15-тэн элбэх киһилээх корпоративтар көҥүллэммэттэр
Саҥа дьыллааҕы корпоративтар 15-тэн элбэҕэ суох киһиэхэ ыытыллыахтарын сөп.
Дьокуускай административнай хамыыһыйатыгар кэпсээбиттэринэн, саҥа дьыллааҕы уонна ороһуоспатааҕы бырааһынньыктар кэмнэригэр, 2020 сыл ахсынньы 15 күнүттэн — 2021 сыл тохсунньу 15 күнүгэр диэри, рестораннар, кафелар, остолобуойдар, буфеттар, баардар уо.д.а. уопсастыбаннай аһы-үөлү тэрийэр тэрилтэлэр, сарсыарда 08.00 чаастан — киэһэ 23.00 чааска диэри, таһырдьаттан киирэр ааннара туспа турар уонна остуоллар икки ардыларыгар икки миэтэрэ тэйиччи олорууну хааччыйар буоллахтарына эрэ үлэлииллэрэ көҥүллэнэр.
15-тэн элбэх киһилээх банкеттары, дискотекалары ыытыы бобуллар. Мааскалаах сылдьыы уонна социальнай тэйиччи туттуу быраабылаларын тутуһуу булгуччулаах.
«Тэрээһиннэри ыытыы кэмигэр, ол иһигэр саҥа дьыллааҕы корпоративтарга, сокуону кэһиилэр таҕыстахтарына тэрийээччилэргэ административнай боротокуол тэриллиэҕэ», — диэн Административнай хамыыһыйа салайааччыта Феликс Антонов бэлиэтээтэ.