Нотариуска Госуслуги портал нөҥүө суруйтарыахха сөп
РФ Сыыппараҕа министиэристибэтэ Федеральнай нотариальнай палаатаны кытта «Судаарыстыбаннай уонна муниципальнай өҥөлөр биир кэлим порталлара» (Госуслуги) федеральнай судаарыстыбаннай информационнай систиэмэҕэ нотариуска суруйтарар өҥөнү үлэлэтэллэр.
Бүгүҥҥү күҥҥэ өҥө бу көрүҥүнэн 80 тыһыынча киһи туһанна. Ол курдук, «Универсальная запись к нотариусу» сервис көмөтүнэн гражданин бэйэтигэр табыгастаах нотариальнай хонтуораны талар, ирдэнэр докумуоннары билсэр, ону нотариуска эрдэттэн бэрэбиэркэҕэ ыытар кыахтаах.
Госуслуги нөҥүө нотариуска суруйтарыы хаамыыта:
1. Макс роботтан бу өҥө туһунан ыйыт — көрдүүр строкаҕа «нотариус» диэн тылы суруй уонна Enter баттаа;
2. «Запись к нотариусу» нөҥүө региоҥҥун уонна нотариальнай хайысхаҕын тал;
3. Докумуоннаргын уган, эрдэттэн бэрэбиэркэлэтиэххин сөп;
4.Табыгастаах нотариальнай хонтуораҕын, күҥҥүн-дьылгын, бириэмэҕин тал;
5. Тус кабинеккар сайаапкаҥ бигэргэммитин күүт.
Арассыыйа сыыппара сайдыытыгар министиэристибэтигэр бэлиэтииллэринэн, дойду нотариустарын 90% Нотариус электроннай халандаарыгар холбоммут, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.