Бэйэҥ хайдаххын да - дьарыгыҥ оннук
Билиҥҥи кэм ийэтэ оҕоҕо баттатан дьиэҕэ бүгэн олорбот. Олох араас эйгэтигэр, бизнескэ кимэн киирэр кэрэ аҥаардар ахсааннара элбээн иһэр. Биир оннук киһинэн нап-нарын, сып-сырдык, остуоруйа кыыһын курдук кэрэ сэбэрэлээх Алена Ядреева буолар.
– Мин Сунтаар Элгээйититтэн төрүттээхпин. Бэһис кылаас кэннэ Дьокуускайдааҕы балетнай училищеҕа киирбитим. Мин киирэрим саҕана училище этэ, кэлин Аксинья уонна Наталья Посельскаялар ааттарынан колледж буолбута.
2012 сыллааха “Народное отделение” диэн салааны бүтэрбитим. С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай театрыгар биир сыл үлэлээбитим. Ол кэннэ үрдүк үөрэхтэниэхпин наада эбит диэммин, биир кэлим эксээмэн туттаран, ХИФУ ФЭИ “Персоналы салайыы” хайысхатыгар киирбитим. Ону тэҥэ АГИКИ-га “Хореографическое искусство” салааҕа туттарсан киирбитим. Икки үрдүк үөрэхпин тэҥинэн үөрэнэн бүтэрбитим.
Үҥкүү оскуолата – дьиэ кэргэммит бизнеһэ
– Икки оҕолоох ыал ийэтэбин. Улахан кыыһым Дайаанам 3 саастаах, кыра уолум 7 ыйдаах. Кэргэмминээн 2015 сыллаахха ыал буолбуппут. Билигин иккиэн арыммыт үҥкүүгэ үөрэтэр оскуолалаахпыт – дьиэ кэргэн бизнеһэ буолла. Бэйэбит оҕобут бу оскуолабытыгар дьарыктанар, оҕо саадыгар сылдьар. Кырачааммын көрөбүн уонна үлэлиибин. Кэргэним ХИФУ-га физкультураны биэрэр, ону таһынан ыраас уу таһар “Родничок” (@rodnichok_wa) диэн фирмалаах.
Чааһынай үҥкүү оскуолатын арыйбыппыт бу олунньуга саҥа 1 сылын туолбута (@ya.dance.school). Ол иннинэ 2,5 сыл атын студияҕа үлэлээбитим. 2-8 саастаах оҕолору дьарыктаабытым. Бастаан биир эрэ бөлөҕү арыйан баран, төрөппүттэр көрдөһүүлэринэн, хас да бөлөх буолан барбыта. Оҕолорбор дьарыкпытын сурунар, сорудахтары тиһэр, сыана ылар тэтэрээттэрин айан таһаарбытым. Ону тэҥэ, саҥа сүүрээн курдук үҥкүүһүт кырачааннарбар фотосессияны киллэрбитим, төрөппүттэргэ аһаҕас уруоктары, отчуоттуур кэнсиэртэрбитигэр ураты үҥкүүлэри туруорар этим. Ол үлэлиирим тухары төрөппүттэр кэлэ-бара “эн бэйэҥ туспа оскуола арыннаххына, биһиги кэлиэхпит этэ” диэн этэ сылдьар буолбуттара.
Кэргэмминээн сүбэлэһэн баран чааһынай оскуола арыммыппыт. 2-3 саастаахтарга “Кыра оҕо ритмиката”, 3-7 саастаахтарга – “Оҕо хореографията”, 7-лэриттэн – “Хореография”, “балет” буолар. Ону таһынан 7-лээх оҕолорго “Гармония” диэн норуодунай үҥкүү бөлөҕө үлэлиир.Ф
– Оҕолору үҥкүүгэ биэриэн баҕарар төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Оҕо үҥкүүнү сөбүлүүр, үөрэниэн баҕарар дии саныыр буоллаххытына, бириэмэни мүччү туппакка, анал дьарыкка биэрэн иһиҥ. Тоҕо диэтэххэ, үҥкүү киһиэхэ наһаа элбэх туһалаах өрүттэрдээх. Мин, холобур, бэйэбинэн да быстахпына, олох кыра эрдэхпиттэн үҥкүүгэ сылдьабын. А.Ф.Клакинова “Алгыс” ансаамбылыгар дьарыктаммытым. Гастролга бардахпытына аспытын-таҥаспытын бэйэбит бэринэр этибит – үҥкүү бэйэ иннин көрүнэргэ үөрэппитэ. Толоругас, оҥорор дьыалаҕар кыһаллар, бириэмэни тутуһар дьиссипилиинэлээх буолаҕын. Бастакы учууталларбар Августина Федоровнаҕа, Саргылана Авиациевнаҕа улахан махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын. Билигин оскуолабар учууталларым үөрэхтэрин туһана сылдьабын.
