Дархан этээччи Валентин Хорунов: «Саха оһуохайа аан дойду дьонун түмүөҕэ...»
Былырыын балаҕан ыйын 7 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Оһуохай күнүн олохтуур туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Дьэ, ол үөрүүлээх күммүт – ыам ыйын 25 күнэ үүнэрэ икки хонук хаалла.
Бүгүҥҥү нүөмэрбит ытык-мааны ыалдьыта – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан этээччитэ Валентин Хорунов.
Дьуохар биһигэр улааппыт дьоллоохпун
– Валентин Васильевич, саха сиэринэн кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. Кимтэн кииннээххиний, хантан хааннааххыный?
– Мин Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Төлкөм түстэммит, кииним түспүт сирим туһунан аҕыйах тылынан кэпсиэхпин баҕарабын. Биһиги нэһилиэкпит 1841 сыллаахха ахсынньы 30 күнүгэр төрүттэммитэ. Аарыма улахан сирдээх-уоттаах, дьоһун-мааны дьонноох-сэргэлээх дойду. Манна аатырбыт олоҥхоһуттар, оһуохайдьыттар, норуот ырыаһыттара төрөөн-үөскээн ааспыттара, Сергей Афанасьевич Зверев – Кыыл Уола төрөөбүт нэһилиэгэ. Онон оһуохай биһигэр улааппыт дьоллоох киһибин дэнэбин.
Ийэм Евсеева Елена Александровна бииргэ төрөөбүттэрэ – бары оһуохай тыыннаах дьон. Удьуор утумнуур дииллэрэ кырдьык. Ийэм бэйэтин кэмигэр оһуохайынан түөрт Бүлүү улууһугар киэҥник биллибит. Кини өттүнэн хомоҕой тыллаах удьуор оһуохайдьыт элбэх. Манна даҕатан эттэххэ, Матвей Николаевич Евсеевы кытта эһэлэрбит биир ыал оҕолоро, бары дьуохары өрө туппут дьон.
Сунтаардар оһуохайы “үҥкүү” эбэтэр былыргылыы “дьуохар” диэн ааттыыбыт. Бу саха үөскүөҕүттэн баччааҥҥа диэри илдьэ кэлбит барҕа баайыгар тиийэр күүстээх үҥкүү атын омуктарга суоҕун кэриэтэ. Арай Европа дойдуларыгар уонна хотугу бүрээттэргэ итиннэ майгынныыр үҥкүүлэр бааллар.
Оһуохай арааһа элбэх. Түөлбэ, улуус-улуус бэйэтэ оһуохайдаах. Олортон билигин саамай сайдыбыта – бүлүүлүү үҥкүү, ол эбэтэр Сунтаар Түбэйиттэн тахсыбыт дьуохар.
Сэбиэскэй былаас саҕана, сэрии сылларыгар сокуон кытаанах этэ. Оһуохайдаабыт киһи “норуот өстөөҕө” аатырара, Халымаҕа, Магадаҥҥа уонна Сунтаар Кэмпэндээйитигэр (туус собуотугар) ыыталлара. Киин уонна илин эҥээр улуустар ордук улаханнык эмсэҕэлээбиттэр. Оһуохай оннук бобуулаах буола сылдьыбыт.
Түбэй ыраах сытар, биир өттүн Утакаан үрэх бүөлүүр, иккис өттүгэр – Ыгыатта үрэх, үһүс өттүгэр Бүлүү эбэ устар. Инньэ гынан түбэйдэр бобуу-хаайыы диэни билбэтэхтэр, төрүт үҥкүүлэрин сүтэрбэтэхтэр. Кыыл Уола курдук улуу киһилээх нэһилиэк дьуохарын тутан хаалбыт.
