БИЛСИҤ – САҤА ААТ
Филиппова Луиза Христофоровна 1965 сыллаахха Сиэйэ бөһүөлэгэр төрөөбүтэ, оҕо сааһа Сунтаар Куокунутугар ааспыта. Кэргэн тахсан өр кэмҥэ Үөһээ Бүлүү Сургуулук дэриэбинэтигэр олорбута, 1997 сыллаахха дьиэ кэргэнин кытта Москва куоракка көһөн тиийэн олохсуйбута. Идэтинэн товаровед, Москватааҕы пушно-меховой техникуму, Москватааҕы Кооперация университетын бүтэрбитэ, билигин урбаанньыт.
Хара-хара харачаас,
Хаарыан мааны уолчаан,
Хайдах манныкка тиийдиҥ,
Хара буорга тэпсилинниҥ?
Олох араас очуругар
Оҕустарбыт кэм-кэрдии,
Тутан хаалбыт тулаайаҕа
Турар эбит иннибэр.
Көрдөөн ууммут ытыскар
Уурдум мөһөөх харчыны,
Умса көрбүт харахтаргын
Күөйэ тутан көрбөтүм.
Буруйдааҕы көрдүүрдүү,
Тула көрдүм аттыбын,
Билбэтэҕэ буоламмын,
Турдум тэйэ бараммын.
Охсор-тэбэр ыйааҕыҥ
Оҥоhуута буоллаҕа,
Устар олох уустуктарын
Уйбатаҕыҥ бэлиэтэ.
Ийэҥ тыыннаах эрдэҕинэ
Эрэй диэни билбэтэҕиҥ,
Эппит элэ тылларын
Истэн эрэ кэбистэҕиҥ.
Күҥҥэ көрбүт оҕотун
Көмүс курдук туппута,
Кэлин маннык буолбутун
Көрбөтөҕөр үөрүөххэ.
Соҕотоҕун эн тускар
Сүүрэн-көтөн биэрэрэ,
Атаахтатан-маанылаан,
Ачаалатан таптыыра.
Айбыт үрдүк таҥараҥ
Ахсарбатах, аахайбат,
Айыы киһи оҕотун
Аһымматах буоллаҕа.
***
Аан ийэ Сири айбыт
Айыы тойон Таҥара,
Үрүҥ Саарын ыйааҕа,
Үөһэттэн көрөн олороҕун.
Орто дойдуҥ оҕолорун
Олохторун-дьаһахтарын,
Үтүө-мөкү өрүттэрин,
Үлэлэрин-түбүктэрин...
Көҥүллүк көппөт чыычаахтарыҥ
Көрдөһөр баайдарын-дуолларын,
Ыра санаалаах ымыыларыҥ
Ыллыктаах өҋдөрүн-санааларын.
Көнөтүнэн көмүскэс санаа
Күн дьонугар көмөлөһөр,
Абыраллаах Айыы барахсан
Аттыбытыгар мэлдьи баар.
Хойутаан хомуммут дууһа
Хоҥкуҋбут төбөтүн имэриҋиэҥ,
Эҋигин итэҕэҋбэтэх аньыытын,
Эрэйтэн быыһааҥҥын ылыаҥ.
Хомойбут харах уутун
Хомуҋан ытыскынан сотуоҥ,
Сылаҋбыт дьонуҥ сүрэҕин
Сылаас илиигинэн кууһуоҥ.
Ыксаабыт, ыгыллыбыт түгэнигэр
Ыктарбыт киһи ханна барыаҋ?
Өҋүнэн-санаатынан өрүһүнээри,
Үрдүк таҥаратыгар тииҋиэ.
Элбэх соспут айыытын,
Эрэйин арааран чэпчэтиэҥ,
Көрдөһөр дууһаны көҥүллүк
Күн Айыы сиригэр көтүтүөҥ.
Үҥэр-сүгүрүҋэр таҥарабыт,
Үөһээ үрүҥ айыыларбыт,
Үтүө санааҕытынан өрүһүҋүҥ,
Өрүү аттыбытыгар буолуҥ!!!
***
Эн өлөргүттэн куттаныма,
Эрэйдэнэн санааҕар тутума,
Элбэхтик мунчаара санаама,
Эргитэн толкуйгар уурума.
Бу сиргэ букатын кэлбит суох,
Баар бары саҥаттан салҕанар,
Кыһыны сайыммыт солбуйар,
Киэһэбит сарсыны кэтэһэр.
