Кинилэр итэҕэс буолбатахтар, арыый уратылар...
Талааннаах педагог оҕону «итэҕэс» эбэтэр «мөлтөх» диэн араарбат, атарахсыппат, кими да туораппат, кини иитиллээччилэригэр биир тэҥник сыһыаннаһар. Ураты болҕомтону эрэйэр оҕолору кытта үлэлиир, биир тылы булар эттэххэ эрэ дөбөҥ.
Бу туһунан ааспыт нэдиэлэҕэ Ф.И. Авдеева төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах Бүтүн Арассыыйатааҕы «Авдеева V-с ааҕыылара» научнай-практическай конференцияҕа киэҥ далааһыннаах кэпсэтии таҕыста, ырытыһыы, дьүүллэһии түһүлгэтэ түстэннэ. Тэрээһиҥҥэ 300-тэн тахса киһи хабылынна. Манна даҕатан эттэххэ, быйылгы конференцияҕа Беларусь, Кыргызстан өрөспүүбүлүкэлэриттэн, Москва куораттан тиийэ кыттаннар, ааҕыылар таһымын өссө үрдэттэ.
Үлэ алта сиэксийэнэн, үс балаһаакканан барда. Эбии үөрэхтээһин педагогтара оҕону сайыннарыыга, иитиигэ уопуттарын үллэһиннилэр, санааларын атастастылар.
Тэрээһин чэрчитинэн ыытыллыбыт араас быыстапкалар, маастар-кылаастар, түһүлгэлэр киэҥ сэҥээриини ыллылар.
«Дополнительное образование как пространство воспитания социально активной личности» диэн сиэксийэҕэ билиҥҥи кэмҥэ тыын суолталаах боппуруостар таарылыннылар.
«Чаҕыл» оҕолоро чаҕылхайдар!
Доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор эбии дьарыктарга сылдьан, дьону кытта алтыһа, бодоруһа үөрэнэллэр. Бу хайысха саамай сүрүн көдьүүһэ – оҕолор тэҥ саастыылаахтарыттан итэҕэс курдук санаммакка улааталларыгар төһүү күүс буолуута. Бу туһунан элбэх педагог бырайыагар сэргии иһиттибит.
«Истибэт оҕолор ураты буолаллар, тулалыыр эйгэни, олоҕу көрүүлэрэ чыҥха атын. Тарбахтара (мелкая моторика) ордук сайдар», – диэн санаалаах Юлия Васильевна Алексеева. Кини истибэт оҕолор Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) интэринээт-оскуолаларын иһинэн «Чаҕыл» муода тыйаатырын үлэлэтэр. Педагог этэринэн, дьарык айар дьоҕуру сайыннарарын ааһан, оҕону социальнай олоххо иитэр эйгэ быһыытынан суолтата үрдүк.
– Бастакы сылбытыгар дьарыкпытын судургу уонна бытархай оҥоһуктартан (холобур, магнитиктары, салпыакка уурар, көстүүм бытархай дэтээллэрин) саҕалыыбыт, туоһу быһарга, эскиис уруһуйдуурга, ону тэҥэ оҕуруонан үлэлииргэ үөрэнэбит.
Иккис сылга оҕолор билиилэрин чиҥэтэллэр, араас тиэхиньикэҕэ, ньымаҕа ылсаллар, төрүт иискэ сысталлар, сатыыллара улам элбиир. Түөскэ кэтиллэр симэхтэри, бастыҥалары, курдары, сахалыы көстүүм дэтээллэрин оҥороллор.
Үһүс сылбытыгар бииртэн биир ыарахан технологияны баһылыыллар. Сахалыы эбэтэр авангард истииллээх көстүүмнэри, бүтүн кэллиэксийэлэри айан таһаараллар. Туоһунан, оҕуруонан эрэ буолбакка, аны тириинэн, түүлээҕинэн үлэлииргэ үөрэнэллэр. Выпускниктарбыт сатабылларын салгыы сайыннаран, инникитин идэ оҥостоллоро ордук үөрдэр, – диэн өр сыллаах үлэтин кэпсээтэ.
Чахчы, оҕолор туоһу ыллатар дьоҕурдарын, оҕуруонан олоҕу ойуулуур уран оҥоһуктарын бары кэрэхсии көрдүбүт.
Юлия Васильевна интэринээт-оскуола киэн туттар выпускниктарын ааттаталаата. Виктор Кириллин Новосибирскайдааҕы Судаарыстыбаннай тэхиньиичэскэй университеты бүтэрбит. Уус-уран оҥоһуктар маастара. Билигин Израильга олорор, онно үлэлиир.
Тамара Крыжановская Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжыгар туттарсарыгар Юлия Васильевна бэйэтэ сылдьыспыт, дьүлэй диэн ылымаары гыммыттарыгар: «Көрөөрүҥ да, истээриҥ да, эһиги истэр оҕолоргутунааҕар үчүгэйдик үөрэниэҕэ», – диэбитэ, чахчы, туолбут! Кыыс үөрэх кыһатын кыһыл дипломунан бүтэрбит! Билигин уран тарбахтаах иистэнньэҥ буола үүммүт.