Мин киһини өйдүөхпүттэн оһуохайы көрөн, истэн улааппытым, Ийэ айылҕа ытыһын иһигэр иитиллибитим. Саас ыам ыйыгар, көмүөл мууһа ааһаатын кытта, Бүлүү эбэ үрдүгэр, кырдалга улахан оһуохай буолара. Нэһилиэк дьоно-сэргэтэ киэһээҥҥи ыам кэнниттэн, пиэрмэ үлэтин үмүрүтэн баран, сарсыарда күн тахсыар диэри оһуохайдыыр этэ. Ол киэһэ биһиги, орой-мэник оҕолор, сылайыахпытыгар диэри сырсыакалаһарбыт, эстэн-быстан, түһүлгэ ортотугар охтон түһэн утуйан хааларбыт, ким да туруорбата, туох да диэбэтэ. Уһуктубутуҥ – оһуохайдаан өссө да бүтэ илик буолаллар. Ол курдук дьон сарсыардааҥҥы ыам иннинэ эрэ тарҕаһаллара, устунан үлэлии бараллара.
Аны ол саҕана нэһилиэкпитигэр Кымыс Үрдэ диэн тэриллэрэ. Онно кымыс, эт, алаадьы дэлэйдик астанара. Оҕолор күннүүр-күөнэхтиир этибит: тото-хана аһыырбыт, оонньууну оройуттан тутарбыт. Бу санаатахха, Кымыс Үрдэ буоларыгар Ньурбаттан, Ленскэйтэн, Мииринэй Туой Хайатыттан улуу этээччилэр ааттаан-суоллаан кэлэллэрэ. Бастаан ытык кырдьаҕаспыт Кыыл Уола алгыс кэнниттэн устунан оһуохай таһаарара, онтон ким иилэ хабан ыларынан, утуу-субуу этэн бараллара. Кымыс Үрдэ сарсыардааҥҥа диэри салҕанара. Оһуохай субурҕата 4 килэмиэтир тэйиччи сытар Сиэйэ нэһилиэгэр тиийэрэ – эдэрдиин-эмэнниин, кыралыын-улаханныын оннук элбэх киһи тоҕуоруһара. Ол саҕана диплом, грамота диэн суох, хомоҕой тыллаах оһуохайдьыкка күөх окко сууламмыт мүһэни туттараллара, бу этээччи аҕыс ыйдаах уһун кыһын устата кэпсэлгэ сылдьара.
Кыыл Уолун бастакы көрүүм
– Дьиҥэр, Сергей Афанасьевиһы кырабыттан көрөн улааттаҕым. Ол эрээри бастакы көрүүбүн умнубаппын. Түбэйгэ Эбэ диэн сиргэ Уус балаҕана баара, онно нэһилиэк ытык кырдьаҕаһа Уйбаача оҕонньорго ыалдьыттаабыта.
Биһиги ол кэмҥэ Мунду Көлүйэ диэн сиргэ сайылаан олоробут, ийэбит пиэрмэҕэ сопхуос ньирэйдэрин аһатара. Биир күн “Кыыл Уола кэлэр үһү” диэн сонуну иһиттибит. Ийэм: “Нохоо, кэл, көрө барыахха”, – диэтэ.
