11.12.2024 | 11:02

Тыа хаһаайыстыбатын салаатын түмүгүн таһаардылар

Тыа хаһаайыстыбатын салаатын түмүгүн таһаардылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2024 с. өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагырааманы олоххо киллэриигэ 15,885 млрд солк. көрүллүбүтэ. 2020-2023 сс. үбүлээһин кээмэйэ 10,668 млрд солкуобайтан 15,771 млрд солк. диэри, ол эбэтэр 1,5 төгүл улааппыта.
Биэҕэ субсидия кээмэйэ 3 тыһ. солкуобайтан 5 тыһ. солкуобайга диэри улаатыннарыллыбытын түмүгэр 2019 с. быйыл аан бастаан сылга ахсаана элбээтэ. Ол курдук, 2023 с. сэтинньи 1 күнүгэр 240 329 сылгы баар буоллаҕына, 2024 с. бу ахсаан 243 428 тиийдэ. 
Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката тэхиньиичэскэй уларыта тутуу түмүгэр оҥорон таһаарыы иэнин сылга 100 мөл. солк. тиэрдиэхтээх. 
Тэпилииссэҕэ үүнэр оҕуруот аһын иэнэ 9 тыһ. туоннаны куоһаран, былырыыҥҥы көрдөрүүттэн 19% улаатта. 
Өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын үлэтин түмүгүн таһаарар мунньахха Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников Ил Дархан Айсен Николаев Стратегическай ыйааҕар олохтоох бородууксуйаны оҥорон таһаарыы иэнин 2030 сылга диэри 1,5 төгүл улаатыннарар соругу туруорбутун бэлиэтээтэ. 
Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сокуоннарга уларытыылары киллэриигэ элбэх үлэ ыытыллар. Субвенциялар туһунан региональнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии түмүгэр  муниципальнай оройуоннар бүддьүөт үбүн тыырыыга уонна субсидия кээмэйин олохтооһуҥҥа боломуочуйалара кэҥээтэ. Дьоҕус кыамталаах эбийиэктэри тутууну инвестициялааһын чааһыгар эмиэ кэккэ боломуочуйалар бэрилиннилэр. Кэлэр сыллааҕы субвенция уопсай кээмэйэ 1 млрд солк. улаатан, 8,884 солк. тэҥнэспит.
Санатар буоллахха, Ил Дархан Стратегическай ыйааҕыгар бааһына иэнин 70 тыһыынча гааҕа, эти оҥорон таһаарыы иэнин 8 тыһ. туоннаҕа, үүт бородууксуйатын 15 тыһ. туоннаҕа тиийэ улаатыннарар, уонтан итэҕэһэ суох көрүҥ бородууксуйаны экспорка таһаарар, ону сэргэ аграрнай үөрэх выпускниктарын аҥаарыттан итэҕэһэ суоҕу үлэнэн хааччыйар соруктары туруорбута, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Хаартыска: тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...