Дүпсүн кыраайы үөрэтэр музейыгар В.В. Никифоров-Күлүмнүүр саалата
Күлүмнүүр, эн албан аатыҥ күлүмнүүр
Кырдьык кыайда, аатыҥ тилиннэ, Күлүмнүүр,
Дойдуҥ тойугар эн аатыҥ күлүмнүүр.
Үлэҕин саҕалаабыт Дүпсүҥҥэр, Күлүмнүүр.
Кэриэстиир, үйэтитэр үлэ күлүмүнүүр.
Төлкөҥ түспүт сиригэр, Күлүмнүүр,
Нэрэликин күөлэ үөрэн күлүмнүүр.
Сиикэй сайылык күөх сирэмэр, Күлүмнүүр,
Үөрбүт күн көмүс суһума күлүмнүүр.
Сахаҥ сайдарын туһугар үлэҥ, Күлүмнүүр,
Саҥалыы тыын ылан күн бүгүн күлүмнүүр.
Эн үтүө аатыҥ, суон сураҕыҥ, Күлүмнүүр,
Көлүөнэ ыччакка ыҥырар сулустуу күлүмнүүр.
Сахалыы тыыннаах эн сүдү мөссүөнүҥ, Күлүмнүүр,
Сүппэккэ-өспөккө үйэлэргэ күлүмнүүр.
Өркөн өйдөөхтөр ортолоругар, Күлүмнүүр,
Эн албан аатыҥ тэҥҥэ күлүмнүүр.
Ховрова Марфа Ивановна- Талбаана Сөгүлээн. 2016 сыл, ыам ыйа.
Саха норуотун сайдарын туһугар үгүс өрүттээх үтүө тыыннаах, дириҥ ис хоһоонноох үлэни ыыппыт уһулуччулаах общественнай-политическай деятель, бастакы үөрэхтээх саха дьонун бас-көс туттар киһитэ, сырдатааччы, саха литературатын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ, суруйааччы, драматург, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи, учуонай, суруналыыс, дүпсүннэр улуу биир дойдулаахпыт. Дүпсүн кыраайы үөрэтэр музейа Никифоров В.В. Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин сырдатар саалаҕа документальнай матырыйааллар, хаартыскалар, кинигэлэр, аҕыйах да буоллар дьиэтээҕи маллара мунньуллан, хараллан тураллар. Бу матырыйаал үгүс өттө 2004 сылга диэри музейы салайан үлэлэппит И.Д. Стрекаловскай Никифоров В.В. Күлүмнүүр 125 сааһын бэлиэтээһин кэмнэриттэн ыла мунньубут сыралаах, сыаллаах үлэтин түмүгэ. Бу саала сыаналаах докумуона – В.В. Никифоров төрдүн-ууһун, көлүөнэтин көрдөрөр таблица. Таблицаны Дмитрий Ильич Федоров, Яков Иванович Гоголев оҥорон бэлэхтээбиттэр. Манна үс истиэндэҕэ 70 –ча хаартыскалаах быыстапка улуу киһи олоҕун, үлэтин түгэннэрин кэпсиир, олоҕун тиһэх сылларын сырдатар. Бу хаартыскалар куоппуйаларын музейга Күлүмнүүр хос сиэнэ Никифорова Альбина Федоровна кэргэнэ, Илья Чаҕылҕан уола, фотокорреспондент Артур Ильич Винокуров бэлэхтээбиттэрэ сылларынан, тиэмэнэн араарыллан, көрдөрөр матырыйаал буолан тураллар. Итини таһынан политссыылынай доҕотторун, бииргэ үөрэммит, үлэлээбит атастарын, В.В. Никифоров үбүлүөйдээх сылларын бэлиэтээбит араас таһымнаах тэрээһиннэри сырдатар хаартыскалар уонна ситэтэ да суох буоллар, Никифоров аймах дьон туһунан хаартыскалар хомуллан тураллар. Күлүмнүүр улахан убайа Константинтан төрүттээх худуоһунньук - портретист Григорий Григорьевич Никифоров уруһуйдаабыт Василий Васильевич кэргэнин Варвара Алексеевнаны, оҕолорун, аймахтарын портреттара бааллар.