Үҥкүү атахпыт, сиспит көнө буоларыгар, уҥуохпутун көнөтүк тута сылдьарбытыгар барытыгар көмөлөһөр.
Оҕо кэлэн баран адаптациятын ааһарыгар төрөппүт бэлэм буолуон наада. Бастакы 2-3 дьарык учууталыгар, оҕолоругар үөрэнэр.
Үҥкүүгэ сылдьар оҕо туораттан тута көстөр – сиһэ көнө, хомуллаҕас буолар.
Биһиги оскуолабыт хореография тирэх буолар уруоктарын биэрэр. Бэйэбит дневник оҥорбуппут, төрөппүттэргэ аһаҕас уруоктары ыытабыт, сылга биирдэ оскуола иһигэр “Танцевальная шкатулка” диэн бириистэрдээх күрэх ыытабыт уонна сылга иккитэ отчуоттуур кэнсиэр оҥоробут, араас куонкурустарга кыттабыт. Карантин кэмигэр бассаап бөлөххө үлэлиибит. Формаларыттан тахсыбаттарын курдук сорудахтары ыыта олоробут.
Дьарыктарбыт кыраларга нэдиэлэҕэ иккитэ, улахаттарга нэдиэлэҕэ үстэ буолар.
2016 сылтан уруу үҥкүүтүн туруорабын (@wedding_dance_ykt). Ыал буолар эдэрдэр үҥкүү туруоран ыалдыттарын үөрдэр үгэстэрин наһаа сэргиибин. Бастаан мин саҕалыырым саҕана саҥа сүүрээн курдук этэ. Эҕэрдэ үҥкүүлэри, флеш-мобтары о.д.а барытын туруорабын.
Барыта дьоммун үөрдээри
– Кэрэ куолар күрэхтэригэр элбэхтэ кыттыбытыҥ. Маннык күрэстэр кыыс оҕоҕо туох туһалаахтарый?
– Маннык күрэх кыыс оҕоҕо бэйэни сыаналыы үөрэнэригэр көмөлөһөр эбит. “Манныгы сатыам дуо?” диэн бэйэм толлор, куттанар мэһэйдэрбин ааһар этим.
Оскуолаҕа сылдьан Президент харыйатыгар сылдьыбытым, Үҥкүү театрын кытта атын дойдулары кэрийбитим, икки үрдүк үөрэхпин кыһыл дипломунан бүтэрбитим – барыта дьоммун үөрдээри. Кэрэ куолар күрэхтэригэр ис дууһабыттан кыһаллан кыттар этим. Бэйэбин тургутан көрөөрү, “Кыайыахпын сөп” дии саныыр буоламмын. 2017 сыллаахха Ыччат ыһыаҕар “Алмазная краса – Күлүмнэс Куо” буолбутум. Күрэхтэргэ номинация ыллаххына дьон хараҕар хатанар киһи буола түһэҕин. Ол иһин бэйэҕин көрүнэҕин, барытын өрө тардына сылдьаҕын.
Илиинэн оҥоһуллубут ханна да хатыламмат
– Илиигинэн оҥорор симэхтэргин кэпсээ.
– Бастакы симэхтэрбин бастакы оҕобун оҕолонон баран оҥорбутум. Ол иннинэ Балетнай оскуолаҕа иитээччилэрбит араас киэргэл оҥорорго үөрэтэллэр этэ. Уопсайынан балет буолла да наар үҥкүү эрэ үөрэҕэ буолбатах этэ, фортепианоҕа оонньуурга үөрэнэрбит, теннистиир этибит уонна тарбах талаанын сайыннарбыттар эбит. Онно сылдьан оҥорбут киэргэллэрбин санаан, оҕо көрөн олорон ылсан барбытым.
2016 сылтан саҕалаан эксклюзивнэй симэхтэри оҥоробун, үлэлэрбин инстаграмҥа @Biserina страницабар таһаарабын. Үксүн ытарҕалары айан таһаарабын. Колье, корона, ободок оҥоробун. Оҕуруонан сахалыы симэхтэри оҥоро үөрэниэхпин баҕарабын.
Дьон наһаа сэргээн ылар. Тоҕо диэтэххэ илиинэн оҥоһуллубут киэргэл ханна да, хаһан да хатыламмат ураты буолар. Ис сүрэхпиттэн таптыыр дьарыгым буолан наһаа кыһаллабын.
Саҥа таҥас брендэ
– Таҥас брендин арыйбытыҥ, төһө сайдан эрэҕит?
