«Боотурдар көлүөнэлэрин» аана аһылынна
Ааспыт нэдиэлэҕэ хапсаҕайга, мас тардыһыытыгар, гиирэ спордугар уонна атах оонньуутугар сылы түмүктүүр хамаанданан бастыыр иһин федерациялар Кубоктарын күрэхтэһиилэрэ буолуталаатылар.
Үөһээ Бүлүүгэ буолан ааспыт хапсаҕай кубогар үөһээ бүлүүлэр бастаатылар, Мэҥэ Хаҥалас – иккис, Бүлүү үһүс миэстэлэри ылаттаатылар. Намҥа гиирэ спордугар эмиэ Үөһээ Бүлүү бастаата, хаҥаластар уонна намнар туһааннааҕынан иккис, үһүс буолуталаатылар. Дьокуускайга “Модун” спорткомплекска түмүктэммит мас тардыһыытын кубогар Амма мадьынылара бастаатылар, Үөһээ Бүлүү – иккис, Нам – үһүс. Ити иннинэ, сэтинньи бүтэһик күннэригэр, “Триумф” спорт уораҕайыгар буолан ааспыт саха многоборьетын кубогар Кэбээйи бастаан турар, Амма – иккис, Мэҥэ Хаҥалас үһүс миэстэлэммиттэрэ. Кубоктар иһин күрэхтэһиилэр эһиил сайын Тааттаҕа буолар Манчаары оонньууларыгар улуустарга, оройуоннарга күүһү-кыаҕы тургутан көрүү суолталаахтар.
Спорт сахалыы көрүҥнэригэр болҕомто күүһүрэр
Ааспыт өрөбүлгэ, ахсынньы 15 күнүгэр, “Юность” стадион манеһыгар СӨ атах оонньуутугар федерациятын кубога үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. 10 улуустан 89 атах оонньооччу түмсэн, сэттэлии ойууга илин-кэлин түһүстүлэр.
Саха сиригэр физкултуура уонна спорт уһулуччулаах тэрийээччитэ, салайааччыта Н.Н. Тарскай 100 сылыгар, СӨ физическэй култуураҕа уонна спорка министиэристибэтэ Арассыыйа үрдүнэн бастыҥ үлэлээх спортивнай регионунан биллэриллибит, 1996 сыллаахха Сахабыт сирин 1-кы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев төрүттээбит “Азия оҕолоро” VIII-с НИСО бу сайын Дьокуускайга ыытыллыбыт кэмигэр быйылгы күрэхтэһиилэр ыытыллыбыттара кэрэхсэбиллээх. Ити туһунан күрэхтэһии үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллыытын түгэнигэр “Сахаада-спорт” Ассоциация бэрэсидьиэнэ Александр Ким-Кимэн, спорт миниистирин 1-кы солбуйааччы Гаврил Мохначевскай, атах оонньуутун федерациятын бэрэсидьиэнэ Николай Андреев, мас тардыһыытын аан дойдутааҕы генеральнай сэкирэтээрэ, бэйэтин кэмин күүстээх кылыыһыта Иннокентий Григорьев тус эҕэрдэлэригэр чорботон бэлиэтээтилэр.
Атах оонньуутун көрдөрүүлэрэ үрдээн, саҥа көлүөнэ спортсменнар саҥаттан-саҥа рекортары олохтууллар. 2017 с. Үөһээ Бүлүүгэ уонна 2021 с. Бэрдьигэстээххэ буолан ааспыт Манчаары оонньууларын абсолютнай чөмпүйүөннэригэр сүрүн бириистэринэн массыыналар туттарыллыбыттара таһым улааппытын кэрэһэлиир. Ону сэргэ, мас тардыһыытыгар аан дойду чемпионаттара ыытыллыылара үгэскэ кубулуйда. Хапсаҕай киэҥ сэҥээриини ылар. Саха атаҕын оонньуутугар Бүтүн Арассыыйатааҕы уонна норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар ыытыллаллар. Бэтэрээннэр ортолоругар “Сахаада-спорт” маастардарын кэккэлэрэ хаҥаан иһэр, аҕам саастаах ойооччулар чиргэл, чэгиэн-чэбдик туруктаахтарын, спорка уһун үйэлэниини көрдөрөллөр. Ону чиҥэтэн, Чурапчыттан Дмитрий Макаров, Хаҥаластан Николай Припузов маастар дастабырыанньатынан уонна түөскэ анньыллар бэлиэнэн наҕараадаланнылар.
