06.03.2020 | 08:18

Бүтүн оҥоһуулаах уол оҕо буолуоҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Карл Новиков-Быйаман, Абый улууһа, Үрүҥ Хайа нэһилиэгэ:

- Дьокуускайга уобаластааҕы балыыһаҕа эмтэнэ сытан, көҥүллэтэн, биир субуотаҕа чугастааҕы улууска баар билэр дьоммор ыалдьыттаатым. Өрөбүлгэ куоракка киирэр дьон массыыналарыгар олорсон кэлэн иһэн, суолга массыынабыт алдьанан, Дьокуускайы түүн буллубут. Кыһыҥҥы тымныы үгэннээн турар кэмэ. Массыынабыт «Главпочтамт» чугаһыгар кэлэн букатын да турунан кэбистэ. Көһүтэ сатаан баран, «бу икки ардыгар сатыы да тиийээ инибин» диэн санаталаан ылабын да, итириктэргэ, күлүгээннэргэ түбэһэн иэдээҥҥэ тэбиллиэм диэн толлобун. Балай эмэ өр бодьуустаһан баран, массыыналаах дьонум биир суоппары кытта кэпсэтиһэн, дьиэлэригэр соһуллан барар буоллулар. Мин уулусса устунан сүүрэр-хаамар былаастаах балыыһам диэки бара турдум. Эмискэ эккирэтэр тыаһы истээт эргиллэ биэрбитим, миигиннээҕэр быдан үрдүк уҥуохтаах киһи ситэн кэлбит. - Куттаныма, баран ис! Ханналаан иһэҕин? - диэн саҥатын истэн хаһан да билбэтэх холкубар түстүм. - «Областнойга». Онно эмтэнэ сытабын.

- Мин убайым эмиэ онно киирбитин истэн, ыраах оройуонтан киирдим. Эн ханнык отделениеҕа сытаҕыный? -Бастакы терапевтическайга. - Мин убайым эмиэ онно сытар. Эмискэ иннибитигэр түөрт-биэс итирик туруктаах нуучча уолаттара суолу быһан, бүөлээн утары иһэллэрэ көһүннэ. - Ноо, дьэ, иһэллэр, - диэтим. - Көрөбүн. Эн мин кэннибиттэн батыһан ис! - диэн баран, киһим иннибэр киирэн, уулусса кытыытыгар туораан таҕыста. Киһибин батыһан мин эмиэ туораатым. Уолаттар ойоҕоспутунан буолууларын саҕана, киһим миигин ойоҕос өттүбүттэн хаххалыы истэ. Уолаттар биһигини ааһалларын кытта илиибиттэн ылан «тохтоомо, бара тур!» диэтэ уонна кэннибэр буола түстэ. Уолаттар туохха да аралдьыйбакка ааһа турдулар. - Хата тыыппатылар! Үчүгэй санаалаах уолаттар эбит, - диэтим. - Суох, оннук буолбатах. Кинилэр биһигини көрбөтүлэр. - Итиччэ чугаһынан ааспыт дьон хайдах көрбөт буолуохтарай, көрдүлэр ини, - диибин. - Көрбөтүлэр. Көрөр кыахтара суох этэ. Сотору балыыһабытыгар тиийэн ааны тоҥсуйдубут. Дьуһуурунай дьахтар ааппын-суолбун ыйытан баран, улаханнык сэмэлии-сэмэлии, бырааска үҥсүөх буолан суоһурҕанна да буоллар, ааны аһан киллэрдэ. Киирэн иһэн кэннибин хайыһан киһибин көрбүтүм, суох эбит. Сибилигин ааны тоҥсуйарбар турара ээ. - Хайа, киһим? - диэбитинэн эргичиҥнии түстүм. - Ханнык киһиҥ? - Иккиэ этибит. Эмискэ суох буолан хаалла. Тугун дьиктитэй! Тахсан көрүҥ эрэ, баҕар баара буолуо, - диэн көрдөстүм. - Баар буоллаҕына, тоҥсуйдаҕына, киллэриэм, - дии-дии дьуһуурунай сиэстэрэ мин сирэйбин-харахпын тургутардыы одуулаһар. – - Температуралааххын быһыылаах, сиэстэрэ кыыс киирэ сылдьыаҕа. Тахсан палаатаҕар көһүтэ түс. Чэ, бээ, мин бэйэм таһааран биэриим, - диэтэ уонна палаатабар киллэрэн биэрдэ. Ол кэннэ бииргэ палаатаҕа сытар оҕонньорбор туох буолбутун сиһилии кэпсээн биэрдим. - Алдьархайга түбэһиэхтээххин аанньалларыҥ көмүскээбиттэр. Бүтүн оҥоһуулаах уол оҕо буолуоҥ. Санаарҕаама, уоскуй, сынньан, - диэн кэбистэ.

