03.01.2021 | 11:04

2021 сыл тугу түстүүрүй?

2021 сыл тугу түстүүрүй?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Биһиги хаһыаппыт хаһыс да сылын таһаарар үтүө үгэскэ кубулуйбут балаһалардаах. Ол курдук сыл бүтэһик нүөмэригэр сулустар эһиилги сылы кэрэһилииллэрин ааҕааччыларбытыгар билиһиннэрэбит.

Үгүс сыллар кэтээн көрүүлэринэн, Оҕус сыла атыттартан холкутунан уонна биир кэмник ааһарынан уратылаах. Үгэс курдук бу кэмҥэ бөдөҥ айылҕа уларыйыылара буолбаттар. Айар дьоҕурдаах дьону ситиһии күүтэр, араас былааны олоххо киллэрэргэ барсар кэм. Бу сылга оҕолонуу үгүс үөрүүнү эрэ бэлэхтиэ. Кинилэр доруобай, тус сыаллаах-соруктаах, улахан кыһалҕата суох олоххо бэйэлэрин миэстэлэрин булар дьон буола улаатыахтара.

Крыса

Бу сылга төрөөбүттэр, бааргытын-суоххутун харыстыы сылдьыҥ, олоххо уларыйыылары эккирэтимэҥ, манна сыһыан эбэтэр олорор сиргитин уларытыы киирэр. Доҕотторгутун уонна саҥа билсибит дьоҥҥутун кытта элбэхтэ кэпсэтиҥ, сэлэһиҥ, кинилэр үгүс үтүө сонуннары аҕалыахтара. Бэйэ дьыалатынан дьарыктанар дьон төбөлөрүгэр туһалаах идеялар киириэхтэрэ, кылаабынайа – ону туора ууран кэбиспэккэ, олоххо киллэриэххитин наада.

Ол да буоллар үлэҕэ төбөҕүт оройунан аһара түһүнүмэҥ. Сынньалаҥы умуннаххытына, сыл бүтэһигэр күүскүт өһүллүө, олохтон сылайыаххыт. Онон барытын биир тэҥник дьүөрэлээн сылдьыҥ.

Оҕус

Бэйэтин сылыгар хорсун уонна дьүккүөрдээх, дьаныардаах буолуон наада. Бу сылга төрөөбүт дьон үксүн туруу үлэһит буолаллар, онон бэйэлэрин сыалларыгар икки төгүл күүстээхтик айанныахтаахтар. Саҥа бырайыактары саҕалыахтара эрэ кэрэх, ситиһии күүтэр, маныаха барытын сөптөөхтүк толкуйдааҥ, ханнык да авантюраҕа кииримэҥ.

Тус олохторугар эмиэ үтүө уларыйыылар күүтэллэр. Аналгын, холоонноох доҕоргун көрсүөххүн сөп. Маны таһынан доруобуйаҕар болҕомтоҕун уура сырыт. Сыл иккис аҥаарыгар баалаабыт ыарыыларыҥ өрө көбүөхтэрин сөп, онон үчүгэйдик сынньанаргын умнума.

Баабыр

Тугу этэргэр-саҥараргар барытыгар сэрэнэн сыһыаннас, уһун кэмҥэ туппуккун, оҥорбуккун биирдэ мэлитиэххин сөп. Бэйэҕин эрэ истимэ, атын дьон санааларыгар болҕомтоҕун эмиэ хатаа. Маннык гымматаххына үлэҕэр, сыһыаҥҥар улахан кыһалҕалары көрсөр куттал баар.

Бу сыл үөрэххэ барсар. Саҥа билии, өйү-санааны сайыннарыы, кэҥэтии үрдүк чыпчааллары ситиһиннэриэ. Сыл бүтэһигэр куһаҕан, мөкү барыта кэннигэр хаалыа, үлэҕэр уонна дьиэ кэргэниҥ тупсуутугар, сайдыытыгар күүскүн-кыаххын ууруоҥ. Бу барыта үтүө түмүктэри, ситиһиини, өрөгөйү аҕалыа, кыһалҕа барыта быһаарыллыа.