XX-с үйэ уһулуччулаах кылыыһыта, Саха АССР, РСФСР спордун маастара, Манчаары оонньууларын чөмпүйүөнэ, оҕунан ытыыга ССРС спордун маастара, атах оонньуутугар “Азия оҕолорун”, СӨ чөмпүйүөнэ, рекордсмена, үстэ төхтүрүйэн ойууга Арассыыйа спордун бастакы маастара, рекордсмен Юрий Гаврильевы, оҕунан ытыыга уонтан тахса Арассыыйа маастарын ииппит тренер, настаабынньык Владимир Алексеев үбүлүөйдээх 70 сааһынан эҕэрдэлэри тутта, “Сахаада-спорт” Бочуотун кинигэтигэр киллэрилиннэ.
Атах оонньуутугар Нам бастыҥ!
Уолаттарга, кыргыттарга ыччаттарга иккилии бөлөҕүнэн, дьахталларга, эр дьоҥҥо, бэтэрээннэргэ хастыы да бөлөҕүнэн куоталастылар. Түмүккэ намнар – бастакы (тр. Николай Кейметинов), горнайдар – иккис (тр. Эдуард Санников), хаҥаластар (тр. Иван Гермогенов) үһүс миэстэлэнэннэр, Кубоктарынан, 60 тыһ.солк. сэртэпикээтинэн, дипломнарынан, өйдөбүнньүк мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Мэҥэ хаҥаластар – төрдүс, таатталар – бэһис, бүлүүлэр алтыс миэстэлэнэннэр, харчынан биһирэннилэр. Чурапчылар – сэттис, уус алданнар – ахсыс, өлүөхүмэлэр – тохсус, үөһээ бүлүүлэр онус буолуталаатылар.
Кыайыылаах Нам хамаандатын Нь.С. Тимофеев аатынан Олимпийскай солбук оҕо спорт оскуолатын тренерэ Николай Кейметинов салайан аҕалла: – Иллэрээ сыл бастаабыппыт, былырыын иккис буолбуппут, быйыл эмиэ бастаатыбыт. Толору хамаанданан күрэхтэстибит. Атах оонньуутун уонна чэпчэки атлетиканы тэҥҥэ дьарыктыыбыт. Улууспут иһинэн сүүмэрдиир күрэхтэһиини оҥороммут, бастаабыттар кэлэн кытталлар. Бэйэбит испитигэр конкуренциябыт үрдүк буолан результаттар бааллар. Миигин кытта спорт маастара Владислав Попов, Владлен Сергеев тренердииллэр. Ыччаттарга Владлен Сергеев бастаата, уолаттарга, дьахталларга биэс спортсмеммыт миэстэлэстэ. Бэтэрээннэрбит төрдүс буолан, очко бөҕөтүн аҕаллылар. Улууспут спорка управлениетыгар, федерациябытыгар махталбытын тиэрдэбит.
13-14 саастаах уолаттарга Роман Потапов (Чурапчы), кыргыттарга Инесса Кузьмина (Горнай); 15-16 саастаах уолаттарга Марк Никитин (Өлүөхүмэ), кыргыттарга Елена Попова (Нам); ыччаттарга Владлен Сергеев (Нам), Валентина Иванова (Үөһээ Бүлүү); 35-49 саастаах бэтэрээннэргэ Виталий Васильев (Таатта), 50-н үөһэ саастаахтарга Егор Захаров (Горнай); дьахталларга Валерия Олесова (Хаҥалас) кыайыылары ситистилэр. Кубок абсолютнай кыайыылааҕынан кылыыга 30 м 62 см, ыстаҥаҕа 30 м 08 см, куобахха 26 м 00 см түһүтэлээн, 86 м 70 см көрдөрүүлээх Горнай хамаандатыттан Кай Адамов таҕыста. Куобахха 27 м 34 см түһэн, Тааттаттан Андрей Васильев кыайда.