В. В. Никифоров – Күлүмнүүр, олоҕун, үлэтин үөрэппит, ырыппыт, күн сирин көрдөрбут уһулуччу үтүөлээх дьон - Клиорина Ираида Самоновна, Федосеев Иван Егорович-Доосо, Копырин Н.З., Ковлеков С.И., Алексеев Е.Е. кинигэлэрэ, Гуманитарнай институт таһаарыылара, Күлүмнүүр 125 сааһыттан саҕалаан хаһыаттарга, сурунаалларга тахсыбыт ыстатыйалара хараллан тураллар. Саамай сыаннай матырыйааллар – Клиорина И.С. Стрекаловскай Иван Дмитриевичка суруктара, Ираида Самоновна «Илин» сурунаалга тахсыбыт “В.В.Никифоров – наш современник” ыстатыйатын куоппуйата, ону таһынан эмиэ кини ыыппыт Никифоров В.В. “Где находят якуты каменные орудия и какие ему придают значение”, “Путевые заметки”, Никифоров Свирскай А.М. “Тюрьма” пьесатын, Неведов үлэтин тылбаастааһынын уонна да атын докумуоннарын куоппуйалара бааллар. Маны таһынан Никифоров В.В. тус бэйэтин малыттан Никифоров В.В. убайа Николай хос хос сиэнэ Дүөндүгэ олорор Сивцева Е.И. биэрбит сиэдэрэй оҥоһуулаах Никифоров кинигэ уурар ыскааба, суругун остуола, Гоголев П.А. дьиэ кэргэнэ биэрбит уола Валериан сыппыт мас ороно, Күлүмнүүр улахан убайа Константин сиэнэ Саха АССР үтүөлээх учуутала Никифоров С.И. биэрбит мамонт аһыытыттан оҥоһуллубут саахыматын үрүҥ, хара фигуралара, кыраһыын лаампа бааллар. Оскуола краеведческай музейыгар мунньуллубут документальнай уонна хаартыска матырыйааллар, кинигэлэр Никифоров В.В. – Күлүмнүүр олоҕун, үлэтин интэриэһиргээн үөрэтэр дьоҥҥо, үөрэнээччигэ, устудьуоҥҥа көмө буолаллар. Музей саалатын докумуоннарын туһанан үөрэнээччилэр дакылаат суруйан НПК кытталлар, икки устудьуон диплом суруйбуттара.
Никифоров В.В. - Күлүмнүүр 150 үбүлүөйдээх сылыгар музей урукку көрдөрөр матырыйаалларыгар эбии өссө быыстапка, алта медиапрезентация оҥорбутум: “Никифоров В.В.- Күлүмнүүр олоҕо, үлэтэ”,“Клиорина И.С.”, “Сырдык аатын үйэтиппиттэр”, “В.В.Никифоров үбүлүөйдээх сылларын тэрээһиннэрэ”, “В.В.Никифоров доҕотторо – саха бастакы үөрэхтээх дьонун чулуулара”, «Никифоров В.В.- Күлүмнүүр сыдьааннара, аймахтара-уруулара». Онон Дүпсүн кыраайы үөрэтэр музейын көрдөрөр матырыйааллара Саха сириттэн Арассыыйаҕа диэри биллибит дириҥ өйдөөх, киэҥ билиилээх, үтүмэн үтүө үлэлээх саха саарынын олоҕо, үлэтэ, төрөөбүт дойдутун, норуотун туһугар сырдык ыра санаата Саха сирин, төрөөбүт Дүпсүнүн историятыгар киирэн көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ аата ааттана, норуотугар оҥорбут үтүөтэ ахтылла, үйэтитиллэ, кэриэстэнэ турарыгар хомуллан, мунньуллан турар.
Күлүмнүүр Нэрэлики алааска уһаайбата
Нэрэлики, Нэрэлики
Нэрэлики күөлүгэр
Күн күлүмнүүр
Манна төрөөбүтэ
Күлүмнүүр.
В.Босиков – Босяк.
Нэрэлики – Никифоров В.В. - Күлүмнүүр төрөөбүт, улааппыт, атаҕар турбут, дьиэ- уот туттан-тэринэн, улууһугар суруксуттаан, кулубалаан олорбут маанылаах алааһа. Кини 62 сааһыгар “На протяжении полувека” диэн очеркатыгар Нэрэликитин айылҕатын, оҕо сааһын, оччотооҕу саха тыа ыалын олоҕун туһунан олус истиҥник ойуулаан суруйар. Тапталлаах Нэрэлики алааһын, төлкөтө түстэммит сирин умнубата, ахтара-саныыра бу суругуттан өтө көстөр.