Кролик (куоска)

Сыл бастакы аҥаарыгар уһун болдьохтоох былааннары уонна бэйэҥ иннигэр быһаарыыны ылыныма. Бу кэм олус түргэн уларыйыылардаах буолуоҕа. Ол курдук ситиһии кыһалҕанан солбуллуо, ону быһаараргар элбэх бириэмэ, күүс бараныа.

Уларыйыыларга бэлэм дьону ситиһиилэр күүтэллэр. Бу үлэҕэ-хамнаска, тус сыһыаҥҥа сыһыаннаах. Доруобуйаҕын көрүнэ сырыт, кэмигэр көрдөрүнэн ис, үлэни кытта сынньалаҥы тэҥҥэ тут.

Дракон

2021 сыл — уруккуттан уура, сытыара сылдьыбыт былааннаргын олоххо киллэрэргэр бэртээхэй кэм. Бары саҕалааһыннарга ситиһии күүтэр, уопсастыба билиниитин, оннооҕор албан ааты ылыаххын сөп. Болҕомто киинигэр буоларгыттан куттаныма. Бу саҥа саҕахтарга тахсаргар бэртээхэй үктэл буолуо.

Соҕотох, сулумах дьон, аналгытын көрдөөҥ, олоххут тухары олорор киһигитин көрсүөххүтүн сөп. Дьиэ кэргэҥҥэ үүт-тураан олох бүрүүкүө, толору сыһыан олохтонуо. Маны саҥа таһымҥа таһааран чугас дьоҥҥутун кытта өссө үгүс үөрүүнү көрсүөххүт.

Моҕой

Карьераҕар уонна тус олоххор сыыһалары, харгыстары көрсүбэт инниттэн, тулалыыр дьон сүбэлэрин ылыныма. Сөптөөх быһаарыылары бэйэҥ оҥор уонна тус уопуккар эрэн. Бу барыта сөптөөх суолу ыйан-кэрдэн биэриэ.

Чугас дьоҥҥун кытта кэпсэтиигэ хомоҕой өйгүн, сатабылгын киллэр. Наһаа улахан ирдэбили туруорума, мантан эбии кыһалҕа үөскүөн сөп. Ис санааҕын иһит – кини хаһан да эйигин түһэн биэрбэтэҕэ. Бу ордук долгутуулаах, дьоһуннаах дьыалалары оҥороргор туһалыа.

Дьөһөгөй

Олоххор буолуохтаах уларыйыылары икки төгүл ыйааһыннаан көр, ол кэннэ эрэ сөптөөх быһаарыыны ыл. Үлэҕэр барыта этэҥҥэ, киһи соһуйар-өмүрэр түгэннэрэ күүппэттэр. Сорохтор уруккуттан баҕарбыт баҕа санаалара туолан саҥа үлэ миэстэтин булуохтара.

Тус олоххутугар барыта үүт-тураан буолбат. Кыралаан хом санаалар, мэһэйдэр, өйдөспөт буолуу тахсыан сөп, онуоха болҕомтоҕун хатыы сылдьарыҥ наада. Барытын ыйааһыннаан, толкуйдаан көрө сырыт, кыра аайы тымтан турума, оччоҕо сыл бэйэтин дьаалытынан устан ааһыа.

Коза (бараан)

Туохтан барытыттан уруогу ыла сырыт уонна түмүктэри таһаар. Бу барыта инникитин улахан туһаны аҕалыа. Дьоһуннаах, суолталаах быһаарыылары ылынаргар туһалаах сүбэлэри биэриэн сөптөөх уонна көмөҕө кэлэр дьоҥҥо эрэн, итэҕэй.

