06.12.2024 | 14:00

Дьэллик ыты көрдөххүнэ

Дьэллик ыты көрдөххүнэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иччитэ бырахпыт эбэтэр иччилээх ааттаах да, көрүүтэ-истиитэ суох  көҥүл көччүйэр түөрт атахтаах доҕор, хомойуох иһин, билигин да  дэлэй. Төһө эмэ анал сулууспа үлэһиттэрэ дьэллик ыты тутууга үгүс күнү-дьылы ыыталларын, хааһына үбэ харыыта суох барарын үрдүнэн балаһыанньа итинник. Ол курдук, сыччах  Сайсары уокуругар, чааһынай сектора киэҥ да буолан буолуо,  бу дьыл 11 ыйыгар 273 ыт тутуллубут! Ити иһигэр кэнники нэдиэлэҕэ – 3 ыт. 

Сокуон быһыытынан, бэйдиэ сылдьар ыт тутуллар (отлов), төрөөбөт-ууһаабат оҥоһуллар (стерилизация), быһыы ылар (вакцинация) уонна  тутуллубут сиригэр төһө эрэ кэм буолан баран ... төттөрү ыытыллар. Эрэйдээх сокуон диэтэҕиҥ!

Ол да буоллар көрүүтэ-истиитэ суох, дьоҥҥо сэрэхтээх ыт бэйдиэ сылдьарын көрдөххүтүнэ, ааһа турумаҥ:

• Дьуһуурустубалыыр кэлим диспетчерскэй сулууспа +7 (4112)-44-42-51, 44-42-29 нүөмэригэр уонна “СРБЖ” ХЭУо +7-914-301-65-54 төлөпүөнүгэр эрийэн, ыт хайа диэки сылдьарын этэн, туттарар кыахтааххыт.

 

Ыккын сүтэрдэххинэ

Арай ыккыт төлө баран эбэтэр ханнык эмэ төрүөтүнэн алҕас тиэргэнтэн тахсар, сүтэр түгэнигэр 8-924-870-00-06 нүөмэргэ эрийэн токкоолоһор кыахтааххыт.

Ону тэҥэ Дьокуускай к. Очиченко уул., 57 нүөмэригэр баар “Помоги выжить” приюкка сирэй тиийэн ыйыталаһыаххытын сөп.

Сүрүнэ, ыккытын быстах да кэмҥэ көрүүтэ-истиитэ суох бэйдиэ ыытымаҥ, дьону эрэйгэ тэбимэҥ. Ыстараап улааппытын умнумаҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Дьон | 10.01.2025 | 10:00
Физик-удаҕан Байхаана: «Суолларын арыйабын, баайы-дуолу тардабын»
Саҥа сылбыт үүннэ, ону тэҥэ бастакы ыйбыт – Таҥха Хаан ыйа саҕаланна. Бу ыйы былыр бүтэй кэм дииллэрэ. Саха киһитэ былыр-былыргыттан бу ыйга билгэлэнэр, аһыллар, сэрэбиэйдэнэр, итэҕэйэр. Бу кэмҥэ түһээбит түүл иччилээх, тойоннооһуна дьиҥнээх буолар, бит-билгэ олоххо киирэр диэн этэллэр. Мин бүгүҥҥү ыалдьытым чараас эйгэни кытта үлэлиир, өбүгэ ситимин оҥорор...
Биэнсийэ туһунан
Сонуннар | 11.01.2025 | 10:00
Биэнсийэ туһунан
Тохсунньу 1 күнүттэн үлэлээбэт биэнсийэлээхтэргэ эрэ буолбакка, үлэлии сылдьааччыларга эмиэ страховой биэнсийэ 7,3 % индексацияланар. Тоҕо чопчу 7,3 % диир буоллахха, дойду үрдүнэн бэлиэтэммит инфляция кээмэйин “сырыһыннарыы” буолар. Үчүгэйэ, үлэлии сылдьааччы билигин ыла сылдьар биэнсийэтэ буолбакка, үлэттэн тохтоотоҕуна ананыахтаах кээмэйэ индексацияланар. РФ Социальнай пуондата маннык холобуру биэрбит:           Холобур, үлэлии сылдьар...
Ыччат хотонтон сиргэммэт
Дьон | 13.01.2025 | 12:00
Ыччат хотонтон сиргэммэт
«Үөрэххин эрэ кичэй, хотоҥҥо саах күрдьээччи, ынах кутуругун эрийээччи буолаары гынаҕын дуо?» – диэни үгүс көлүөнэ элбэхтик истэн улааппыт буолуохтаахпыт. Бу сыыһа өйдөбүллэргэ ыччаппытын иитэн, тыа сириттэн тэйиттибит диэн билигин кэлэн муҥатыйабыт... 30 саастаах Мичил Кононов, 22 саастаах Даниил Романов, Иван Оконешников, Олег Пивоваров быйыл фермер буоларга холоно сылдьар, саха...
Ороһуоспа түүн
Сынньалаңңа | 11.01.2025 | 16:00
Ороһуоспа түүн
Дьыбардаах Дьыл оҕуһа хойуу туманынан сир ийэни бүрүйэр кэмигэр, тохсунньу обургу тоһуттар тымныылаах томороон түүнүгэр дьапталҕа муус анныгар эбэ барахсан оргууй уста сыппыта. Бу манна эбэ баарын, сыа хаар бүрүйэн, таһыччы мэлдьэһэр курдуга. Муус маңан киэң нэлэмэн киэли кытылыгар баар номнуо оһон эрэр ойбон туманы ыһа, оргууй буруолаан ыла-ыла, хараара...