«Аврора» авиахампаанньа субсидиялаах хайысхалары арыйда
Муус устар 14 күнүттэн «Аврора» авиахампаанньа «Дьокуускай – Красноярскай» маршрутунан көтүүнү саҕалыыр уонна бэс ыйын 1 күнүттэн «Мирнэй – Хабаровскай» хайысханан көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.
2022 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыттан үс тиһиктээх эриэйсэлэр саҕаламмыттара: Дьокуускай – Чита, Улан-Удэ уонна Нерюнгри – Хабаровскай.
«Якутия» авиахампаанньа «Аврора» Уһук Илиҥҥи биир кэлим авиахампаанньа састаабыгар «код-шеринговай» Сөбүлэһии чэрчитинэн көтөр (код-шеринг – авиахампаанньалар биир хайысханан эриэйсэлэри оҥоруулара).
«2021 сыллаахха Саха сирин олохтоохторо чэпчэтиллибит сыананан Дьокуускай – Хабаровскай хайысханан эрэ атыылаһар кыахтаахтара. 2022 сылга көтүү бырагыраамата кэҥээтэ. Ол курдук, «Якутия» авиахампаанньа «Аврора» Уһук Илиҥҥи биир кэлим авиахампаанньа састаабыгар биэс саҥа социальнай суолталаах хайысхалары арыйда. Онон өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун бары категориялара ити хайысхаларынан чэпчэтиллибит сыанаалаах билиэттэри ылыахтарын сөп», - диэтэ СӨ Тырааныспарга уонна суол хаһаайыстыбатыгар миниистирин солбуйааччы Ольга Рафаилова.
Ити хайысхаларынан көтүү бэс ыйыттан алтынньы ыйга диэри оҥоһуллуоҕа. Сорох хайысхаларынан билиэттэри атыылааһын саҕаланна, тарифтар удамырдар уонна Арассыыйа Бырабыыталыстыбатынан субсидияланаллар.