01.05.2020 | 20:20

3 сааһыгар диэри оҕолоохторго көмө харчы

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үһүгэр диэри саастаах оҕолоох, ийэ хапытаала көрүллэр дьиэ кэргэттэригэр, пандемия кэмигэр көмө быһыытынан олохтоммут эбии төлөбүрү оҥорорго, өрөспүүбүлүкэҕэ федеральнай бүддьүөттэн уопсайа 90,2 мөлүйүөн солкуобайтан тахса суума тыырылынна.

Муус устар 29 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэ 16100 дьэ кэргэнэ 5000 солкуобайдаах эбии көмөнү тутта.

Биэнсийэ пуондатын Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэринэн, төлөбүр Ийэ хапытаалын эрдэ туһаммыт дьиэ кэргэттэргэ эмиэ көрүллэр. Бу көмөнү ыларга сүрүн ирдэбил: дьиэ кэргэҥҥэ 2020 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри үс сааһын туола илик оҕо баара.

Эбии көмөнү ийэ хапытаалын туоһу суруга суох ылыахха сөп. Биэнсийэ пуондатын уорганнара ый аайы көрүллэр эбии төлөбүрү оҥоруу туһунан быһаарыыны кытта тэҥҥэ туоһу суругу бэлэмниэхтэрэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....