13.05.2022 | 16:57

Дьиэ кэргэним – көмүс биһигим

Дьиэ кэргэним – көмүс биһигим
Ааптар: Петр Слепцов, “Арчы дьиэтэ” ДКК исписэлииһэ
Бөлөххө киир

Бүгүн, ыам ыйын 13 күнүгэр, Аан дойдутааҕы Дьиэ кэргэн күнүн көрсө, “Арчы дьиэтэ” духуобунай култуура киинигэр “Дьиэ кэргэним – көмүс биһигим” бастакы өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһин буолан ааста. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ сылыгар аналлаах тэрээһин Дьокуускай куоракка олохсуй     ан олорор, ыал буолбуттара быйыл 50-с сылларын, “кыһыл көмүс” сыбаайбаларын бэлиэтээбит 5 ытык ыалы алгыс сиэригэр-туомугар, дьиэ кэргэн ис сыһыанын кистэлэҥнэрин үллэстэр төгүрүк остуолга, аһаҕас кэпсэтиигэ түмтэ. \

Сахалыы сиэринэн мустубут ыалдьыттары Иван Герасимович Васильев – Алгыс Уйбаан алгыһынан көрүстэ, Арчы дьиэтин салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Лариса Константиновна Андреева Эҕэрдэ суруктары, сибэкки дьөрбөтүн кытта сиэргэ-туомҥа туттулар иһиттэри бэлэх уунна.

Дьиэ кэргэн аан дойдутааҕы күнүн ХНТ (ООН) Генеральнай ассамблеята 1993 сыллаахха уопсастыбаннас болҕомтотун дьиэ кэргэҥҥэ туһаайар сыаллаах олохтообута. Киһи киһи буолуута, сайдыыта дьиэ кэргэнтэн саҕаланар. Киһи аймах сыаннастара, култуурата, көлүөнэлэр солбуһуулара эмиэ барыта дьиэ кэргэҥҥэ иитиллэр. Дьиэ кэргэн бөҕө тутуллаах, байылыат олохтоох буоллаҕына, судаарыстыба бөҕөргүүр. Таптала, истиҥ сыһыана, сарсыҥҥыга эрэлэ суох киһи киһи буолбат, цивилизация эмиэ бу сыаннастарга олоҕурар. Маны барытын дьиэ кэргэн эрэ биэрэр кыахтаах.

Былыр-былыргыттан күн бүгүнүгэр диэри оҕону дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ омугуттан тутулуга суох ураты болҕомто ууруллар. Дьиҥ иһигэр киирдэххэ, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитии, үөрэтии бүтүн омук дьылҕатын быһаарар сүдү суолталанан тахсар. Ол курдук, бүгүн маҥнайгынан билсибит ыалбыт – 10 оҕо ийэлээх аҕата, элбэх сиэн эбэлээх эһэтэ Светлана Петровна уонна Иван Афанасьевич Портнягиннар.

Иккис ыалбыт Варвара Афанасьевна, Александр Николаевич Ивановтар – чөл олох кистэлэҥнэрин баһылаабыт ыал. Чулуу олимпиецпыт, бүтүн көлүөнэлэр кумирдара Александр Николаевич Иванову билбэт киһи суоҕа чахчы. Оттон ыал ийэтэ Варвара Афанасьевна Иванова спорт уонна медицина эйгэтигэр эмиэ биллэр-көстөр, ытыктанар  киһи. Чахчыта да, билиҥҥи бириэмэҕэ чөл олoххо улахан болҕомто ууруллар. Оҕону иитиигэ дьиэ кэргэн сүрүн төһүү буоларын киһи аймах былыргыттан билэр. Онтон оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга төрөппүттэр суолталара өссө улахан. Оҕо сарсыарда уһуктан баран араас хамсаныылары оҥорон этин-хаанын уһугуннарыан наада. Күнүс элбэхтик таһырдьа ыраас салгыҥҥа сылдьар, сүүрэн-көтөн оонньуур, кыһынын салаасканан, улаатан баран хайыһарынан хатааһылыыр буолуохтаах. Сайын кыра оҕону күн уотугар сөбүгэр көрөн сырытыннаран, сөтүөлэтэн, аҕатын-ийэтин кытта айылҕаҕа сылдьан эт-хаан сайдыытын култууратыгар уһуйуллуохтаах.