Ол курдук эн дууһаҥ эргиллэн,
Саас тыллар ньургуһун кэриэтэ,
Симиктик хаар быыһын арыйан,
Сир ньуурун киэргэтэн тахсыаҕа.
Күн уотун сылааһар бигэнэн,
Кыыс оҕо, куттанан көтүөҕүҥ,
Иллээх ыал оҕото буолаҥҥын,
Иккистээн бу сиргэ төрүөҕүҥ.
Сыл-хонук түргэнник ааһыаҕа,
Саас сайын сүүрүүнэн солбуллуо,
Күөх хонуу хаарынан бүрүллүө,
Күнүспүт чуумпуран киэһэриэ...
Эн өлөргүттэн куттаныма,
Эрэйдэнэн санааҕар тутума,
Эрэнэн дууһаҕын харыстаа,
Эргиллэр олоххор бэлэмнээ...
***
Сыллаан ылыам сиэнчээммин,
Сүүрэр-көтөр сэгэрчээммин,
Кууһан ылыам кырачааммын,
Көтөр-дайар кыысчааммын.
Сиртэн саҥа сэрбэйэн,
Үөрэн-көтөн сэгэйэн,
Тыллаах чыычаах аттыбар
Тула оонньоон букунайар.
Сүрэх ууллар, минньиҋэр,
Санаа, түбүк умнуллар,
Оҕом оонньуур эйгэтигэр,
Онно үөрүүм тарҕанар.
Көрө түһээт даллаҥнаан,
Көтөх диэнтэн дьоллонор,
Түөспэр сытан нухарыҋан,
Тохтоон арыт чуумпурар.
Күнүм-ыйым, кырачааным,
Күүтэр-ахтар сэгэрчээним,
Тутан ылар туллукчааным,
Таптыыр кыра сиэнчээним.
***
Дойдум салгына барахсан
Дохсуннук тыынарга ырааһыан,
Долгутар сиккиэрин эйгэтэ
Дууһабын сымнатан сылааһыан!
Төрөөбүт мин төлкөм уҋата,
Төннөрбөр төҥүргэс төрдүтэ,
Эргиллэр алааспар төрүөтүм,
Эн тардар угуйар салгыныҥ!
Ахтылҕан ылсан ыктаҕына,
Араастаан мускуйан ыллаҕына,
Дойдубар кэлэрбин тобулуом,
Дуоһуҋа тыыныахпын баҕарыам.
Кырылас чараас салгыммар!
Кылыгырас ыраас салгыммар!
Сөрүүн сүөгэй салгыммар!
Саймаар сайаҕас салгыммар!
Тиийиэм төрөөбүт дойдубар,
Тобуктуом ирбэт тоҥ буорбар,
Көрдөһүөм көспүт буруйбун,
Көмөлөһүөх күн айыылартан!!!
Хараллыам хара буорбар,
Харыһыйар хаарыан ийэ сирбэр,
Сынньаныам сылаас биһиккэр,
Сибэккилээх сыһыым анныгар.
***
Элбэх тыалтан охтубакка,
Эриллибит киил тиит,
Токуруйбакка да туруулаһан,
Тулуурдаахтык үүнэн турар.
Силистэрин сиртэн араарбакка,
Сэргэхтик саас аайы тыллар,
Эмэҕирэн мөлтөөн биэрбэккэ,
Эрэллээхтик чэчирээн ситэр.
Кытаанах санаалаах эр киһилии,
Күүстээх этиҥтэн куттаммат,
Кымньыы курунан охсон ааһар
Чаҕылҕан уотуттан да чаҕыйбат.
Сарсыарда сиик түстэҕинэ,
Сымнаан сыттанар мутукча,
Сылаас күҥҥэ сыламнаан,
Сылайан нуоҕайа сынньанар.
Сайыҥҥы самыырдаах күннэргэ
Санаарҕаан, санньыйан ытыыр,
Күһүҥҥү хараҥа түүннэргэ
Куттанан чуумпура да саһар.
Тымныы кыһын кэллэҕинэ,
Тыыллан чиҥээн биэрэр,
Кыстык хаарын бүрүнэн,
Кыырпах мууска сууланар.
Титирик оҕото улаатан,
Тиит мас аатын ыллаҕа,
Туруулаһан, тулуйан элбэҕи
Турдаҕа бу ойуур быыһыгар.