Арай балаҕан таһыгар мэниктии сылдьан көрбүтүм, маҥан аты мииммит оҕонньор, маҥан дэйбиирин сапсыммытынан, сэргэҕэ кэлэн тохтоото. Онуоха дьиэлээхтэр бары сүүрэн таҕыстылар уонна ытык кырдьаҕас атын сэргэҕэ баайдылар. Кэлбит киһи дьиэҕэ: “Кэпсээҥҥит?” – диэбитинэн киирдэ. Остуол хотойорунан кымыс, эт уурулунна. Уйбаача оҕонньор: “Чэ, Сэргэй, көхсүгүн кэҥэппэккин ээ”, – диэн баран, ыалдьытыгар кымыстаах иһити туттарда. Оннук олоро, кэпсэтэ түһэн баран, Уйбаача кырдьаҕас, көхсүн этитээт: “Дьоҥҥор кыра соҕустук туойан иһитиннэрэ түспэккин ээ”, – диэтэ. Балаҕан иһигэр мустубут дьон биир кэм өрөйө-чөрөйө түстүлэр. Онуоха ыалдьыт, сото кэбиһэн баран, туойбутунан барда. Оҕотук санаабар, айаҕа улахана сүрдээх, дорҕооно улам улаатан истэ. Көрдөхпүнэ, иһит-хомуос кытта тэбис-тэҥҥэ лыҥкынаан барда. Мин ол аайы куттанан, ийэм кэннигэр саһан олоробун. Тыыннаах тойугу бастакыбын онно истибитим, Кыыл Уолун бастакы көрүүм оннук этэ. Ол кэнниттэн Түбэйгэ Кымыс Үрдүгэр, онтон аатырбыт Угут Күөлүн ыһыаҕар көрбүтүм.
– Ол кэпсээҥҥэ киирбит, номох буолбут ыһыаҕы кэпсээ эрэ.
– Биһигини элгээйилэр тыраахтарынан ылларбыттара. Бүтүннүү бадараан, ойуур устун кус очоҕоһун субуйа тардан кэбиспит курдук суолунан айаннаан тиийбиппит. Кыыл Уола ол ыһыахха бэркэ табыллан эппитэ.
Норуот өйүүр уонна ытыктыыр улахан этээччитэ 20-чэ кынаттаах этэ. Бастакы уон кыната – уҥа өттүгэр 5 киһи, хаҥас өттүгэр 5 киһи, балтараа чаас курдук сылдьыһара. Онтон иккис уон кыната солбуйа кэлэрэ. Бу кэмҥэ бастакы уон киһи хорчуоппаҕа тахсан аһыыра, сынньанара, тыын ылара. Ол кэннэ болдьоспут кэмнэригэр тиийэн, иккис кынаттары солбуйаллара. Дьэ, ол иһин Кыыл Уола киэһэ саҕалаан баран, сарсыарда күн күөрэйэ ойуута оһуохайын этэн бүтэрэ. Бу олорон санаатахха, үксэ Ийэ айылҕаны хоһуйуу буолара, тыла-өһө ураты хомоҕойо, бииртэн биир ситимнэһэн, силбэһэн, бэйэ-бэйэтиттэн тахсан иһэргэ дылыта.
Ити курдук, саха омук дьолугар төрөөн-үөскээн ааспыт улуу киһи тыыннаах тойугун, оһуохайын истибит дьоллоох дьонтон биирдэстэрэ буолабын диэн билигин киэн тутта, астына кэпсиэхпин сөп.
Ким эрэ дьаһал биэрэрин курдуга...
– Дьэ, оһуохай ортотугар улааппыт киһи, хас сааскар аан бастаан этэргэ холоммуккунуй?
– Маҥнайгы кылааска эҥин эбитэ дуу, эдьиийдэрим ынахтарын хомуйа сылдьан муннум анныгар киҥинэйэн ыллыыр идэлэммитим. Кырдьаҕастар “бу туохтаах эрэ киһи” диэн отур-ботур кэпсэтэллэрин оройбунан көрө сылдьар мэник-тэник оҕо өйдөөбөт этим. Тоҕус сааспын туолааппын кытта, “маннык гыныахтааххын”, “итинник этиэхтээххин” диэбэтэллэр да, кыра-кыралаан бэйэлэригэр чугаһатан барбыттара. Ыҥыран ылан төбөбүн имэрийэллэрэ уонна: “Тоойуом, дьуохар диэн үҥкүү баар, ийэҥ этэр этэ”, – диэн кэпсэтиини саҕалыыллара, сиэптэриттэн кэмпиэт хостоон бэрсэллэрэ. Бу санаатахха, ытык кырдьаҕастар итинник гынан оҕону бэйэлэригэр тардар, талкыйар быһыылара эбит.
