28.05.2020 | 20:51 | Просмотров: 760

2 КҮН: маҕаһыыннар сабыллаллар, оптуобустар сылдьыбаттар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ салалтатын уонна Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын ыам ыйын 28 күнүгэр туруорбут соруктарыгар олоҕуран, Дьокуускай куорат баһылыга Сардана Авксентьева COVID-19 утары эбии миэрэлэри киллэрэр дьаһалы таһаарда.

Саҥа тахсыбыт дьаһалга тирэҕирэн, ыам ыйын 30-31 күнүгэр, толору дезинфекция ыытылларынан сибээстээн, оптуобустар сырыылара тохтуур.

Куорат бары тэрилтэлэрин, офистарын салалталара дезинфекцияны ыытар эбээһинэстэнэллэр.

Маны таһынан, атыы-эргиэн маҕаһыыннара ыам ыйын 30 күнүгэр киэһээ 20.00 чаастан, бэс ыйын 1 күнүн сарсыарда 08.00 чааһыгар диэри сабыллан толору дезинфекцияҕа барыахтара.

Кууһунан атыылыыр маҕаһыыннар ыам ыйын 29 күнүгэр күнүс 16.00 чаастан,  бэс ыйын 1 күнүн сарсыарда 09.00 чааһыгар диэри дезинфекцияҕа сабыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.