүн атыҥыраатылар быһыылаах.

Дьэ, сотору кэминэн лаппа эдэр, үтүө-мааны көстүүлээх кыыс-дьахтар Тыаһааны Удаҕан атынан көтүтэн кэлэн, аттыбар турда. Кини миигин уоттаахтык, супту одуулуу-одуулуу, ботугураата: "Буспатах мунду миинин курдук чалбаҕынан көрбүт сырдык харахтаах, былыргы тоҥус бииһин курдук биллибэт омуктан сыдьааннаах, үөскээбит-төрүөбүт дойдута биллибэтэх, атын дьиибэ аҕа ууһуттан төрүттээх, ситэри сиппэтэх саха аҥаардаах эрэйдээҕи эмиэ даҕаны аһынным эбээт", – диэт, дүҥүрүн охсо-охсо кыыран барда...

Кини кыыран бүтээтин били туман хочону биир гына түстэ. Мин дөйүөрэн хаалбыт курдук буолан ыллым. Онтон өйдөнөн кэлбитим – аны уу таһыгар турабын. Иннибэр былыргы моһуоннаах сүүнэ улахан хараабыл турар.

Аны кимнээххэ баар буола түстэхпиний диэн, көрсүбүт дьиктилэрбэр үөрэнэн хаалбыт буоламмын, сонньуйдум. Туман толору суох буолаатын кытары, хараабыл иһиттэн хойуу көп бытыктаах, уһун унньулуйбут сирэйдээх, ортотугар диэри уһун, тэлээркэй, куул курдук халыҥ матырыйаалтан тигиллибит күөх сонноох, саатын туора иилиммит икки сааһырбыт нуучча дьоно тахсан кэллилэр.

Мин кытылга турарбын көрөөт, олус соһуйдулар быһыылаах. Нууччалар буолалларын таайаат, уу нууччалыы дорооболостум ээ. Онуоха саһархайдыҥы бытыктаах эр киһи кэтэ сылдьар папаха бэргэһэтин уһулан, халлаан диэки хайыһан кириэстэннэ уонна: "Отче Наш на небесах, да святится Имя Твое, да прибудет Царствие твое и на земле и на небе..." – диэн мэлииппэ аахта. Онтон биирдэстэрэ эр санаатын ылла быһыылаах уонна миэхэ утары супту хааман кэллэ:

– Эй, откуда знаешь наш язык, ащеле не казак и русской земли человек?

–  Я - якут. Я из Якутии. Где я нахожусь?

– А ты откуда знаешь наш язык, базыга? Не бес ли?! – били малыыппа аахпатах нууччата күөх хараҕынан супту көрөн, саатын ылан аны миэхэ утары тутта. Субу абааһыны көрбүт курдук куттаммыт көрүҥнэннэ.

– Я ваш человек. Ведь кожа светлая у меня, мама моя была полурусской, а отец якут. Здесь – якутская земля, не убивайте меня, пожалуйста, – дии-диибин илиибин көтөхтүм уонна тобукпар олордум.

– Ой, батюшки. Неуж-то до нас сюда прибыли рожаки из наших земель? Не может быть такого, что ноги такого алахаря, говорящего на языке Руси, ступал на эти северные земли...

– Простите, не убивайте меня, если так сказать, то я – человек из будущего... Прошу, отпустите меня пожалуйста.

– Чаво? Поймать, беса! – били малыыппа аахпыт киһитэ хамаандалаабыттыы саҥарбытыгар, мин ойон тураат инним хоту ыстанным. Кэннибэр саа тыаһа иһилиннэ. Дьолбор били туманым баар буола охсон, онно умустум даҕаны тута өйбүн сүтэрэн кээстим. Уһуктан кэлбитим, алааһым ортотугар сытар эбиппин. Ол кэнниттэн эһиэхэ бу кэллим.

***

Били хаалбыт хаһаак дьоно көрсүбүт дьикти киһилэрин туһунан атамааннарыгар уонна атыттарга кэпсээбиттэрэ даҕаны, анарааҥҥылара итэҕэйбэтэхтэрэ. Кинилэри арыгылаан өйгүт хамсаабыта буолуо диэн балыйбыттара. Оттон били малыыппа аахпыт киһи саҥа сири кэрийэ, хаама сылдьан: "Мне говорили, это – якуцкая земля", – диир буолбута. Инньэ гынан, биир докумуоннарыгар оннук суруйан кээһэн, онтон ылата Сахабыт сирин "Якуцкая земля" диир буолбуттар. Дьэ, Уйбаан Уйбаанабыс алҕаска көрсүбүт хаһаактарыгар итинник диэн этэн кэбиспитин аанньа, билигин дойдубут Якутия диэн, Оттон омукпут "якуты" диэн суруллан хаалбыт эбит...

Итэҕэйиҥ-итэҕэйимэҥ...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....