05.02.2020 | 13:33

БАЙБАЛ УОЛА

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Норуот тапталлаах ырыаһыта Байбал Сэмэнэп төрөппүт уола Аскалон Сэмэнэп эстрада эйгэтигэр киирбитин саха дьоно бары да истиҥник ылыммыт буолуохтаах. Аскалон үксүн «Виктория” араадьыйа долгунугар Сартыал диэн аатынан биллэр. «Үрдэл» национальнай музыкальнай бириэмийэ номинана буолбута. Инньэ гынан саха бүгүҥҥү эстрадатын биир биллэр, кэрэхсэнэр эдэр ырыаһыта буолан эрэр диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо.

- Аскалон, дорообо, үөрэҕиҥ быыһыгар үлэлии сылдьаҕын быһыылаах?

- Оннук! Букатын иллэҥэ суох киһибин. Хата, этэҥҥэ сессиябын сабаммын, истипиэндьийэҕэ тигистим. Күн аайы бириэмэ сырсыыта. Хата, эһиэхэ бириэмэ аттарынан кэллим дии.

- Маладьыас! Чэ, кэпсэтиибин саҕалыахха...

- Мин 20 саастаахпын, Бүлүү улууһун Тыымпы сириттэн-уотуттан төрүттээхпин. Билигин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култуураларын институтугар «литература үлэһитэ” диэн салааҕа үһүс кууруска этэҥҥэ үөрэнэ сылдьабын.

- Тыый, саха салаатын устудьуона эбиккин дии. Куорат оҕото саха салаатын талбата буолуо дии саныырым. Тоҕо бу идэни таллыҥ?

- Алта сааспар диэри Бүлүүгэ улааппытым. Ол эрээри “куорат оҕото” буоларбар тиийэбин (күлэр). Оскуола кэмнэригэр бэйэбин араас эйгэҕэ барытыгар холонон көрөрүм. «Ырыаһыт буол, куултуура эйгэтигэр сыһын”, -  диэн миэхэ ким даҕаны сүбэлээбэтэҕэ. Архитектор да буолар баҕалааҕым, өссө физика учуутала буоларга былааннанарым. Үрдүкү кылааска учууталларым тылга дьоҕурдаахпын, «куорат оҕотун» холугар төрөөбүт тылбынан үчүгэйдик саҥарарбын, тылы сөпкө туттарбын бэлиэтиир буолбуттара. Ол кэннэ 10-11-с кылаастарга Уйбаан  Уйбаанабыс Шамаев Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэйигэр үөрэнэ сылдьан, култуурунай тэрээһиннэри иилээн-саҕалаан ыытар буолбутум. Дьэ, хайдах эрэ бу эйгэни эппинэн-хааммынан интэриэһиргээбитим. Манна диэн эттэххэ,  дьонум бары култуураҕа, тылга-өскө сыһыаннаахтар. Аҕам Байабал Сэмэнэп өттүнэн сыдьааннарым үгүстэрэ тыл үөрэхтээхтэр. Онон барыта миэхэ хааммар баар диэн төрөөбүт тылбын сайыннарар соруктаах бу идэни талбытым.

- Аскалон Павлов эмиэ Тыымпы дии. Аймаҕыҥ дуо?

- Убайдаатар убайым буолар. Көрүстэхпитинэ, үөрэ-көтө алтыһабыт, айар үлэ туһунан кэпсэтиһэбит. Киниттэн элбэҕи сүбэлэтэбин. Аскалон Павлов диэн саха чулуу уола буоллаҕа дии, кини аатын сүгэрбинэн киэн туттабын. Билигин убайым ырыаларын саҥалыы тыыннаан ыллыы сылдьабын.

- Университет солбуллубат актыбыыһа диэн көрөбүн. Көрдөҕүм, иһиттэҕим аайы “Аскалон Семенов ыллыыр” диэн иһиллэр.

