Аата суох ойуун
Былыр Бэс күөлүн алааһын булуҥар сүөһүтэ да, сылгыта да суох аҥаардас, «Аата Суох» диэн ойуун олорбут. Кини булдунан, балыгынан, ону таһынан ыҥырыынан ойууннаан айаҕын ииттэр эбит.
Кырдьаҕас өлөр кэмэ кэлэн дуу, хайаан дуу, эмискэ кэриэһин эппэккэ өлбүтүн булан ылан өтөҕүн таһыгар, Сиинэ кытыытыгар Харыйа үрэх булуҥар, уҥуох туппуттар. Ол көмпүттэрэ төһө эрэ буолан баран өрт уота сиэн кырдьаҕастарын кириэһэ, эргитиитэ, күрүөтэ-хаһаата күл буолан хаалбыт. Онуоха чугастааҕы ыаллар ичээннэрэ, түүллээхтэрэ түһээн Аата Суох ойуун кыырарын истэллэр эбит. Кырдьаҕас:
— Дьиэбин-уоппун, тэлгэһэбин өрт уота сиэн күл-көмөр оҥордо. Ону дьонум-сэргэм күүс-көмө буолаҥҥыт, уҥуохпун бу сытар сирбиттэн хостоон атын сиргэ көһөрөҥҥүт, хос уҥуох көтөҕүҥ, — диэн көрдөһөр эбит. – Аны саас хара хапсыыр саҕана Харыйа үрэх эҥээригэр оторсуҥҥа биир байтаһын тайаҕы хаайан биэриэм. Ол тайаҕы бултаан, онон үттүөбэйдээн, аһаан-сиэн уҥуохпун көһөрөөрүҥ.
Сааһыгар кыанар дьон били «хаайыллыбыт» тайаҕы бултаан, кырдьаҕастарын уҥуоҕун иккистээн Харыйа үрэх толоонун саҕатыгар көһөрбүттэр.
Аҕыйах сыл буолан баран бу көһөрбүт уҥуохтарын эмиэ өрт уота сиэн кэбиспит. Кырдьаҕастара эмиэ дьон түүлүгэр киирэн муҥун ытыыр үһү. Аны Бэс күөлүн алааһын халдьаайытыгар көһөрөллөрүгэр көрдөһөр эбит. Манньатын ыһыах буолуо сэттэ хонук иннинэ Бэс күөлүгэр элбэх үөр андыны тоҕуорутуох буолбут. Мустубут дьон онон мииннэнэллэригэр көрдөспүт.
Били этиллибит болдьохтоох кэмнэригэр сааһыттар уонна уһанар дьон Бэс күөлүгэр тиийэн көрбүттэрэ, күөл уута хара эриэн ынах тириитин тиэрэ тарпыт курдук хара луоҕу анды бөҕө мустан баран хара болуот буолан өрө-таҥнары уста сылдьар эбит. Сүүрбэччэ сааһыт саалара итийиэр, күөл үрдэ туманнырыар диэри ыта сатаан баран сааларын сэбэ баранан уурайбыттар. Ити кэмҥэ соҕурууттан күүстээх тыал түһэн өлбүт андылары күөл хоту кытылыгар үлтү күрдьэн биэрбит. Дьон андыны сыарҕалаах оҕустарга тиэйэн, сороҕун сүгэн тарҕаспыттар. Ол курдук, эмис андынан мииннэнэн кырдьаҕастарын уҥуоҕун үһүстээн көһөрбүттэр.
Онтон ылата Бэс күөлүн Бэс Андылаах диэн ааттыыр буолбуттар.