Тыл күүһүнэн этэҥҥэ быыһаммыт

Тыаһыт Луохтуур, Ньурба, Маар:

- Өр сылларга медицинскэй сиэстэрэнэн үлэлээн баран, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор улаханнык ытыктыыр эдьиийим Груня кэпсээбитин сурукка тиһэргэ сананным.

Дьэ, арай өрдөөҕүтэ эдьиийим Маар балыыһатыгар сиэстэрэнэн үлэлии сырыттаҕына,  кини дьуһуурустубатын күн биир дьахтар оҕолоно киирбит. Оччолорго оҕолонор дьахтар үксэ тыа балыыһатыгар төрүүр этэ. Ол кэминээҕи тыа биэлсэрдэрэ дьахтары ханнык баҕарар усулуобуйаҕа төрөтө үөрүйэхтэр, күннээҕи үлэлэрин курдук буолааччы. Биэлсэрдэрэ сэрии бэтэрээнэ, сэриигэ байыаннай биэлсэринэн сулууспалаабыт, дэгиттэр сатабыллаах, билиилээх, билиҥҥэ диэри Маар нэһилиэгин саастаах дьоно үтүө тылынан ахтар киһилэрэ Тит Николаевич, дьон-сэргэ сөбүлээн ааттыырынан, биэлсэр Тиитэ эбит. Кини салалтатынан туох да улахан ыксаала, аймалҕана суох төрөтө үөрүйэх дьон дьахталларын этэҥҥэ төрөтөллөр. Оҕото эмиэ этэҥҥэ сиппит, үчүгэйкээн оҕо төрүүр. Дьэ барыта этэҥҥэ ааста диэн өрө тыынан эрдэхтэринэ арай дьахтардара кырааскалаан барар. Ити кырааскалаан диэн, хаана барары ааттыыллар. Оччолорго харысхал тыл буолара. Эмчиттэр барахсаттар хааны тохтотор туһугар туох баар миэрэни барытын ылаллар. Төһө кыалларынан укуол, систиэмэ туруораллар да, дьахтар хаана барара тохтообот. Эбиитин дабылыанньата түһэн, бэйэтэ кубарыйан барар. Дьэ ыксал буолар.

