07.12.2024 | 10:36

Дьокуускайга «Кино на службе Отечеству» документальнай киинэ бэстибээлэ буолар

Дьокуускайга «Кино на службе Отечеству» документальнай киинэ бэстибээлэ буолар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 10-13 күннэригэр Дьокуускайга Арассыыйа Бэрэсидьиэнин култуура эйгэтигэр көҕүлээһиннэргэ пуондатын, Арассыыйа култууратын министиэристибэтин, Аҕа дойду буойуннарын дьиэ кэргэттэрин кэмитиэтин өйөбүлүнэн ыытыллар «Кино на службе Отечеству» көһө сылдьар бэстибээл буолаары турар.
Бэстибээл чэрчитинэн Дьокуускай куорат олохтоохторугар анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Арассыыйаҕа оҥоһуллубут документальнай киинэлэри көрөр, фронтовой режиссёрдары, айар бөлөхтөрү, поэттары, музыканнары кытта көрсөр кыах баар. 
Ол курдук, бырагыраамаҕа «Я иду Домой» (Андрей Ященко, Владислав Рыдков, Юлия Забарова), «Отважные. Сёстры» (Олеся Шигина) уонна «Отцы Донбасса» (Константин Зайцев) документальнай киинэлэр киирбиттэр. 
Бэстибээл киинэлэрин көрдөрөр балаһааккалар:
- Ю.А. Гагарин аатынан аныгы култуура уонна искусство киинэ;
- «Арассыыйа – мин историям» мультимедийнэй паарка;
- «Сосновый бор» оҕо лааҕыра;
- «Үлэ кыбаартала» креативнай кластер;
- орто анал уонна үрдүк үөрэх кыһалара.
Сиһилии тэрээһин саайтыгар билсиҥ: https://kinootechestvo.ru/.
Санатар буоллахха. «Кино на службе Отечеству» бэстибээл 2023 сылтан ыытыллыаҕыттан 47 региоҥҥа 280 тыһыынча көрөөччү 70 документальнай киинэни көрбүт. Быйылгы бэстибээл тиэмэтэ - «Служение», диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...