Орто дойдуттан арахсыбыт кырдьаҕастар, ааспыт үйэ 50-60-с сылларыгар В.В. Никифоров уһаайбатын дьиэлэригэр олорбут дьон кэпсээннэригэр олоҕуран Василий Васильевич Никифоров Нэрэлики алааска бэйэтэ туттубут олбуорун тутууларын ойуулаан суруйабын.
Василий Никифоров ойох ылан, ыал буолан, икки оҕото төрөөбүтүн кэннэ 1891-1892 сыллар диэки бөдөҥ тиит мастарынан нууччалыы сытыары эркиннээх 10 м. усталаах, 8м. туоралаах, быһа холуйан 3 м. үрдүктээх дьиэни туттубут. Дьиэ илинтэн арҕаа хайысханан тутуллубут. Эркинин бэрэбинэлэрэ кичэйэн сүгэнэн суоруллубуттар, ыпсарыллыбыттар. Хатырык сабыылаах, сиэрдийэ кырыыһалаах, буор даҥнаах эбит. Кэлин кырыыһатын хаптаһынан бүрүйбүттэр. Дьиэ биир аана хоту диэки хайысхалаах, иккис аан сыһыары тутуллубут саха балаҕанынан илин диэки хайысхалаах оҥоһуллубут. Илин диэки күн көрөн тахсар өттүгэр 5, соҕуруу диэки 2, хоту диэки 3 түннүктэрдээх эбит. Дьиэ икки утуйар хоһо, саалата уһун көрүдүөрэ икки хапытаалка истиэнэ быыстаах. Саала уҥа өттүгэр төгүрүк быһыылаах «контромарка» диэн ааттанар кыһыл кирпииччэттэн тутуллубут оһохтоох. Икки утуйар хоһу, көрүдүөрү сылытар күөстэнэр билиитэ оһохтоох. Көрүдүөргэ киирии аан ойоҕоһугар улахан, дириҥ умуһахтааҕа үһү. Дьиэ иннигэр силлиһэ чарапчылаах күүлэлээх икки сыстыһа тутуллубут сайын олорор ампаар дьиэлээх. Бу дьиэлэри ойоҕолуу алаас диэки олбуору кыйа икки улахан ампаардар (сорохтор үс этэ дииллэр) турбуттар. Кытыы ампаарга сыста кыра “сибииккэ” диэн ааттанар кыра сыһыары ампаары туппуттар. Дьиэҕэ сыста тутуллубут саха балаҕанын утары сыыр үрдүн диэки булуустаах ампаар турбут. Олбуор хотугулуу хайысхатыгар үлэһиттэр олорор балаҕаннара, онтон салгыы бүтэй таһыгар уһун хотон, хатыйыы мас бүтэйдээх сылгы хаһаата баара эбитэ үһү.
Бастакы холкуостар саҕана Нэрэлики алааска кииннэнэн, 1928 сыллаахха “Сонун олох” холкуос тэриллибит. Василий Васильевич Никифоров уһаайбатын улахан дьиэтэ холкуос хонтуората, сугулаан буола сылдьыбыт. Кэлин бөдөҥсүйбүт “Ленин”, “Октябрь” холкуостар саҕана кыһыҥҥы, сайыҥҥы пиэрмэ буолан, ыанньыксыттар олорбуттар. Сопхуос кэмигэр ампаардар сууллан, сорохторун эрбээн оттук мас оҥостон мэлиппиттэр. 1982 сыллаахха улахан дьиэтин Дүөндүгэ көһөрөн киллэрэн сопхуос хотонноруттан чугас тутан, пиэрмэ үлэһиттэрин уопсай дьиэлэрэ буолбут. 1935 сыллаахха тутуллубут эргэ балыыһа дьиэтигэр Дүпсүн музейдарын көһөрөн киллэрэн баран, бу уһаайбаҕа Василий Васильевич Никифоров – Күлүмнүүр аатын сүгэр музейнай комплекс тутуллуо диэн, 2010 сыллаахха В.В. Никифоров дьиэтин көһөрөн аҕалан туппуттара. Бу дьиэтигэр ититии киирдэҕинэ, музейтан кини дьиэтин тэриллэрэ, Дүпсүн улууһугар үлэлээбитин кэпсиир стендэ уонна аймахтарын стендэтэ, бэлэхтэрэ онно тахсан туруохтара.
Марфа Ивановна Ховрова