– Мин кыра эрдэхпиттэн үлэлиибин. Устудьуоннуу сылдьан уулуссаҕа флаер түҥэтэр этим, сайын балыыһа иһинэн аһыллар лааҕырга санитаркалааччыбын, Театрга үлэлиирим таһынан маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыр этим. Ол иһин улахан киһи буолан да баран биир үлэнэн муҥурданар санаа киирбэт. Оскуолабынан дьарыктанарым таһынан биир стилист кыыһы кытта кыттыһан, @m.u.s.e___ таҥас брендин айан таһаардыбыт. Саҥа соҕус арылынныбыт уонна бу карантин буолан хаалан күчүмэҕэйдэр үөскээтилэр.
Дьоҥҥо күн аайы кэтиллэр, практичнай, хамсанарга табыгастаах, үйэлээх хаачыстыбалаах таҥастары таһаардыбыт.
Олус интэриэһинэй дьарык эбит. Төһө күүс-уох, төһө матырыйаал барыаҕын, тигиигэ төһө ороскуотуруохпун көрөөт да билэр буоллум.
Бизнес социальнай хайысхалаах буоллаҕына сайдар
– Талан ылбыт идэбин, оскуолабын, үлэһиттэрбин сөбүлүүбүн. Билиҥҥи турукпунан сөпкө баран иһэрбиттэн ис туругум бөҕөргүүр. Биһиги оҕолору үөрэтэрбит таһынан, кыахпыт баарынан кыһалҕалаахтарга көмөлөһөбүт. ДЦП-лаах оҕолорго “Солнышки” диэн бөлөх арынан үлэлиибит, Москваҕа тиийэ күрэхтэргэ кэтэхтэн кыттыбыппыт.
Оскуолам бастакы күөҥҥэ туруорар сыала-соруга – дьоҥҥо көмөлөһүү, оҕолору кэрэҕэ угуйуу. Биһигиттэн улааппыт оҕолор салҕыы гимнастикаҕа, ханнык баҕарар күүстээх ансаамбылга, Балетнай оскуолаҕа киириэхтэрин сөп. Ол иһин төрөппүттэр махтаналлара элбэх. Үөрэнээччилэрбин атын эйгэҕэ көрдөхпүнэ үөрэбин.
Ону таһынан биһиэхэ “Хореография 40+” бөлөхтөөхпүт. Учууталларын кытта элбэх үҥкүү үөрэттилэр. Кэрэ аҥаардар бэйэлэрин үбүлүөйдэригэр үҥкүү туруораллар, дьарыктанан доруобуйаларын тупсарыналлар, кэнсиэртэргэ, күрэхтэргэ кытталлар. Биһиги улахан дьон урукку баҕа санааларын олоххо киллэрэллэригэр көмөлөһөбүт.
Ону таһынан фитнес, “Зумба” (биир дьарыкка элбэх калорий умайар, ырарга туһалаах), стрейчинг (былчыҥнары ууннарар, имигэс оҥорор), боди-балет уонна йога баар. Наһаа үчүгэй преподавателлэри таҥмыппыттан астынабын. Кырачааннар ритмикаларыгар 10 оҕо, оҕо хореографиятыгар 12 оҕо сылдьар, улахан дьону 10-тан элбэҕи ылбаппын. Киһи ахсаанын эккирэппэппит, хаачыстыбаны ситиһэбит.
Киһи бэйэтин курдук дьону тардар
– Кэргэммин кытта иккиэн үлэбитин үллэстэбит. Биир сыаллаах-соруктаах кэргэнниилэр ханнык баҕарар дьыаланы кыайыахтарын сөп эбит. Кэргэммэр өйөбүлүн иһин махтанабын, мин идеябын тылынан, санаатынан эрэ буолбакка, бэйэтинэн сүүрэн-көтөн көмөлөһөр.
Киһи чахчы сөбүлүүр дьарыгынан үлэлиир буоллаҕына дьон тардыһар, кэлэ турар буолар эбит. Үлэтин таптыыр киһини дьон тута таайар. Уонна киһиэхэ бэйэҥ курдук дьон тардыһар буолар эбит. Ол иһин эн хайдаххын да, оннугу тардан ылар эбиккит.
Карантин кэмигэр кыыспынан Дайааналыын 2-4 саастаах оҕолорго анаан 5 дьарыгы уһулан @yadreewa инстаграммар таһаардыбыт. Оҕо дьиэҕэ да олорон эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥоруохтаах.
Төрөппүттэрбитигэр, чугас дьоммутугар, табаарыстарбытыгар уонна кэргэммэр күүс көмө буоларгыт иһин улахан махталбын тиэрдэбин. Эһиги баар буолаҥҥыт мин санаабыппын ситиһэбин.