26.03.2021 | 17:18

АЙЫЫ УОТ - АЙАР УОХ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Агафья Сивцева 1961 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр Уус Алдан оройуонун Дүпсүн нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Киниэхэ, дойду киһитигэр, туохтан да күндү уонна дьикти дьол – төрөөбүт сиргэ силистэнэн-мутуктанан, ыал-күүс буолан чэлгийэн-чэчирээн олоруу, сирдээҕи олоҕу сиэдэрэй оҥоруу, айар-тутар олоҕунан алгыстанан олоруу.

Агафья Сивцева-Дүпсүүнэ Биробиджаннааҕы медицинскэй училищены бүтэрэн, дойдутугар кэлэн сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. Сэмэн Сивцевы кытары ыал буолан, түөрт оҕолорун улаатыннаран, барыларын үрдүк үөрэхтээн, ыал оҥортоон, сиэннэрин бүөбэйдэһэн, билигин Дүпсүн сис ыала буолан сирдээҕи олохторун бэрийэ, сайдам олоҕу саргылаһа олороллор. Дүпсүүнэ эмтиир-томтуур идэтин кытары дьүөрэлээн айар-тутар, суруйар-бичийэр аналынан дьонугар-сэргэтигэр сулууспалаан өрүү да оргуйар олох үөһүгэр сылдьар далбар хотун. Үлэ бэтэрээнэ, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, "Уус Алдан улууһун култууратын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин" бэлиэ хаһаайката.

Хоһоонноро улуус, өрөспүүбүлүкэ бэчээтигэр тахсаллар, ырыа буолан кынаттанан дайаллар.

Агафья Сивцева-Дүпсүүнэҕэ айыы уот-айар уох уҕараабатын! Ытык  ыра санаа  сулуһа ыраахха угуйа суһумнаатын! Олоххо тапталтан олоҥхо тойуктар, хомоҕой хоһооннор, долгутуулаах, дьоһуннаах суруйуулар үөскүү турдуннар!

Саргылаана Гольдерова - Саргы Куо,

бэйиэт, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ.

Бүгүн түүн - мин саһан олорон,

Бүгүн түүн - эмиэ бу хоһоон,

Бүгүн түүн - утуҋбат мин түүнүм,

Бүгүн түүн - айыллыа биир хоһоон.

Ол аата – дууһабар уһуктуу,

Уйан да дьүрүскэн дьүһүллүү,

Санаалар хаттыгас хаһаастар

Хааччахтан тайаллар бу таска.

Иэйиилэр имэҥнээх иччилэр

Имнэнэн сүргэни түүйэллэр,

Утуппат урсуну уганнар

"Ураннык хоһуй" диэн этэллэр.

Бүгүн түүн - мин эйгэм иитигэр,

Бүгүн түүн - мин хоһоон иһигэр,

Бүгүн түүн мин бэйэм бүгүүбэр,

Бүгүн түүн - ааҕааччым туһугар.

Баалаамаҥ, баарыстаах барыыбын

Бу түгэн, элбэхтик иэйбэт ээ,

Баалаамаҥ, барыылаах ыырдарбын

Бу түгэн - миэхэҕэ бэлэх ээ!

***

Бырастыы, доҕоруом, бырастыы

Эдэркээн саастарым алҕаһа,

Күөҕүнэн чэлгийэр, симэнэр

Кыыс сааһым кэрэмэс киэргэлэ.

Эппэтэх айыылаах эбиппин,

Эйиэхэ таптаабыт дьылҕабар,

Этиэхтээх аналлаах эбиппин

"Эйигин таптыыбын" диэн тылы.

Ол иһин хомолто хоргуннаах

Ол ааспыт олоҕум оҥкула,

Ол иһин куруска кураахтаах

Ол ааспыт саһарҕам сыдьаайа!

***

Тиллии уонна тиириллии

Тэлбэ кутун кытта,

Тигинэччи тэбэр иэйии

Тилигирии тибийбитэ.

Тыллыы уонна тыбыырыы

Таарымталаах уоҕун кытта

Тылыгырас тыллыы кута

Тылыбырыы дайыппыта.

Ону кытта, кутаа уоттуу

Тулам суостуун кучуйбута,

Сүрэх түллэр, санаа күүрэр

Сүргэм сүрэ сүүдүҋбүтэ!

Ол барыта, тыл алыбын

Күүстээх күрүс күрсүүтэ,

Сахам тылын сата уотун

Сардаҥалаах сыдьаайыыта!

***

Санаммаппын хаһан да

Баартан барҕаны баһарга,

Бэлэмҥэ мээнэ мэччийэн

Биллиргэччи кэһэргэ.

Олох омоох суолугар

Бэйэм орохпун үктүүбүн,

Туора хаампат туһугар

Тулуктаһа сатыыбын.

Өбүгэм көмүс кэриэһин

Оо, кичэйэн салгыыбын,

Кэнчээрим кэскилин туһугар

Кэриэс этиини өйүүбүн!

***

Дүпсүнүм айар дьонугар

Солко күөххэ сууланан,

Күндү көбүөр кырыстан

Күндү туораах буоламмыт

Күлүмүрдээн тахсыаҕыҥ!

Көстөр күнүм көдьүүһэ

Дүпсүн сирэ барахсан,

Ойор тыргыл күн тыган

Ойбон хоһоон оонньоотун!

Чугдаарыйар чуораанныы

Үөмэхтэһэ түһэммит,

Дьолбут айар чороонун

Кыынньар уоҕун туойуоҕуҥ!

Кэриэн айах буоламмыт

Кэккэлэһэ сылдьаммыт,

Ыллыы-туойа туруоҕуҥ,

Уруй-туску домнуоҕуҥ!

***

Доҕоруом, эн көрүүҥ угуттуур кутаата

Күн уотун сылааһа сылаарар сыдьаайа,

Доҕоруом, эн иэйэр тапталыҥ төлөнө

Ийэ сир илгэлээх күөх дуолун чэлгиэнэ.

Ол иһин олохпут өҥ кырыс олбохтоох,

Далбарай чыычаахтыы лыҥкынас тойуктаах,

Ол иһин олохпут илгэ-дуол тирэхтээх,

Түһүлгэ түстэһэр төрүт уус төлкөлөөх.

Ил-эйэ илгэлээх иэйиитин

Үйэ-саас харыстыах, хараанныах,

Дьол-соргу куустуспут кутаатын

Умайар суоһугар сыламныах!

***

Сирбит, талбыт ааспыт кэммин

Аны кэлэн сиэппэппин,

Орох тэппит омоон суолбун

Отой олох сирбэппин.

Түспэтийиим түлүк түүнэ

Чаҕылыйан сырдык буоллун,

Санаа аалар уһун күнэ

Мичилийэн минньийдин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....