Норуот сайдар кэскилэ дьиэ кэргэн олоҕуттан улахан тутулуктаах. Биллэрин курдук, дьиэ кэргэн – уопсастыба туллар тутааҕа буолар, уопсастыба  олоҕун элбэх өрүттээх уустук хартыынатын хатылыыр, тэҥҥэ уларыйар. Билиҥҥи кэмҥэ олох уларыйан, дьиэ кэргэн элбэх ыарахаттары көрсөр: сыана ыарааһына, үлэтэ суох буолуу, духуобунас, сиэр-майгы өттүгэр намтааһыннар уонна да атыттар бааллара кистэлэҥ буолбатах. Оҕону иитии, үөрэтии, уһуйуу сүрүн эйгэтинэн дьиэ кэргэн буолар. Күннээҕи олох, үлэ, айылҕаҕа, киһиэхэ сыһыан, төрөппүт тус холобурун нөҥүө оҕо төрөөбүт норуотун төрүт культуратын өйүнэн-санаатынан өйдөөн, уйулҕатын ылынан, сүрэҕинэн-быарынан билэн улаатар. Биһиги үһүс ыалбыт – Арчы дьиэтин тутаах дьоно Ефросинья Михайловна, Валерий Герасимович Ивановтар.

50 сыл диэн эттэххэ дөбөҥ. Үйэ аҥаара устата харахтарынан хайҕаһаллара харааннаан да ылбакка, тапталларын кутаата күлүбүрэччи умайара уостан да көрбөккө, сахалыы сиэринэн сэмэйдик уонна дьоһуннаахтык олорон кэлбит ыал бар дьонугар кэпсиирэ, үөрүүтүн үллэстэрэ элбэҕэ саарбаҕа суох. Ол – ытык-мааны ыалбыт Ульяна Антоновна уонна Николай Кононович Сантаевтар дьиэ кэргэттэрэ.

Киһи бу орто дойдуга олорор олоҕор санаатын сырдатынан, бэйэтин ис тутулун билэн, этин-сиинин чэбдигирдэн, куура-хата сытар ис кыаҕын, дьоҕурун, кэрэтин арынан, бэйэтин туораттан көрө үөрэнэн, ииттинэн, бэйэтин таптаан-эрэнэн, тулалыыр эйгэтигэр, дьонугар-дойдутугар сыһыанын уларытан, дьиҥ сахатын итэҕэлин дириҥэр киирэн, өйдөөн, ылынан, тус бэйэтин дьылҕатын эрэ буолбакка, оҕотун, ыччатын кэрэ кэскилин кытта бэйэтэ салайар, тупсарар кыахтаах. Бу дьарыктарга олох төрдө — ыал, дьиэ кэргэн сыһыаныттан, оҕо иитиититтэн, бэйэ доруобуйатыгар бэйэ көмөлөһөр ньымаларыттан саҕалаан, айылҕа, куйаар тутулугар, итэҕэли, өбүгэ үгэһин, сиэри-туому олоххо туттуу, бэйэни, дьиэни-уоту ыраастаныы, харысхал туруорунуу курдук киэҥ эйгэни кытта сиһилии билсэллэр. Хайа баҕарар киһи, бастатан туран, тус бэйэтин үтүө өттүнэн уларыттаҕына тулата үтүө буолар, өйүн-санаатын сааһылаатаҕына, элбэҕи ситиһэр, чэбдигирэр ньыманы биллэҕинэ, этэ-сиинэ чэгиэн буолар, бэйэтэ хайдаҕый да, оннугу бэйэтин тула мунньар. Ол – бүгүҥҥү дьоро күн түмүктүүр ыала Сыдьаайа уонна Байдам Филипповтар дьиэ кэргэттэрэ.

Ити курлук бу күн ытык ыалларбыт кэлэр кэнчээри ыччаттарыгар, эдэр ыалларыгар үтүө холобур буолар сүбэлэрин-амаларын үллэһиннилэр, алгыс тылларын анаатылар.

Күндү Сахабыт сирин ытык ыалларыгар оҕолоргут, сиэннэргит, хос сиэннэргит тапталларынан арчыланан, аймахтаргыт истиҥ сыһыаннарынан угуттанан өссө да өр сылларга дьоллоохтук-соргулаахтык олоруҥ диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит.

Махталбытын биллэрэбит Ю.Е. Платонов аатынан эстрада театрыгар: СӨ норуодунай артыыстара Клавдия уонна Герман Хатылаевтарга, СӨ култууратын туйгуна Эрчимҥэ кэлэн истиҥ-иһирэх ырыа бэлэхтээбиттэригэр, дьоро күнү иилээн-саҕалаан ыыппыт Хатастааҕы “Тускул” КК уус-уран салайааччыта Вилена Константиноваҕа, “Арчы дьиэтэ” ДКК “Күн дьоно” фольклор бөлөҕүн салайааччыта, фольклорист Е.И. Павловаҕа – Далбар Кылыһахха саха сиэринэн түмүккэ оһуохай таһааран, үтүө түһүлгэни түмүктээбитигэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....