24.04.2020 | 09:45 | Просмотров: 683

Тутааччыларга Роспотребнадзор саҥа ирдэбиллэри олохтуур

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавирус тарҕаныытын уодьуганныыр сыалтан, Роспотребнадзор тутуу эйгэтигэр үлэлиир тэрилтэлэргэ кэккэ сүбэлэри таһаарда.

Үлэһиттэр бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса алтыспаттарын туһугар, үлэлэрин көрүҥүнэн көрөн, тус-туспа биригээдэлэргэ, симиэнэлэргэ араарар тоҕоостоох.

Симиэнэ саҕаланыыта үлэһиттэр температураларын бэрэбиэркэлиир, илиилэрин антисептигынан обработкалыыр ирдэнэр.

Тутуу тэрилтэлэрин салалталара үлэһиттэрин биирдэ кэтиллэр медицинскэй мааскаларынан хааччыйыахтаахтар. Үлэлиир сиргэ аһыыр көҥүллэммэт. Аһыыр сиргэ илии суунар, дезинфекциялыыр усулуобуйа баар буолара ирдэнэр. Элбэх киһи тоҕуоруһар тэрээһиннэрин ыытыы бобуллар.

65-тэриттэн аҕа саастаах дьону үлэлэриттэн тохтотуллар. Таһырдьа тымныыга үлэлиир дьону, сэбиргэхтэппэттэрин туһугар, ичигэс таҥаһынан хааччыйыллыахтаах.

Тутуу тэрилтэлэрин салайааччылара үлэһиттэригэр тус гигиена, дезинфекция быраабылаларын билиһиннэриэхтээхтэр.

Сиһилии манна көр: https://якутск.рф/RPN.pdf

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.