Оскуоланы бүтэрэн баран СПТУ-га үөрэнэ киирбитим. Ол сылдьан ыччат ортотугар оһуохайдыыр буолбутум. Санаам көнньүөрдэҕинэ, сүргэм көтөҕүлүннэҕинэ, ким эрэ ойоҕоско анньан, дьаһал биэрэрин курдуга, оннук кыра-кыралаан этэн барбытым.
СПТУ кэнниттэн Ийэ дойдум иннигэр ытык иэспин төлүү, аармыйаҕа ыҥырыллыбытым. Хабаровскай куоракка, Краснай речкаҕа сулууспалаабытым. Сынньалаҥ кэмигэр уолаттары кытта оһуохайдыыр этибит. Иккис сылбар муора пуордугар ыыппыттара. Онно айылҕа кэрэ көстүүтүгэр улаханнык абылатан, эмиэ туох эрэ тэһэ кэйэрин курдук, сынньалаҥ кэммитигэр оһуохайбын эппитинэн барарым. Офицердар көрөллөр эрээри, боппоттор этэ.
Дембеллэнэн баран, поеһынан балтараа суукка курдук айаннаан, Хабаровскай куоракка тиийбитим. Онно Саха сириттэн сылдьар устудьуоннары кытта көрсүһүү буолбута. Ленин болуоссатыгар 100-тэн тахса устудьуон тоҕуоруспута, саллааттар уонна дембеллэр ортолоругар оһуохай эппитим. Ити улахан түһүлгэҕэ бастакы сүрэхтэниим этэ.
Күрэхтэн күрэххэ, үрдүктэн үрдүккэ
– Дойдубар төннөн кэлбит сылбар олоҕум аргыһын Надябын көрсөн, ыал буолбуппут. Эһиилигэр икки ыйдаах оҕобутун кэлээскэнэн үтэ сылдьан ыһыахтыы барбыппыт. Арай били оҕо эрдэхпиттэн талкыйбыт кырдьаҕастарым: “Дьэ, холонон көрбөккүн ээ? Дьоҥҥор-сэргэҕэр тахсан, көстө түһүөҥ этэ”, – дии түспүттэрэ. Онон 1984 сыллаахха Сунтаар улууһун ыһыаҕар эдэрдэргэ иккис миэстэни ылбытым.
1989 сыллаахха Сунтаарга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ ыччаттарга бастаабытым. Бирииһим – тыыннаах тарбыйах, “Тойбохой” агрофирма туруорбут боруода ньирэйэ этэ. Ити ситиһиибин билиҥҥэ диэри сылаастык саныыбын. Онтон кынаттанан, куорсун анньынан, өрөспүүбүлүкэ улахан күрэхтэригэр кыттар буолбутум.
Ити кэмҥэ кэргэним дойдутугар Күндэйэҕэ саҥа дьиэ туттан, оҕо-уруу төрөтөн олорбуппут. Оһуохайдыыр баҕаттан нэһилиэктэн 9 км ыраах сытар айан аартыгар сатыы тахсан, суолтан массыына тутан күрэхтэһэ барарым.
– Уһуйааччым диэн кими ааттыыгын?
– Чириков Иннокентий Федоровиһы. Кини өр кэмҥэ Сунтаар улууһугар оһуохай түмсүүтүн бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Улууска тэрийэр күрэҕэр бэйэтин убаһатын туруорар, чахчы, оһуохай диэн баран муннукка ытаабыт киһи этэ. Улахан күрэхтэргэ барарбытыгар нэһилиэктэринэн сылдьан, хомуйталаан ааһар буолара. Убайбытын кытта Ньурбаттан саҕалаан, Үөһээ Бүлүү Туобуйатыгар тиийэ элбэх сири кэрийбиппит. Оһуохай улахан түһүлгэлэрин көтүппэт этибит. Оскуола оҕолорун илдьэ сылдьарбыт.
