05.06.2020 | 08:45

Ааспыт сууккаҕа 72 киһи коронавирустаата, 2 киһи тыына быһынна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн, бэс ыйын 5 күнүнээҕи эпидемиологическай туругу Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Елена Борисова брифинигэр иһитиннэрдэ.

Ааспыт суукка устата 72 киһи коронавирустаата, онтон 64 – Дьокуускайга, үстүү – Намҥа уонна Алдаҥҥа, 2 – Мииринэйгэ.

Билигин 1000-тан тахса киһи балыыһаҕа киирэн эмтэнэр. Ааспыт сууккаҕа 100 киһи үтүөрэн таҕыста.

Оҕо ыалдьара элбээтэ – коронавирустаабыт дьон 40 бырыһыана оҕолор буоллулар. Кинилэр ыарыыны чэпчэкитик уонна сибикитэ суох аһарыналлар, ол иһин ыарыыны тарҕатааччы оруолун толороллор.

Ааспыт сууккаҕа 2 киһи тыына быһынна.

Дьаҥ тарҕаныаҕыттан Саха сиригэр коронавирустаабыт киһи ахсаана 2380 буолла, 1137 киһи үтүөрдэ, 12 киһи суорума суолланна. 18 киһи ыарахан туруктаах сытар, 531 киһи ыарыыны чэпчэкитик аһарыналлар. Ааспыт сууккаҕа лабораториялар 3469 анаалыс оҥордулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....