  Арай көрбүттэрэ, биэлсэрдэрэ Тит Николаевич улаханнык ыксаабыт көрүҥэ суох үһү. Холку куолаһынан сиэстэрэлээх санитаркатыгар «ону гыныҥ, маны гыныҥ» диэн дьаһайа туран, эмискэ мин билигин киириэм диэт, таһырдьа элэс гынан хаалбыт. Сотору буолаат, биир эр киһини кытта киирэн кэлбиттэр. Дьахталлар өйдөөн көрбүттэрэ, оччолорго Аканаҕа үлэлиир, аатырар, билиҥҥэ диэри уос номоҕор сылдьар биэлсэр Арамаан Гоголев эбит. Кини палатаҕа киирээт, хаана баран өйүн сүтэрэн эрэр дьахтарга өҥөйөн туран: «Хайа, хайдах буоллуҥ? Көр эрэ миигин, харахпын көр, мичээрдээ», - диэбит. Дьахтар Гоголевы көрө сытан нэһиилэ мичээрдээбитэ буолбут. Онтон биэлсэр Гоголев Грунялааҕы аан таһыгар тахса түһэллэригэр көрдөспүт. Эдьиийим санитаркатынаан көрүдүөргэ тахсан аан кэтэҕэр иһиллээн турбуттар. Киһилэрин саҥата эмиэ мин харахпын көр мичээрдээ диирэ үһү. Онтон туох диирэ кыайан иһиллибэттик, тугу эрэ ботугураан саҥарара үһү. Кэмниэ-кэнэҕэс биэлсэр Гоголев палататтан тахсан кэлбит. “Кыргыттар, киириҥ, куттанымаҥ. Барыта этэҥҥэ буолла, хаанын тохтоттум», -  диэбит. Эдьиийим аах киирэн көрбүттэрэ, кырдьык, киһи сымыйалаабытын курдук дьахтар хаана барара тохтоон хаалбыт. Аҕыйах хоноот этэҥҥэ быыһаммыт ийэ оҕотунаан балыыһаттан тахсыбыттар.

    Ол дьахтар кэлин кырдьан, оҕолорун улаатыннартаан, ыал буолбуттарын кэннэ, бу аҕыйах сыллаахха күн сириттэн барбыт. Хам-түм балыыһаҕа эмтэнэ киирдэҕинэ, ол тыл кистэлэҥин билээри туох тылы эппитэй диэн ыйыта сатаабытым да, хааным дэлби баран түлэс-балас сыппытым. Арай харахпын көр, мичээрдээ диирин өйдүүбүн, уонна тугу эрэ ботугуруур этэ да, олох өйдөөбөппүн диэбитэ. Көр, тылы сатаан тутуннахха оннук күүстээх буолар эбит. Дэлэҕэ өбүгэлэрбит этиэхтэрэ дуо “киһи тыла ох, тылынан өлөрүөххэ да, үтүөрдүөххэ да сөп» диэн. Номоххо киирбит улуу биэлсэр аҥаардас тылынан, тыл күүһүнэн хаана баран, субу өлөн эрэр, саҥа төрөөн сытар дьахтары өрүһүйдэҕэ ол. Аны биири дьиктиргиирим, бу биэлсэр Тиитэ эмискэ баҕайы ол Гоголев матассыыкылынан ааһан иһэрин хантан чуо билэн ыҥыран киирдэ? Түннүгүнэн көрөн тахсыбыт диэҕи, палата түннүгэ суол диэки буолбакка атын өттүгэр эбит. Тиитэ биэлсэр түннүгү өҥөҥнөөбөтөх даҕаны. Дьэ, дьикти...