Орой ойбоно аһылларын итэҕэйбитим...
– 2015 сыллаахха Туймаада ыһыаҕар оһуохай күрэҕэр Кылаан кыайыылаах буолбутуҥ, сүрүн бирииһи – «Лада» массыынаны ылбытыҥ. Ол күрэҕи ахтан-санаан ааһыахха эрэ.
– Итиннэ ырааҕынан эргитэн кэлиэхпин баҕарабын. Урут оҕонньоттор: “Дьэ, итийэн-кутуйан, турукка киирэн, оһуохай таһааран киирэн бардахха, оройуҥ ойбоно аһыллар. Ол устун үөһээ халлаантан үс сүүрээн түһэр”, – диэн кэпсэтэллэрин истэрим. Эдэр буолан эбитэ дуу, улаханнык итэҕэйбэт этим. Кэлин өйдөөтөхпүнэ, чахчы оннук эбит. Киһи турукка киирэн истэҕин аайы үөһэттэн информация бөҕө кэлэр, төрөөн баран истибэтэх былыргы тылларыҥ кутуллаллар. Ону хайаан да күн үҥкүүтүгэр, Күн оҕолоругар таһаарыахтааххын. Дьэ, эн этэр ыһыаххар оннук дьикти турукка киирбитим. Киһи дьоҥҥо кэпсиэн кыбыстыан курдук, оһуохай этэ сылдьан эмискэ төбөм сиигэ кычыгыламмыта уонна аан аһыллыбытын курдук, сөрүүн салгын саба биэрэргэ дылы гыммыта. Ол түгэҥҥэ кырдьаҕастар этэллэрин илэ чахчы итэҕэйбитим.
– Ити түһүлгэҕэ быһа холоон хас киһи киирбитэ буолуой?
– Сибилигин бачча диэн этэр кыах суох, аахпыт да суох. Ол эрээри онно олохтоммут улахан түһүлгэни кэнники ким да хатылыы илик диэн суруйаллар.
– Массыынаҕын сүүрдүбүтүҥ дуо?
– Ол саҕана Намҥа олорбуппут, онно сылдьар этим. Оттон куоракка киирэрбитигэр порт оройуонугар олорор кыыһым дьиэтин иннигэр хаалларарым. Итиэннэ оптуобуһунан сылдьарбыт. Ол ыһыах кэннэ норуотум “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Дархан этээччитэ” үрдүк ааты биэрбитэ.
– Кыыл Уола 20 кынаттаах буолара диэтиҥ. Эн хас кынаттааххыный?
– Кыната суох оһуохайдьыт суох. Мин кынаттарым – Александр Барчахов – Айыы Уола Алаас, Данил Пестряков, Михаил Дегеряков. Манна даҕатан эттэххэ, кынаттарга улахан болҕомто ууруллуохтаах, кинилэри өрө тутуохтаахпыт дии саныыбын.
Дьэргэлгэн Дьиэрэҥкэй Дьигиһитэр
– Эйигин норуот Дьэргэлгэн диэн аатынан билинэр. Бу ааты ким биэрбитэй?
– Биирдэ Намҥа Олоҥхо дьиэтигэр оһуохайдаабыппыт. Онно айылҕаттан айдарыылаах алгысчыт Екатерина Павлова кэлбит этэ. Оһуохайбын истэн баран: “Миигин төттөрү киллэрдилэр. Дьэргэлгэн оонньуур, бу киһиэхэ Дьэргэлгэн диэн ааты биэриэххэ диэн үөһээҥҥилэр эттилэр”, – диэбитэ. Итиэннэ миигин олоппоско олордон баран: “Бу күнтэн ыла Дьэргэлгэн диэн буолаҕын”, – диэн алгыс тылын анаабыта.
Сарсыныгар үлэбэр улуус баһылыга бэчээттээх, Дьэргэлгэн диэн суруктаах сибидиэтэлистибэни туттаран соһуппуттара.
