18.12.2019 | 12:28

БАССААП ПОЭТА - ТИМИРХААН КОНДАКОВ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ үөрэҕириитин туйгуна Тимирхаан Кондаков Бүлүү улууһун  Бөтүҥ бөһүөлэгиттэн төрүттээх. “Айаным аргыс ырыалара” диэн бастакы хомуурунньуга 2012 с. күн сирин көрбүтэ. Аныгы үйэ сиэринэн ааптар хоһооннорун бассаап ситиминэн тарҕатар эбит.

Саңа дьылынан!

Олоҥхо дойдутун үрдүнэн

Эмиэ биир кэрдиис кэм аастаҕа;

Күүтүүлээх үөрүүнү дайытан,

Саҥа сыл салаллан кэллэҕэ.

Халлааҥҥа күлүмнүүр уот ардах,

Сүрэҕи манньытар көр-күлүү,

Бу дьикти алыптаах түгэҥҥэ:

"Саҥа дьылынан!"

Олоххут өссө ордук тубустун,

Ситиһии, өрөгөй үрдээтин,

Эһиэхэ мин истиҥ эҕэрдэм:

"Саҥа Дьолунан!"

Санааны кынаттыыр алгыстар,

Тапталтан туймаарбыт сүрэхтэр,

Дуоһуйа көнньүөрбүт мичээрдэр – 

Оҕолуу кэтэспит үөрүүлэр...

Аар Тойон аҕалыы домноотун,

Иэйиэхсит ийэлии алҕаатын – 

Мин дойдум усталаах туоратын

Ил-эйэ чэчирии чэлгиттин.

Аҕынным даҕаны

Муораттан илгийэр сиккиэр тыаллыын

Ахтылҕан ырыатын ыллаһан,

Сир куйаас мэлдьи күөх уһугуттан

Эйиэхэ илдьиппин ыытабын.

Халыҥ муус, маҥан хаар үллүктэнэн

Иһийэн эн нуктаан эрдэҕиҥ –

Сүрэхпэр сѳҥөрбүт тапталгынан

Кырыалаах кыстыкпар тардыстым.

Күүскэ аҕынным эйигин –

Тымныы хам кууспут дойдутун,

Сылаас иэйиибин дайытан

Аҕынным даҕаны, аҕынным даҕаны,

Олус да аҕынным!

Муораҕа умсаахтыыр даллан куоҕас

Сахалыы кыланан ылбахтыыр,

Санаабар иллэһэн бэйэбиттэн

Дойдутун сааскытын сураһар.

Ийэ сир тыын кута сылаас тыыннаах -

Ханнык да иэйииттэн сүр күүстээх,

Хотугу дойдубут ахтылҕаннаах -

Үөскээбит төрүт буор тардыылаах.

Доҕорбор

Хаар кыырпаҕа үөһэттэн

Намылыйа кыыдамныыр –  

Кэрэ нарын бу түгэн

Эн тулаҕын киэргэтэр.

Маннык истиҥ көстүүгэ

Эн аттыгар баарбынан,

Күлэ-үөрэ сылдьартан

Мин толору дьоллоохпун.

Оо, дьэ, эн, кэрэ кыыс,

Мин эдэркээн сүрэхпин

Аргыый киирэн аймаатыҥ...

Маннык ыраас хаар устун

Саҥа суолу хааллара,

Мин кэрэчээн доҕорум,

Олох устун айанныах.

Сүрэхтэрбит биир тэҥҥэ

Тэппиттэрэ астыгыан,

Эн мичээриҥ сылааһа

Арыаллыыра күндүтүөн.

Оскар ылыахтаах хартыына

Бүгүн соһуччу көрүстүм

Эдэр сааһым биир доҕорун –

Өлбөөдүйэн, өҥө сууллан,

Бэлиэр кырдьыбыт бэйэтин;

Хараастыы тыына хам тутан,

Саҥата суох өр соҥуоран,

Харахпытынан кэпсэтэн – 

Арыый кэҥээн сэлэстибит...

Олоҕуҥ үлтүркэйдэрин

Эргитэ самсаан көрдөххө:

Уйадытар уустук дьылҕа –

Оскар ылыахтаах хартыына.

Сытыйа байыы, дьадьайыы –

Көмүс кэм икки өрүтэ,

Дьыбар күҥҥэ бардамсыйыы–

Сата баһын быһа тардыы.

Дьолун тоҕута түспүтү – 

Хайа Айыы хаан сөбүлүөй,

Тотон өлбүт ийэ куту – 

Ханнык мэҥэ күүс тириэриэй?!

Бүгүн соһуччу көрүстүм

Эдэр сааһым биир доҕорун –

Өлбөөдүйэн, өҥө сууллан,

Бэлиэр кырдьыбыт бэйэтин.

