20.05.2022 | 16:00

АГАТУ быйыл тыһыынчаттан тахса бүддьүөт миэстэлээх

АГАТУ быйыл тыһыынчаттан тахса бүддьүөт миэстэлээх
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа бырабыыталыстыбата сылын аайы үрдүк үөрэх кыһаларыгар бүддьүөт миэстэтин элбэтиини үбүлүүр. Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическэй университекка 2022 сылга босхо миэстэ 15,37 % үрдүүр диэн АГАТУ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Быйылгы үөрэх дьылыгар бүддьүөт миэстэтигэр 1067 эдэр дьон киириэхтэрин сөп, ити былырыыҥҥытааҕар 164 миэстэнэн элбэх. Бырабыыталыстыба ылынар миэрэлэрэ омук сириттэн кэлэр табаардары солбуйарга туһуламмытын өйдүүр буоламмыт, регион уратытын учуоттаан, агропромышленнай комплекс исписэлиистэрин үөрэтэн таһаарарга бэлэммит. Бүддьүөт миэстэтин элбэтии регион каадырынан хааччыллар боппуруоһун быһаарарга көмөлөһүөҕэ. Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэ улуустара технологтарга, зоотехниктарга, агрономнарга наадыйаллар. Былырыын «Информационные системы и технологии» хайысхаҕа киирэ сатааччы элбэҕэ. Билигин абитуриеннар агроинженер, АПК эйгэтигэр экономист, землеустроитель уонна кадастровай инженер идэлэрин талаллар. РФ Бырабыыталыстыбатын ылынар миэрэлэрэ, дойдубут экэниэмикэтин тутар үрдүк квалификациялаах каадырдары иитэн таһаарарга туһуламмыттар», - диир университет ректорын эбээһинэһин толорооччу Валерий Федоров.
Арктическай судаарыстыбаннай агротехнологическэй университекка үөрэххэ киирии хампаанньата бэс ыйын 15 күнүттэн саҕаланар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....