– Ити ааккын төһө түргэнник ылынныҥ? Бэйэҕэр барсар дуо?
– Бэйэм да, дьонум-сэргэм да чугастык ылыммыта. Үҥкүүбэр да барсар. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, уһуйааччым, алгысчыт Афанасий Федоров өссө биир ааты иҥэрбитэ. Киниэхэ үөрэнэн бүтэр түмүктүүр күммүтүгэр Охонооһой уун-утары олорон: “Дьэргэлгэн, эн Дьиэрэҥкэй диэн ааттаныахтааххын. Хамсанан үҥкүүлүүгүн, онон эйиэхэ ити аат барсар”, – диэбитэ. Онуоха бииргэ үөрэммит дьонум утарбатахтара, бары сөбүлүү истибиттэрэ. Инньэ гынан Дьиэрэҥкэй Дьэргэлгэн диэн буолан хаалбытым.
Онтон 2022 сыллаахха олунньу ыйга Арчы дьиэтигэр улахан оһуохай тэриллибитэ. Хаһан да мустубатах элбэх киһи көмүөл мууһун курдук тоҕо анньан кэлбитэ. Хотуттан тиийэ тоҕуоруспуттара. Оһуохай кэннэ хаартыскаҕа түһэ туран: “Дьөһөгөй оҕото сиэлэн киирэн бардаҕына дьигиһитэр. Эн Дьөһөгөй Айыы оҕотоҕун, оһуохайы дьигиһитэн этэҕин. Онон биһиги эйигин Дьигиһитэр диэн ааттаатыбыт”, – диэбиттэрэ. Инньэ гынан норуотум Дьэргэлгэн Дьиэрэҥкэй Дьигиһитэр диэн ааттаата. Бэйэбэр да, үҥкүүбэр да барсар. Дьөһөгөй куттаахпын, оһуохайбар дьигиһитэн хамсанабын. Таайым Кураһаай аҕата Куочук эмиэ итинник үҥкүүлүүр этэ. Түбэйгэ Далаҥхай диэн оһуохайдьыт баара, дьэ, эмиэ дьалкыһытан туран этэрэ. Дьонум-сэргэм итинник хамсанан үҥкүүлээччи соҕотох эн хааллыҥ диир. Дьиҥэр, айылҕам бэйэтэ этэринэн хамсанабын.
Сүдү күүһүгэр сүгүрүйэбин
– Оһуохай абылыыр, эмтиир күүстээх дииллэрэ кырдьык дуо? (Кэпсэтиигэ кэргэнэ Надежда Афанасьевна кыттыһар):
– Оһуохай буоларын иһиттэҕинэ, биир сиргэ таба олорбот буолан хаалар, тугун барытын таһыччы умнар. Оһуохайтан уоскуйан, налыйан, солко курдук сымнаан кэлэр.
– Ити Надям сөпкө этэр. Ийэм бииргэ төрөөбүт убайа Мэхээлэ уола Кураһаай Мэхээлэ диэн аатырбыт оһуохайдьыт убайым эмиэ итинник буолан хаалар үһү.
Дьиҥэр, оһуохай көннөрү үҥкүү буолбатах, эмтиир, ыраастыыр аналлаах, ол сүдү күүһүгэр сүгүрүйэбин. Түөрт лабааҥ иэччэҕэ барыта хамсыыр, дэлэҕэ да, систэрэ, илиилэрэ-атахтара ыалдьар дьон, харахтан сыыһы ылбыт курдук, түһүлгэттэн эмтэнэн, үтүөрэн тарҕаһыахтара дуо. Дьуохар кэннэ эмээхситтэр, оҕонньоттор тайахтарын хаалларан, сис туттан барбыттарын хаста да истибитим, илэ харахпынан элбэхтэ көрбүтүм. Оннук кутуҥ-сүрүҥ бүтүннүү ыраастанан тахсаҕын.