Арҕаалаабыт күннээх халлаан

Сырдык күлүмэр сыламныы,

Алгыс үтүөтүн анаһан –

Этэҥҥэ көрсүөххэ дылы!

Муус килбэҥ

Ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир

Муус чохчо

Күндүл күөл көстүүтүн

Киэргэттэ.

Чөл сүрдээх, уу тыыннаах

Бар дьонум

Күннээҕи үөрүүтэ

Ол буолла.

Ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир

Уу буолан,

Утаҕы дуоһута

Ханнарыа;

Күннээҕи кыһалҕа

Умнуллан,

Сирдээҕи олоҕу

Уһатыа.

Ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир

Муус кэккэ

Сылаалаах күүс-күдэх

Күлүмэ,

Күн көмүс сүүмэҕин

Күллэрэн,

Тоҥ килбиэн – муус килбэҥ,

Күндүгүн!

Ып-ыраас, дьэп-дьэҥкир

Тыын утах – 

Сир дьонун үйэлээх

Үөрүүтэ.

Сайсарыга

Дьоллоох куорат Дьокуускайга,

Сайдар-кэҥиир "Сайсарыга" – 

Талба табаар, астык ас-үөл

Кэтэспиттии кэккэлииллэр.

Туймаадабыт туонатыгар

Аҥаардастыы сураҕырар,

Ааттаах-суоллаах эргиэн киинэ – 

"Сайсарыбыт", туругура тур!

Саха омук сураҕырдар,

Төрүт түөлбэ ас үтүөтүн:

Эмис эти, тоҥ чохоону,

Күн арааһын-мантан булуоҥ.

Сааскы халлаан чаҕылынан

Күһүҥҥү күн күлбүтүнэн,

Мэлдьи үөрэ-көтө көрсүө –  

Астаах-үөллээх Сайсарыбыт.

Туймаадабыт туонатыгар

Аҥардастыы сураҕырар,

Ааттаах-суоллаах эргиэн киинэ-

«Сайсарыбыт”, туругура тур!

Умнумаар

Бэс ыйыгар, соһуччу,

Хаардаах ардах түспүтэ,

Күөх Хонуубут ньуура

Туналыйа тупсубута – олус диэн!

Айыым – харам олоччу,

Сырдаабыта кылбаччы.

Маҥан хаардаах сайын

Иэйии кыымын саҕан,

Ыллаабыта сүрэҕим.

Көҥүл сиргэ улдьааран,

Аахайбакка барда диэн,

Кэрэ кыысчаан хомойон,

Хоргутума хом саныы – бука диэн...

Дойдум кэрэ таһаатын

Миэхэ мэлдьи санатар,

Күүтэр, ахтар-саныыр

Тапталлаах доҕорбун

Илдьэ кэлиэм мин сиэтэн:

“Кѳрсүѳххэ дылы, Сэргэлээх,

Бүтэрдим үѳрэх мургунун;

Саргылаах Сахаадам,

Тапталлаах Туймаадам -

Эн күүтээр, уолгун умнумаар!”

Арахсыы

Кыстыы ааһар үөр кубалар

Хоту дойду тымныы тыына

Аргыстаах эбиттэр.

Курус ырыа доҕуһуоллаах

Курас тыал сыһыыга оонньуур –

Куруһуон, чуҥкугуон.

Эмиэ биир сайын чаҕыл күннэрэ ааһан,

Таптал чараҥа чуҥкуйбуттуу иһийдэ;

Түспүт сэбирдэх сири-уоту толоро,

Арахсыы туһун мунчаарбыттыы түстээтэ.

Санааҕа ыар баттык буолар

Дьоло суох уостубут иэйии

Эрэлин сүтэрдэ.

Харыстаабатах эбиппит,

Хаар хаһыҥ тымныы тыыныттан

Сүрэхпит сылааһын.

Эмиэ биир сайын чаҕыл күннэрэ ааһан,

Таптал чараҥа чуҥкуйбуттуу иһийдэ;

Түспүт сэбирдэх сири-уоту толоро,

Арахсыы туһун мунчаарбыттыы түстээтэ...

Олоҕум аргыстара

Күн ийэм барахсан ыллыга

Тиэрдэр дии саас аайы

Күөх дуолга төлкөбүт түөрэҕэ

Түстэммит түөлбэтигэр.

Биир сиртэн куустуһан үүммүттэр

Аар хатыҥ чиргэл тиит,

Кэм-кэрдии өксүөнүн хатыһан

Силигилии сиппиттэр.

Бэрт кыра сааспыттан ытыктыы

Кэрэхсии көрсөбүн

Толуу тиит күлүгэр сөрүүкүүр

Саламалаах хатыҥы.

Сир дьоллоох тапталын мэктиэлии,

Чэчирии тупсаллар

Алааһым маанылаах мастара –

Олоҕум аргыстара.