- Эдэр-сэнэх эрдэххэ эрэ хамсааһын тахсара буолуо диэн санаалаахпын. Аҕа саастаах дьон өрүү этэр буолара. Эдэр саас олоххо биирдэ бэриллэр уонна устудьуон кэмэ олоххо биир саамай умнуллубат түгэн диэн. Мин устудьуоннуур сылларым умнуллубаттык ааһалларын туһугар элбэх тэрээһиҥҥэ кыттабын. Улаханнык саҥарбаппын эрээри, билигин аттыбар баар элбэх доҕотторбор, дьылҕабар махтанабын. Бу бириэмэҕэ ситиһиилээхтик үөрэнэ, айа-тута, биир саастыылаахтарбын кытта дьоллоохтук алтыһа сылдьарбар. Хатылаевтар дьиэ кэргэн салайар “Тэтим” ансаамбылларыгар дьарыктанабын, Екатерина уонна Алексей Егоровтар “Сэргэлээх сулустара” ансаамбылларыгар сылдьабын, “Виктория” саха араадьыйатыгар ыытааччынан үлэлиибин, бириэмэ таҕыста эрэ, араас тэрээһиҥҥэ тиийэн ыллыыбын. Семен Ченянов “Артик Войс” устуудьуйатыгар дьарыктаммытым. Билигин Аркадий Алексеев  «Дайар сахалар» састаабыгар киирэммин, гастролга бараары сылдьабын.

- Ырыа, муусука, айар үлэ туһунан ааҕааччыларбытыгар сырдата түһүөҥ  этэ...

- Ийэм кыра сааспыттан ыллыырбын олус  баҕарар этэ, ону бэйэм буолумматым. Хайдах эрэ кыбыстар курдук этим. Төбөбүн илгистэ-илгистэ, “суох, ыллаабаппын” диирим. Оттон 14 сааспар санаам эмискэ уларыйан, бэйэм баҕабынан ыллаан саҕалаабытым. Дьиҥэ, артыыстар ортолоругар улааппыт киһи буоллаҕым. Толкуйдаан да көрдөхпүнэ, аҕам ыллыыр, эһээм ыллыыр, убайдарым, эдьиийдэрим  бары ыллыыллар, онон син туох эмит баар буолуон сөп. Оҕо сылдьан аатырар «Полярная звезда» академияҕа ситиһиилээхтик кыттан, син ыллыахпын сөп эбит диэн өйдөөбүтүм. Билигин артыыс доҕотторбор ырыа, матыып, хоһоон суруйабын. Холобур, Кирилл Матвеев диэн чугас доҕорум мин ырыабынан эмиэ “Үрдэлгэ” кыттыбыта. Бэйэм “Күнтэн күн” диэн ырыанан эмиэ ааттаах-суоллаах артыыстары кытта “Үрдэл» күрэххэ кыттан турабын. Бу ырыа күн сирин көрүүтүгэр композитор Семен Ченянов өҥөлөөх. Уопсайынан, айар эйгэҕэ киирэрбэр көмөлөспүт учууталларбар Клавдия, Герман Хатылаевтарга, Семен Ченяновка, Екатерина уонна Алексей Егоровтарга өрүү махталым муҥура суох .

- Оттон аҕаҥ Байбал айар үлэҕэр туох өҥөлөөҕүй?

- Мин аҕам, бастатан туран, миэхэ төрөппүтүм буолар.  Төрөппүт да, ырыаһыт да быһыытынан олус ирдэбиллээх. Аҕам – үтүө сүбэһитим, эрэнэр доҕорум, холобур оҥостор киһим буоллаҕа. Аҕам хаһан даҕаны: «Хайаан да ырыаһыт буолуохтааххын, ырыаһыт буолаҥҥын айаххын ииттиниэхтээххин”, – диэн эппэтэҕэ. Ол оннугар күн бүгүҥҥэ диэри: “Тугунан дьарыктанаргын бэйэҥ бил, ол гынан баран саҕалаабыт дьыалаҕын тиһэҕэр тириэрдиэхтээххин”, – диир.  Аҕам миигин киһи быһыытынан сылдьарга, олоххо киэҥ көрүүлээх буоларга уонна үлэһит майгылаах буоларга иитэр. Миигин төрөппүттэрим хаһан даҕаны атаахтата, кэтии-маныы, бүөбэйдии сылдьыбатахтара, хааччаахтааһын да суоҕа. Барытын бэйэм ситиһэ улааппытым. Харчы улахан сыраттан-сылбаттан кэлэрин барытын өйдүү улааппытым.

- Бииргэ төрөөбүт хаскытый? Бэйэҥ сааскар боччумнаах  киһи эбикккин.

- Суох, мин соҕотохпун (күлэр). Оннук буолуо, миигин киһи барыта инник диир. Төрөппүттэрим миигин маннык ииттэхтэрэ дии, этэбин дии - хаһан даҕаны төбөбүттэн имэрийэ, сыллыы-ууруу сылдьыбатахтара. Уопсайынан, төрөппүттэрбэр махталлаахпын.