Виктор Стручков – И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы технология уонна дизайн педколледжын выпускнига. Ленскэй куоракка олорор, столяр.
Иннокентий Сергучев Новосибирскайдааҕы Судаарыстыбаннай тэхиньиичэскэй университеты ситиһиилээхтик бүтэрбит. Билигин Новосибирскай куорат дьаһалтатыгар ыччат политикатын исписэлииһинэн, ону тэҥэ интэринээт-оскуолаҕа иитээччинэн үлэлиир. Магистратураҕа «Сурдопедагогика» диэн идэҕэ үөрэнэр.
Норуот уус-уран айымньыта сүдү күүстээх!
Билиҥҥи үйэҕэ үгүс оҕо хойут тылланара кистэл буолбатах. Онуоха эбии дьарык көмөлөһүөн сөп.
Елизавета Дорофеева Н.И. Протопопова аатынан Бүлүү к. «Кэскил» оҕо эбии үөрэхтээһин киинигэр «Сайдыы» куруһуогу салайар. Кини доруобуйаларыгар хааччахтаах, ТНР-даах (тяжелое нарушение речи) оҕолору ырыа искусствотыгар угуйар. Эдэр педагог норуот уус-уран айымньытын сүдү күүһүн дьарыктарыгар хото туһанар. Ол курдук, Елизавета Иннокентьевна тэттик уонна судургу эрчиллиилэртэн саҕалаан, чабырҕаҕы уонна норуот ырыаларын таба дьүөрэлиир. Кини этэринэн, ураты оҕолор ийэлии сылаас сыһыаны эрэйэллэр.
«Эйиэхэ эрэниэхтээхтэр, итэҕэйиэхтээхтэр, оччоҕуна эрэ үлэ түмүктээх буолар», – диэн санаалаах. Эдэр педагог иитиллээччилэрэ куорат, улуус тэрээһиннэригэр көхтөөхтүк кытталлар. Дьон-сэргэ ортотугар тутта-хапта сылдьарга, сыанаҕа тахсартан толлубат буоларга эрэллээх хардыылары оҥороллор.
Ураты сыһыаны эрэйэллэр
Инклюзивнай үөрэхтээһин киириэҕиттэн доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолор тэҥ саастыылаахтарын кытта бииргэ үөрэнэр, дьарыктанар, билиини ылар кыахтаахтар.
Александра Викторовна Чемпосова – Покровскайдааҕы «Хаҥалас» оҕо эбии үөрэхтээһин киинин педагога, медиа-киини салайар. Кини ураты сыһыаны эрэйэр оҕолору кытта үлэлэрин билиһиннэрдэ.
– Инклюзивнай үөрэхтээһин бырагырааматынан үөрэнэр оҕо уопсай ахсааныттан 24 бырыһыана дьиэҕэ олорон үөрэнэр, 51 бырыһыана – доруобуйатыгар хааччахтаах, 25 бырыһыана – инбэлиит. Барыта 687 үөрэнээччилээх буоллахпытына, хас биирдии кылааска ортотунан үс оҕо ураты сыһыаны эрэйэр, – диэн кэпсээтэ кини.
Дьиэҕэ олорон үөрэнэр оҕолор уопсастыбаҕа киирэллэрэ (социализация) бытаан буоларын бэлиэтээн туран, педагог маннык тэрээһиннэр кинилэр сайдыыларыгар үрдүк суолталаахтарын ыйда. Итиэннэ эбии үөрэхтээһин киинин педагогтара доруобуйаларыгар хааччахтаах оҕолорго анал спортивнай күрэхтэһиилэри, көрдөөх стартары, Доруобуйа күннэрин, дьиэ кэргэнинэн күрэхтэри көҕүлээн ыыталларын сэһэргээтэ.
Чахчы даҕаны, оҕо барыта биир тэҥник сайдыбат. Кини бэйэтин кыаҕынан, баҕар, бытааннык да буоллар, бу олоххо дьоһун хардыылары оҥоруон сөп. Онно сүрүн көмөлөһөөччүлэринэн, оҕону көччөх гынан көтүтэр дьонунан эбии үөрэхтээһин педагогтара буолалларын «Авдеева ааҕыыларыгар» сылдьыбыт эрэ итэҕэйэр.
***
Оҕо аймах кэскилин туһугар олоҕун анаабыт, эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр бэйэтин суолун-ииһин үйэлэргэ хаалларбыт, Саха сирин үөрэхтээһинин кинигэтигэр аата кыһыл көмүс буукубанан суруллар чулуу педагог, Дьокуускай куорат Бочуоттаах гражданина, киин куоракка Пионердар дыбарыастарын (билиҥҥи Оҕо айымньытын дыбарыаһа) сүүрэн-көтөн туттарбыт Фатия (Фаина) Иннокентьевна Авдеева төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт «Авдеева ааҕыылара» научнай-практическай конференция үрдүк таһымнаахтык ааста.
Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