07.12.2024 | 14:00

Билэриҥ туһалыа

Билэриҥ туһалыа
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Туттуллубут, кирдээх ууну, куһаҕан убаҕаһы тиэйэр сулууспа кэлим диспетчерскэйэ суукканы эргиччи үлэлиир нүөмэрэ наада буолан туруон сөп: +7‒924‒591‒42‒72, +7‒914‒270‒57‒30, +7‒914‒273‒50‒60.

 

• Уотуҥ бардаҕына, киин электрическэй ситим тэрилтэтин контакт-киинин нүөмэригэр эрийэн ыйытыаххын сөп:

Хас күн аайы сарсыарда 08.00 ч. киэһэ 19.00 ч. диэри (өрөбүлэ суох) бу нүөмэринэн билсиҥ: 8-800-100-22-15.

 

• Ону таһынан, уоту эрдэттэн былааннаан араарыы баар буолуон сөбүн быһыытынан, “Якутскэнерго” ПАО телеграм-ханаалын киирэн көр. Онно былааннаах араарыы ханнык улууска, ханнык дэриэбинэҕэ, куоракка буоларын, уулуссатын, түөлбэтин, туох үлэ ыытылларын чопчу ыйан туран таһаарбыт буолаллар.

 

• Дьокуускай куорат элбэх кыбартыыралаах тутуутугар лиип алдьаннаҕына, лиипкэ хаайтардахха, саахал сулууспатын кэлим нүөмэрин билэриҥ туһалыа: 8-4112-43-55-15.

• ”Домофон-сервис” нүөмэрэ – 8-4112-40-20-78. Сорох салайар хампаанньалар домофону хааччыйар туһунан бэйэлэрэ тэрилтэлээх буолаллар. Оннук түгэҥҥэ УК-ҕыт диспетчеригэр эрийэҕит.

 

• Гаас сыта кэлэрин биллэххэ (ханан эрэ быыһылыыр буолуон сөп!), сонно тута «04» нүөмэргэ эрийэр куолу. Оттон суотабай төлөпүөнтэн эрийэргэ «104» нүөмэри баттыыргытын умнумаҥ.

 

• ”Суһал көмөҕө” наадыйдахха «03» эрийэн ыҥырары оҕо да дьон билэр. Ол эрээри суотабайтан эрийэр буоллахха, хайаан да иннигэр «1» сыыппаралаан, «103» баттыахтааҕы үгүстэр билбэттэр. Оттон полиция «02» нүөмэрин оннугар суотабайтан эрийэргэр «102» баттыыгын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...