Арыгы атыыта бобулунна, оптуобус аҕыйаата
Ил Дархан бэнидиэнньик киэһэ таһаарбыт Укааһыгар олоҕуран, коронавирус инфекциятын тарҕаныытын хонтуруоллуур туһугар, дьиэҕэ олоруу эрэһиимэ Дьокуускайга (манна киин куорат аттынааҕы нэһилиэктэр бары киирсэллэр), Жатайга, Мииринэй уонна Нерюнгри оройуоннарыгар “толору самоизоляция” эрэһиимэ олохтонно.
Билиҥҥи кэмҥэ ордук ирдэнэр идэлээхтэр эрэ үлэлэригэр бараллар-кэлэллэр, чугастааҕы маҕаһыыҥҥа тахсыаххытын, ыты дьиэҕит таһынан эрэ дьаарбатыаххытын, бөххүтүн быраҕыаххытын сөп. Онтон атын биричиинэлээх таһырдьа тахсаргыт сөбө суох.
Хас биирдиибит эппиэтинэһэ маннык кэмҥэ үрдээн биэрэр. Бэйэ-бэйэбитин харыстыаҕыҥ, ыарыы тарҕаныытын бытаардыаҕыҥ!
Ону тэҥэ, дьиэҕэ олоруу эрэһиимин кэмигэр арыгы атыыта бобулунна.
Муус устар 5 күнүгэр диэри Дьокуускайга оптуобус сырыыта аҕыйаата. Сарсыарда 06.30 чаастан 09.00 чааска диэри (10-нуу мүнүүтэ арыттаах) уонна киэһэ 17.30 чаастан 20.00 чааска диэри (15-тии мүнүүтэ быыһылаан) оптуобустар сылдьыахтара.
Оттон күнүс уонна киэһэ 8 чаас кэннэ оптуобустар сырыылара тохтоото.