XX-с үйэ уһулуччулаах кылыыһыта, дэгиттэр күүстээҕэ-быһыйа, биллиилээх сэбиэскэй-партийнай, хаһаайыстыбаннай салайааччы, Ил Түмэҥҥэ дьокутааттаабыт Дьааҥы хоһууна Иван Иванович Горохов биир дойдулааҕар, Чурапчы спортоскуолатын тренерэ Иван Чиркоевка эрчиллэр кыра саастаах кылыыһыт Рома Потаповка материальнай көмө быһыытынан тус бэйэтин наҕараадатын туттарда.
Отчуоттуур-быыбардыыр конференция
Федерациятын түөрт сыл салайан кэлбит Николай Иванович Андреев отчуота истилиннэ. Федерация толорооччу дириэктэрэ Максим Оегостуровтыын өйдөһөн үлэлээһин түмүгэр элбэх үлэ барбыт, 83 дьаһал ыытыллыбыт –турнирдар, чемпионаттар, Кубоктар, омук дойдуларыгар тахса сылдьыылар о.д.а. Олор истэригэр сыллата Азербайджаҥҥа, Киргизияҕа, Казахстаҥҥа норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиилэргэ атах оонньооччуларбыт үчүгэйдик кыттыбыттар. Спортсменнарга көмө быһыытынан материальнай өйөбүллэр оҥоһуллубуттар, Манчаары оонньууларыгар массыыналар туттарыллыбыттар. “Азия оҕолоро” Оонньууларга оҕолорбут үс кыһыл көмүс, алта үрүҥ көмүс, биэс боруонса мэтээли ылаттаабыттар. Ити курдук федерация үлэтэ “туйгунунан” сыаналанна.
Атах оонньуутун федерациятын бэрэсидьиэнинэн СӨ Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччытын солбуйааччы, аатырбыт кылыыһыт Юрий Кириллович Гаврильев биир санаанан талылынна. Николай Иванович Андреев федерация бэпэчиитэллэрин сэбиэтигэр киллэрилиннэ.
Көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ
Манчаары оонньууларын көрсө, “Сахаада-спорт” Ассоциация көҕүлээһининэн, “Боотурдар көлүөнэрэ” саҥа үлэлээн эрэр бырайыак бигэргэнэн, хапсаҕайдьыттар, мас тардыһааччылар, многоборецтар уо.д.а федерациялар ортолоругар араас кэмнэрдээҕи көлүөнэлэр көрсүһүүлэрин дьаһаллара ыытыллыахтара.
Дьоһун дьаһалы атах оонньооччулар саҕалаатылар. Ааспыт үйэ 70-80-90 сылларыттан саҕалаан күн бүгүнүгэр диэри Саха сиригэр атах оонньуутун сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит кылыыһыттар көрсөн, төгүрүк остуол тула олорон кэпсэттилэр.
XX-с үйэ чулуу кылыыһыттара Николай Санников, Иван Горохов, Владимир Алексеев, Иннокентий Григорьев, Юрий Гаврильев, Виталий Васильев, Захар Ефремов, Айаал Иванов, Егор Филиппов, Валентин Иванов, Кай Адамов, Ньургун Сокольников, Валерия Олесова, Евгения Адамова санааларын атастастылар, этиилэри киллэрдилэр.
Саха спордун көрүҥнэригэр болҕомто күүһүрэр. Кэскиллээхтик сайыннарыыга бэртээхэй дьаһаллар ыытыллаллара кэрэхсэбиллээх.