Айсен Аммосов: “Дьөһөгөй айыыһыттаах буоламмын”
Ырыаһыт, хомусчут Айсен Аммосов кыл оҥоһуктарын бар дьон дьүүлүгэр карантин кэмигэр социальнай ситимнэргэ таһааран сөхтөрдө. Оҥоһуктара олус ураннар уонна чахчы ураты истииллээхтэр.
– Айсен, эйигин ордук хомусчут, ырыаһыт быһыытынан билэбит. Кылынан хаһааҥҥыттан дьарыктанар буоллуҥ?
– Дьиҥэ, мин кылынан өрүүнү уруккуттан сатыыбын. Аан бастаан сиэлинэн, кылынан ону-маны оҥороллорун гастроллуу сылдьан көрбүтүм уонна куруук олус ымсыырар, үөрэниэхпин баҕарар этим. Саха сирин ханнык да улууһугар тиийдэххэ, кулууп аайы иэйиэхсит эбээлэр кылынан өрөр түмсүүлээх буолаллар. Олор үлэлэрин умсугуйан, сыныйан көрөр этим.
Онтон биир маастартан үөрэммитим. Кини аатын киэҥ эйгэҕэ таһаарыан баҕарбат. Киниттэн кылы наардыырга, өрөргө, хатарга, бу дьарык албаһыгар барытыгар үөрэммитим. Үөрэнэн баран, бириэмэм суох буолан, наар хаалларан иһэрим. Дьэ бу карантин кэмигэр сололонон, таптыыр дьарыкпар ылыстым.
– Киһи төһө түргэнник үөрэнэр эбитий? Туох ыараханнааҕый?
– Бастаан ыарахан соҕус этэ. Син өр үөрэммитим. Түргэнник сатаабытым диэбэппин. Саамай уустуга – кылы наардааһын – өҥүнэн, кылгас, уһун диэн араарыы. Сууйуута эмиэ өр. Хас биирдии устуукатынан ааҕан, суоттаан өрөҕүн.
Кылга, сиэлгэ ураты сыһыан наада
– Матырыйаалгын хантан булаҕын? Уратытык хараллар, дьаһаллар дииллэр...
– Матырыйаалбын үксүн инстаграмҥа биллэрии таһааран булабын. Баран бэйэм көрөн, хаачыстыбалааҕын талан ылабын. Сорох дьон наһаа үчүгэйдик харайбыт буолаллар, сорохтор кутуругу олох бөх курдук туталлар эбит.
Сууйуута наһаа ыарахан үлэ. Бастаан дэлби фейригэ хаста да төхтүрүйэн сууйаҕын. Мин өссө кыратык шампунь кутабын. Салҕыы элбэх ууга сайҕыахха наада. Онтон куһаҕанын кырыйан, кылгаһынан, уһунунан наардыырга, сууйарга-хатарарга биир кутурукка ортотунан 2-3 күн барар эбит.
– Оҥоһуктарыҥ туһунан кэпсээ. Кыл ураты тыыннаах дииллэригэр итэҕэйэҕин дуо?
– Мин бэйэбин Дьөһөгөй айыыһыттаах буоламмын, сылгыга чугаспын диибин. Ол иһин кылынан, сиэлинэн айар-тутар үлэҕэ дэбигэстик сыһынным дии саныыбын.
Оҥоһуктарым бары харысхал суолталаахтар. Үрүҥ көмүһүн биир ууска анаан-минээн сакаастыыбын. Олох ыксалга маҕаһыынтан баран атыылаһыахпын сөп.
Бөҕөхтөрү, кольелары өрөн таһаарабын. Үрүҥ көмүс подвескалыыбын, хатааһынныыбын. Үрүҥ көмүстэрин таларбар, оҥорторорбор бэйэбэр чугас соҕуһу, ураты тыыннааҕы тала сатыыбын.
Кыл чахчы эмтиир күүстээх. Ону таһынан киһини харыстыыр сүдү энергетикалаах буоларын бэйэбинэн билэбин. Сыанаҕа кэтэр көстүүмнэрбэр кыл элбэхтик туттулларын дьон бэлиэтии көрөр буолуохтаах – бу миигин абааһыттан харыстыыр, куһаҕан санааны тэйитэр, дьон хос саҥатын чугаһаппат сыаллаах.
– Дьон төһө сакаастыырый?
– Эдэр оҕолортон саҕалаан олох аҕам саастаах дьон кытта сакаастыыллар. Бэл кып-кыра 6 ыйдаах оҕоҕо бөҕөх оҥотторбуттара. Саха дьоно былыр-былыргыттан сылгы таҥаралаах, Дьөһөгөй айыылаах. Ол иһин кылтан, сиэлтэн оҥоһуктарга ураты истиҥ сыһыаннаах.
Хейтердэри кытта иккитэ сууттаһан кыайдым
– Инстаграмҥар ас астыыргын сөбүлүүргүн көрдөрөҕүн. Саамай табыллар фирменнэй бүлүүдэҥ ханныгый?
– Ээ, ити ас астыырбын сөбүлүүр буоламмын, төһө сололоохпунан, дьоммор астыы сатыыбын. Саамай табыллар бүлүүдэм – “Айсен Аммосов бөрүөгэ” . Онтукабын инстаграммар да таһаара иликпин, тоҕо диэтэххэ оҥоһуллара уустук соҕус уонна састааба сыаналаах астартан турар. Кэнники, санаам буоллаҕына, таһаарыам этэ. Уонна көннөрү дьон бары астыыр аһын барытын сатыыбын.
– Дьон хос саҥатын, хейтердэр үөхсүүлэрин хайдах ылынаҕын?
– Хейтердэр диэн миэхэ, дьэ, саамай ыарахан тиэмэ. Үөхсэр дьон айахтарын киһи хайдах да сатаан бүөлээбэт эбит. Инстаграммар үөхтэхтэринэ, сирэйдэрин, страницаларын таһаарааччыбын – дьон биллиннэр диэн.
Икки киһини кытта сууттаһан кыайбытым. Аһара наһаалаабыттарыгар, сирэйэ-хараҕа суох үөхсүбүттэригэр суут-сокуон эрэ көмөлөһөр буолла диэммин, прокуратураҕа үҥсүү суруйбутум. Тута кимнээхтэрин, туохтарын булан ылбыттара. Онон хейтердэри, наһаалаатахтарына, бар дьон билэр гына страницабар таһаарабын, өрө бардахтарына суукка да үҥсүөхпүн сөп.
– Айар үлэҕэр инникитин туох былааннааххыный?
– Бырастыы гыныҥ, ол эрэн мин инники былааммын хаһан да кэпсээбэппин.
– Карантин кэмин дьиэ кэргэҥҥит хайдах атаарарый? Онлайн үөрэхтээһини туох дии санаатыгыт?
– Карантин бириэмэтигэр уолбут дьиэтиттэн олорон үөрэнэр. Бары сөбүлүүр дьарыктаах буоламмыт, холкутук, дьиэбититтэн ханна да быкпакка олоробут. Мин кылбынан дьарыктанабын, дьонум эмиэ бэйэлэрэ туспа дьарыктаахтар. Бука бары дьаҥ-дьаһах тэскилиэр диэри тулуурдаах буолуохха, дьиэбитигэр олоруохха, бэйэ-бэйэни харыстаһыахха.