- Бултка, спорт эйгэтигэр  хайдаххыный?

- Оҕо сааһым дэриэбинэни, айылҕаны кытта ыкса ситимнээх. Көй салгыҥҥа сүүрэн-көтөн улааппыт тыа сириттэн төрүттээх саха уолабын дэнэбин. Оҕо сылдьан хотугу многоборьенан, боксанан умсугуйан туран  дьарыктаммытым. Билигин да чөл олоҕу, спорду өрө тутабын. Кустааһын, балыктааһын эмиэ баар. Ол эрэн саас буолла эрэ кустуу барабын дии-дии муннукка ытаабаппын, бириэмэ да тиийбэт.

- Инникитин олоххун ырыаны кытта ситимниигин эбэтэр үөрэнэр идэҕинэн дуу?

- Инникини тымтыктанан көрбүт суох дииллэр. Билигин баарынан, буола турар кэминэн олоруохха наада. Дойду үрдүнэн уларыйыы-тэлэрийии бөҕө буола турар, сарсын-өйүүн туох буоларын биһиги хантан билиэхпитий. Хонон турдахпыт ахсын олохпут уларыйа турар. Мин санаабар, киһи идэтэ уонна бу олоххо анала, соруга тус-туспа. Мин үөрэхпинэн култуура да эйгэтигэр, суруналыыстыкаҕа да чугаспын. Баҕар, хаһан эрэ юрист идэтин баһылыыр баҕа санаа киирэн кэлиэ...

- Аскалон, хоһоон суруйаргын истибиппит, иэйии хайдах уһуктар? Маҥнай ырыа тылын эбэтэр мелодиятын толкуйдуугун дуу?

- Сорохтор “түүн үс чааска ойон тураммын хоһоон, ырыа, оннооҕор матыып суруйабын” диэччилэр. Мин оннук киһи буолбатахпын (күлэр). Иэйиим туохтан эмэ хомойдохпуна, үөрдэхпинэ уһуктар. Эмоцияттан тахсар буоллаҕа. Мин аан бастаан тылын суруйабын. Кырдьыгынан эттэххэ, хоһоону түргэн баҕайытык суруйан кэбиһэбин, аҕыйах сөкүүндэ иһигэр диэххэ сөп. Онтон кэнники соһуйабын, хайдах маннык иэйиигэ ылларан суруйбуппунуй диэн. Ол хоһооммун аны төттөрү-таары аах да аах буолабын, ааҕан-ааҕан, өйдөөн, өссө үчүгэйдик билэн, матыыбын суруйабын. Сороҕор ырыа тыла уонна матыыба тэҥҥэ кэлэн түһэр. Хоһоон суруйарбар учууталым Саргылана Олесова улахан өҥөлөөх. Суруйар иэйиибэр кини миэхэ аан бастаан сүбэлээччи-этээчи киһи буолбута. Хомойуох иһин, билигин биһи кэккэбитигэр суох. Уһуйааччым хоһоонноргун тэтэрээккэ суруна сырыт диэн сүбэлээбитэ. Бу тэтэрээппин туппутунан мин Семен Ченянов устуудьуйатыгнар тиийбитим.

Айбыт ырыаҕын бастаан кимиэхэ иһитиннэрэҕин? Кириитикэ да баар буолуо ээ.

- Кириитикэ диэн ханнык баҕарар эйгэҕэ баар. Кириитикэҕэ мин наадыйабын, мин эрэ буолуо дуо, олохпут киириитикэттэн турдаҕа ди. Ол аата көннөрүөххэ наада диэн өйдүүбүн. Айбыт ырыаларбын аан бастаан доҕотторбор көрдөрөбүн.

- Улахан ыра санааҥ тугуй?

- Салгыы бу курдук аргыый аҕай айар эйгэҕэ бэйэбин көрөбүн. Билигин өссө да эдэрбин. Биир баҕа санаам – киинэҕэ уһуллуохпун баҕарабын.

 Байбал Сэмэнэп чахчы да киһи уоллаахпын диир уолун ииппит эбит. Аскалон сахалыы киэҥ-холку, көрсүө майгытын хайҕыы көрдүм. Инникитин айар үлэтигэр элбэх ситиһиини баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...