Сахалар үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйэбит, Дьөһөгөй таҥаралаахпыт. Онон күн үҥкүүтэ икки атахтаахха ордук күүскэ дьайара чахчы. Бэл диэтэр, атын омук дьоно биһиги оһуохайбытыгар сылдьан баран таҥараҕа тиксибит курдук сананаллар.
– Ити этиигин иилэ хабан ылан ыйытыым: аан дойдуга оһуохайбытынан аатырыахпыт дуо?
– Биир сыл Намҥа туроктар кэлэ сылдьыбыттара, Саха сириттэн Байкалга диэри олохсуйбут түүр омуктары устан барбыттара. Олоҥхо дьиэтигэр эппит оһуохайым Стамбул куорат университетыгар харалла сытар, онно саха тылын үөрэтэр устудьуоннар истэллэр. Аһара баран эттэххэ, туроктар мин мэтириэппин ыйаан туруораллар.
Атын омуктар оһуохай тылын өйдөөбөттөр, эн хамсаныыгын көрөллөр, үүт-үкчү үтүктэллэр. Ону Европаҕа, Польшаҕа бара сылдьан өйдөөбүтүм. Итинэн оһуохай тыла-өһө эрэ буолбакка, хамсаныыта ураты күүстээх диэн этиэхпин баҕарабын.
Оҕо күн аайы дьарыктаныахтаах
– Оһуохай инники кэскилин туохха көрөҕүн?
– Саха ийэ тылын илдьэ сылдьарын тухары оһуохай баар буолуо диэн эрэнэбин, итэҕэйэбин. Сахалар дьуохардаахпыт – бу үрдүк дьолбут. Төһө да аҕыйах ахсааннаах буолбуппут иһин, баай култууралаах омукпут. Биһиги оһуохайбыт аан дойду дьонун түмүөҕэ, сомоҕолуоҕа.
Быйылгыттан ыам ыйыгар Оһуохай күнүн бэлиэтиир буоллубут. Ити инникигэ дьоһун хардыы.
Дьылҕа Хаан ыйааҕынан ытык кырдьаҕастарбыт аҕыйаан иһэллэр. Онон оһуохайы уһуйааннарга, оскуолаларга киэҥник киллэриэх тустаахпыт. Аны туран, кыра саастарыттан сыстыбыт оҕолор манна кэлэн баран дьарыктарын бырахпаттарын курдук, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар куруһуоктар баар буолуохтарын наада. Билигин култуура өттүнэн эрэ үөрэххэ киирбит оҕолору дьарыктыыллар быһыылаах. Инньэ гынан үҥкүүлүү сылдьыбыт баҕалаах ыччат тохтоон хаалар. Биир улахан баҕа санаам – М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка оһуохай куруһуогун тэрийии.
Оҕо күн аайы дьарыктаннаҕына эрэ сайдар уонна аһыллар. Улуус, өрөспүүбүлүкэ күрэхтэригэр элбэхтик сыһыахха-соһуохха наада. Оҕо көрөн уонна истэн үөрэнэр.
Мин уонча сыл Намҥа оскуола үөрэнээччилэрин уонна педколледж устудьуоннарын дьарыктаан кэллим. 2013 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр Татьяна Ивановна Евсеева көҕүлээһининэн “Эҥсиэли оһуохайа” төрүттэммитэ. Мария Бястинова, Людмила Черноградская, Вера Колпашникова, Семен Алексеев буолан улууска улахан хамсааһыны таһаардыбыт. Онон Эҥсиэли хочотугар оһуохай сайдар чинчилээх диэн үөрэ уонна киэн тутта этэр кыахтаахпын.