Биир сиртэн куустуһан үүммүттэр

Аар хатыҥ чиргэл тиит,

Айаным суолугар алҕааннар

Аргыый далбаатаналлар.

Дьоллоох буолаар, эн олоххор

Сайын үтүѳтүн атаарса

Сонун үлэҕэ эриллэн,

Саҥа түспүт кырдаайылыын

Салгын кутум кѳтѳ дайар –

Хатыҥ күлүгэр сѳрүүкүүр

Ходуһам нарын симэҕэ,

Харах харатын кэриэтэ

Ханна саһан үүммүккүнүй?!

Күн кѳмүс сардаҥатынан

Эн тулаҕар сыдьаай ыһар,

Сылаас иэйиим ымыы буолан

Субууҥ тула эргичийэр.

Куйаас күнүм чаҕыл куота

Куурбут оттуун ѳрѳ тустан,

Киппэ бугул түѳһүн ууран

Кыраабыллыыр миигин куота…

Айыы түспүт алааһыгар

Күннүүн күлэр куйаас халлаан;

Айаннатыах аргыый наллаан

Омурҕанныыр от отуугар.

Дьоһун дьоннуун эҥэрдэһэр

Дуоһуйа кѳрбүт кыысчааным –

Дойдум отчут кэрэ куота,

Дьоллоох буолаар, эн олоххор.

Байанайдаах түүн

Ѳйбүн сүүйэр булт имэҥэ

Ньургуһуннуун тэҥҥэ тыллар,

Сүүрүктээх үрэх уораана

Бу да саас үөрэ көрсөр.

Дурда чуҥкук чуумпутуттан

Хараҕым сыыйа сабыллан,

Сүүрүк тыаһыгар бигэнэн -

Нухарыйан ылабын:

Бэс чагда ыллыгын устун,

Сарыы сонноох кэрэ кыысчаан

Миигин бэркэ билэр курдук –

Мичилийэр истиҥник.

Ханна көрүстүбүт этэй,

Хаһан эмиэ маннык баарай?!

Мунан турар мин чуумпубар…

Кынат тыаһа куһуурар.

Чээнэ тыатын түүҥҥү куота –

Түүлбэр киирбит кэрэ кыыһа,

Байанайдаах түүн үүммүтүнэн

Сааскы күммүт сардаҥата

Тиит төбөтүн ааҕа кууста,

Ньуолах түүлээх ньургуһуннуун

Түүҥҥү булдум кэккэлиир –

Бу түгэни үйэтитэ

Араас сиртэн түһэрэбин,

Махталлаах түүҥҥү ыалдьытым

Түсүһүөҕүн баҕара.

Чээнэ тыатын түүҥҥү куота –

Түүлбэр киирбит кэрэ кыыһа,

Байанайдаах түүн ааспытынан

Кэрэ түгэн

Утары күѳйэр кѳмүс түгэн,

Хатыламмат кэрэ кѳстүү -

Айыы кыыһа мадонна иһэр,

Күн күлэр тэҥҥэ биэбэйиниин.

Мадонна, мадонна Күн Айыы

Сырдык дьолу сыдьаай ѳрүү.

Ийэ таптала мэлдьи улуу –

Сиргэ тиийэ эн, сүгүрүйүүй.

Кэрэ күлүмэ кини буолан –

Ийэ дьоло оҕотунaн,

Тапталтан иэйэ, сырдыы тупса

Абылаата миигин Айыы куо.

Олохтон дуоһуйар Айыы куо

Кыра чыычааҕыҥ улаатан,

Аҕа аатын тосту олорон

Норуотун эрэлин толордун.

Мадонна, мадонна Күн Айыы

Сырдык дьолу сыдьаай ѳрүү.

Ийэ таптала мэлдьи улуу –

Сиргэ тиийэ эн сүгүрүйүүй.

Иэйэр хомус

Ааспыт олох кэмин

Сырдык көр илдьитэ буолан,

Былыргылыы сыыйа

Хомус тардар кыысчаан, үөртүҥ.

Хомус, иэйэр хомус,

Аптаах дьикти кылыһаххар

Саха буолбут саргым

Самныбатын санатаҕын.

Кыра дьоҕус бэйэҥ

Дууһа кылын таарыйаҥҥын,

Омук сирин ааҕа

Саха аатын үрдэтэҕин.

Үүнэр өксүөн кэмҥэ

Дьүрүлгэниҥ сайа тыынан,

Саха уран кутун

Өлбөт-сүппэт үйэлээтин,

Ыраас сырдык дьылҕалаатын.

Хомус, иэйэр хомус,

Аптаах дьикти кылыһаххар

Саха буолбут саргым

Самныбатын санатаҕын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....