Бөҕү харайар полигон тутуута 52% бэлэм
«Экология» национальнай бырайыагынан Дьокуускай куоракка «Кытаанах бөҕү харайыыны биир кэлимник быһаарыы» бырагырааманан полигон тутуллар.
Бэлиэтээн эттэххэ, ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар бу Арассыыйаҕа маҥнайгы быраактыка.
Сылга 132 тыһ. туонна кытаанах бөҕү харайар кыамталаах эбийиэк икки түһүмэҕинэн үлэҕэ киириэҕэ: биэстэн икки каарта маҥнайгы уочаратынан үлэҕэ киирээри турар.
Манна бөҕү тиэйэр станцияттан номнуо наардаммыт бөх тиэйиллэн, тырааныспар сырыыта биллэ кылгыаҕа. Оттон наардаммыт бөх полигоҥҥа сабыылаах бункердарынан ыытыллан, айан кэмигэр бөх суолу сыһыырдыыта мантан антах суох булуоҕа.
Бүгүҥҥү күҥҥэ үлэ 52% бэлэм. Онон атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри эбийиэк бастакы түһүмэҕэ үлэҕэ киириэхтээх. Иккис уочарат 2028 сылга былааннанан турар.