Тус олоххор барыта биир тэҥ, холку, чугас киһигин кытары сыһыаҥҥын бөҕөргөтүөххүн сөп. Сулумах дьон, аҥааргытын көрдөөҥ, дьолгут аттыгытыгар сылдьар буолан хаалан үөрдүө, дьылҕа бэлэҕин мүччү тутумаҥ.

Эбисийээнэ

Настары-анньаҕыт уларыйа сылдьар буолан бу сылга араас соччото суох түгэннэргэ түбэһиэххитин сөп. Онон бэйэҕитин хонтуруоллана сылдьыҥ, тылгытын-өскүтүн кыана туттуҥ, урукку доҕотторгутун кытары сыһыаны алдьатымаҥ. Карьераҕа бэрэбиэркэни ааспыт ньыманы тутуһуҥ. Саҥа этиилэргэ сэрэнэн сыһыаннаһыҥ.

Олоххут таһыма улахан уларыйыыта суох, онон хамнас үрдэтэргэ күүскүтүн наһаа бараамаҥ. Дьиэ кэргэҥҥэ барыта үтүө, үчүгэй кэмнэр бүрүүкүөхтэрэ. Сыл бастакы аҥаарыгар доруобуйаҕытын кэтэнэ сылдьыҥ, сылайан, сылаарҕаан күүскут-уоххут энчириэн сөп.

Бөтүүк

Үлэҕэр эбэтэр бизнескэ ситиһиилээх буолар инниттэн тус өҥөҕөр эрэ эрэн уонна буола турарга сөптөөх хардыыны, быһаарыыны ыл. Уһун сыллаах эрэйиҥ, дьэ, тиллэн бэйэтин түмүктэрин биэриэ. Бу саҥа таһымҥа тахсаргар туһалыа, кылаабынайа – таах быар куустан олорума, хамсанан ис. Толкуйдаабытыҥ, тобулбутуҥ барыта олоххо киирэн уһун кэмнээх, инникилээх сайдыыны, үтүө түмүктэри аҕалыа.

Тус олоххор барыта этэҥҥэ. Дьиэ кэргэнэ суох дьон ыал буолуохтара. Оттон ыал буолбут дьон, өйдөһүүнү, сыһыаны тупсарар инниттэн санааҕытын онно салайыҥ.

Ыт

Бэйэҕин кыатана тутта сырыт, соһуччу быһаарыылары ылыныма, бу сөбө суох буолуохтарын сөп. Этиһиигэ, иирсээҥҥэ киирэн биэримэ, буруйдаах буолан хаалбат туһуттан ортоку былааҥҥа сылдьарыҥ ордук.

Төһө да чугас дьонуҥ, доҕотторуҥ арааска түбэстэллэр, бэйэҕин сиэртибэлээмэ, кэлин кэмсинэ сылдьыаххын сөп. Үлэҕэр, тус олоххор барыта этэҥҥэ, ситиһии сиэттиһэ сылдьыа. Олоххор үөрүүлээх уларыйыылар күүтэллэр. Үтүөнү баҕарар дьону сыаналаа, үчүгэй сыһыаны куруук олохтуу сырыт, оччотугар сылыҥ үөрүүнү эрэ аҕалыа.

Сибиинньэ (кабан)

Олоххо суолталаах элбэх быһаарыыны ылыаҥ, бу барыта сөптөөх буолуохтара. Саҥа саҕахтартан толлума, үпкэ-харчыга, карьераҕа үтүө уларыйыылары күүт. Маныаха актыыбынай хамсаныылары оҥоруоххун наада.

Сыл бастакы аҥаарыгар барытын бэйэҥ толкуйгунан оҥор. Дьиэ кэргэҥҥэр бытархай кыһалҕалар бэрт дөбөҥнүк быһаарыллыахтара. Тус сыһыан үөрүүнү аҕалыа, онтон сылтаан хорсун быһыылары оҥороргор күүс-уох эбиллиэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...