23.05.2020 | 10:27 | Просмотров: 618

Бүгүн 100 киһи коронавирустаата

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ыам ыйын 23 күнүнээҕи туругунан, Суһал штаб иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бүтэһик сууккаҕа 100 киһи коронавирустаата. 76 киһи Дьокуускайга. Ол аата уопсайа коронавируһунан ыалдьыбыт дьон ахсаана 1117 буолла, олортон 503 үтүөрбүт, 6 киһи суорума суолламмыт.

Билигин карантиҥҥа олорор Нам улууһун Салбаныгар 40-ча ыалдьыбыт киһи баара бэлиэтэнэр. Саастаахтар уонна араас ыарыылаахтар Дьокуускайга, Намҥа эмкэ киирдилэр.

“Ыалдьыбыт дьон уопсай ахсааныттан 176-та оҕолор. Ыам ыйын 12 күнүгэр хааччахтар сымнаабыттарын кэннэ, халлаан сайыҥҥылыы сылыйан дьон бэйэ изоляциятын тутуспат буолан барда. Уопсастыбаннай транспорынан элбэх киһи айанныыр, болуоссаттарга, балаһааккаларга дьаарбайа тахсар киһи элбээтэ”, - диэн Ил Дархан Айсен Николаев брифинигэр кэпсээтэ.

Дьокуускайга булгуччулаах мааска кэтии эрэсиимэ киирдэ. Оптуобуска, маҕаһыыҥҥа мааската суох дьону киллэриэ да суохтаахтар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.