                           Олоҥхо түгэнин курдук... Рев Дьаллаҕаарап, госсулууспа бэтэрээнэ, улуус Ытык Сүбэтин чилиэнэ, Бүлүү куората: - Лоп курдук 90 сыл анараа өттүгэр, 1922 сыллаахха, үрүҥнэр Дьокуускайы ыла сатаан баран кыайбаккалар, арҕаа диэки айаннаан кэлэн, Бүлүү куоратын төгүрүйбүттэрэ. Кинилэр Бүлүү куоратыттан 18 биэрэстэлээх, билиҥҥи Чернышевскай нэһилиэгин сиригэр Чуондулуга ыстааптаммыттара. Ийэм кэпсээнинэн, ол сылдьан Өкүндүгэ олорбут эһэм Дьаллаҕар Сэмэн икки улахан кыргыттарын (ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрин) күүстэринэн “ыстаапка үлэһит гынабыт” диэн илдьэ барбыттар. Ити сайын Строд этэрээтэ борохуотунан Дьокуускайтан устан кэлбитигэр, үрүҥнэр ыһыллыбыттар. Ол кэнниттэн үрүҥнэр илдьэ барбыт биир кыыстара, ийэм биир эдьиийэ, Сыдыбылга Аким Петров диэн киһини кытта ыал буолан хаалбыт. Кинилэртэн Сэмэн диэн уол хаалан, Үөһээ Бүлүү Балаҕаннааҕар тиийэн олохсуйбут уонна Васильевтар диэн улахан аҕа ууһун үөскэппит. Оттон биир эдьиийбит дьылҕата оннооҕор быдан уустук уонна хараастыылаах буолан тахсыбыт. Ийэм кэпсээнинэн, кыайтарбыт үрүҥнэр баһылыктара Куонаан Никииппэрэп, норуокка биллэринэн Куонаан Бандьыыт, ийэм иккис эдьиийин бэйэтин кытта илдьэ барбыт. Илин диэки күрээн иһэр үрүҥнэр тобохторо хамандыырдарын Куонааны Кэбээйи сиригэр-уотугар тиийэн баран өлөрөн кэбиспиттэр. Ол кэннэ кини муспут баайын-дуолун үллэстии буолбут. Онно Баппаҕаайыттан сылдьыспыт биир быраат: «Ити баайы-дуолу бэйэҕит үллэстиҥ, миэхэ бу дьахтары аҕалыҥ”, - диэбит. Онтон салгыы эдьиийбит эрэйдээх туох дьылҕаламмыта биллибэт, ууга тааһы бырахпыттыы сүтэн хаалбыт (ити барыта ийэбит кэпсээнинэн). Ийэм барахсан оннук өйдөбүллээх 85 сааһын туолан баран, 1989 сыллаахха анараа дойдуга аттанаахтаабыта.      Мин 75 сааспын туоларбар (2011 с.), оҕолорум бэйэлэрэ сүүрэн-көтөн, төлөбүрүн уйунан, урут ийэбиттэн ылбыт ахтыыларбын, бэйэм суруйууларбын түмэн, “Ийэ уолабын” диэн кинигэни оҥорон бэлэхтээбиттэрэ. Онтон биир кинигэни аҕа табаарыспар, сэрии бэтэрээнигэр, саппааска сылдьар полковникка, Бүлүү улууһун уонна куоратын бочуоттаах олохтооҕо А.И. Николаевка бэлэх биэрбитим. Афанасий Николаевич кыһын Дьокуускайга кыстыы олорон ол кинигэни биир табаарыһыгар, Кэбээйи киһитигэр, уларсан аахтарбыт. Онуоха ол киһи: “Куонаан Никииппэрэп туһунан манна сыыһа суруллубут, кини Бүлүүттэн аҕалбыт дьахтара биһиэхэ Кэбээйи Тыайатыгар олорбута. Киниттэн биир кыыс хаалбыт буолуохтаах”, – диэбит. Биһиги ону истэн баран соһуйуу бөҕө. Истэр тухары былыр гражданскай сэрии саҕана сүтэрсибит дьон булсубуттара диэни киһи билбэт. Сир-дойду уһугар, бып-быычыкаан Бүлүүгэ 90 сыл анараа өттүгэр буолан ааспыт гражданскай сэрии дьалхааныгар таһы-быһа сүтэн хаалбыт эдьиийбит тыыннаах хаалбыт, эбиитин бэйэтин солбуйар оҕону төрөтөн хаалларбыт эбит. Ол кэннэ биһиги балтыбытын, учууталы, биэс оҕо ийэтин Мария Михайловна Дьяконованы булан ыллыбыт, сыл устата үстэ көрүстүбүт. Ийэтэ төрөөбүт-улааппыт Өкүндүтүгэр, Ньурба Улуу ыһыаҕар, Дьокуускайга сиэним кыыс сыбаайбатыгар сырытыннардыбыт. Онон, ааспыт сыл миэхэ олоҥхо түгэнин курдук күүтүллүбэтэх көрсүһүүнү бэлэхтээтэ. Сэрии дьалхааныгар үс аҥыы ыһыллан хаалбыт кыргыттар тымырдара-сыдьааннара бары булустубут, билистибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....