Дархан этээччилэр бэйэбит икки ардыбытыгар улуустары үллэстэн, куратор быһыытынан үлэлиибит. Билигин Таатта улууһугар ыччаты кытта үлэлэһэ сылдьабын. Оҕолор таһымнара сыл аайы үрдээн иһэр. Сайын олоҥхоһут, оһуохайдьыт Афанасий Попову кытта оһуохай лааҕырын тэрийэр былааннаахпыт. Онно Аан Дархан, Дархан этээччилэри таһаара сылдьыахпыт.
Утумнааччылар баар буолуохтара диэн эрэнэбин
Олоҕун аргыһа, холоонноох доҕоро Надежда Афанасьевна:
– Балантыын биһикки 1983 сыллаахха холбоспуппут, 1984 сыллаахха саахсаламмыппыт. Мин Магадаҥҥа, кини Харьковка үөрэнэ барыахтаах этибит. Икки аҥыы тарҕаһыахтаах дьон көппөтөхпүт, Мииринэйгэ тиийэн, хаалан хаалбыппыт. Сэттэ оҕоломмуппут, хомойуох иһин, билигин биһиги кэккэбитигэр икки оҕо суох. Элбэх сиэннээхпит, хос сиэннэр кэлэллэрин сэмээр күүтэбит.
– Оһуохайдыыр оҕолор бааллар дуо?
– Оҕолорбут кыраларыгар барыларын субуруппутунан ыһыахтары кэрийэрбит. Этэргэ дылы, аччыгыйдарбытын көтөхпүтүнэн, кэлээскэҕэ үппүтүнэн. Түөрт кыыспыт уонна кыра уолбут оһуохай этэллэр этэ. Устудьуоннуу кэлэн баран тохтоон хаалбыттара. Кыра кыыспыт – оҕолорго түөрт Бүлүү кыайыылааҕа, Горнай улууһугар ыытыллыбыт улахан күрэххэ сүрүн бирииһи ылбыта. Билигин биир сиэн уол уонна кини ийэтэ – орто кыыспыт Лена оһуохайдыыллар. Ийэм өттүнэн бэриллибит дьоҕурбут кимиэхэ эмит бэриллиэ, удьуору утумнааччылар баар буолуохтара диэн эрэнэбин, кими да күһэйбэппин, испэр ээр-сэмээр күүтэбин.
– Түмүккэ бар дьоҥҥор тугу этиэҥ этэй?
– Былырыын улаханнык ыалдьан, доруобуйам туругунан үлэбиттэн тохтообутум. Уон сыл айымньылаахтык алтыһан үлэлээбит дьонум-сэргэм “Нам улууһун Дархан оһуохайдьыта” диэн түөскэ кэтэр бэлиэни туттарбыттара. Эр дьон түмсүүтэ махтанан, ытыгылаан, төгүрүк быһыылаах үрүҥ көмүс харысхалы бэлэхтээбиттэрэ.
Кэргэммин кытта Дьокуускайга улахан кыыспытыгар кэлэн кыстаатыбыт. Эмтэнэрбэр, чөлбөр түһэрбэр өрөспүүбүлүкэтээҕи “Оһуохай” түмсүү бэрэссэдээтэлэ Александр Данилов күүс-көмө буолла. Түгэнинэн туһанан, миигин өйөөбүт дьоммор барҕа махталбын тиэрдэбин.
Саха дьоно бары биир сомоҕо буолан, иннибит диэки эрэллээхтик хардыылыахтаахпыт, оччоҕуна норуот быһыытынан өлөн-быстан биэриэхпит суоҕа, суоҕу да баар гынар модун кыахтаныахпыт.
Дархан этээччи буола үүммүппэр, үрдээбиппэр бэйэм кэммэр таба көрбүт, инники дьылҕабын түстээбит сир түннүгэ кырдьаҕастарга, өбүгэлэрбэр, бар дьоммор махтанабын.
– Валентин Васильевич, кэрэхсэбиллээх кэпсээниҥ иһин махтанабыт, кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну баҕара хаалабыт. Саха оһуохайа аан дойдуга аар-саарга аатырдын, суон сураҕырдын!