06.12.2024 | 18:00

«Саха сирин бриллианнара-2024»: кыайыылаахтар ааттаннылар

«Саха сирин бриллианнара-2024»: кыайыылаахтар ааттаннылар
Ааптар: Марфа ИВАНОВА
Бөлөххө киир

Быйылгы “Саха сирин бриллианнара” муус уонна хаар оҥоһуктар куонкурустара үгэс курдук “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл чэрчитинэн сэтинньи 25 – ахсынньы 1 күннэригэр ыытылынна.

Тэрээһини “Дьокуускай куорат” уокуруктааҕы дьаһалтата, “Северное сияние” муус паарката иилээн-саҕалаан тэрийдилэр. Куонкурус ыытыллар күннэригэр мындырдар мустан уран оҥоһуктарынан күөн көрсөр туоналарын элбэх дьон сэргии кэтээтэ, бииртэн биир хаартан, муустан чочуллубут кэрэ көстүүлээх скульптуралары хаартыскаҕа хатаата. Быйылгы куонкурус кыайыылаахтарын ааттара ахсынньы 1 күнүгэр “Өрөгөй” спорт комплексыгар бэстибээл сүрүн тэрээһинин кэмигэр билиннэ.

 

Быйылгы конкуруска, эрдэ суруйбуппут курдук, Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтиттэн, Монголияттан, Приморскай, Хабаровскай кыраайдартан уонна Саха сирин араас муннугуттан скульптордар кэлэн күрэхтэстилэр. Күрэхтэһии быйыл үс көрүҥүнэн буолла: муус оҥоһукка блиц-турнир, муус скульптураҕа уонна хаар оҥоһукка күрэстэр. Быйыл, үөрүөхпүт быатыгар, куонкурус былаһын тухары кыһыммыт тыына сымнаан, халлаан күүскэ тымныйбакка турда. Инньэ гынан кыттааччылары сэргэ күрэс буолар сиригэр көрөөччү да балайда муһунна.

Скульптордар чочуйбут мындыр үлэлэрин судургу киһи хараҕынан биир тэҥник “бэртээхэй” диэн сыаналыыр эбит буоллаҕына, бу идэҕэ ыкса сыһыаннаах, талааннаах, бу эйгэҕэ улахан ситиһиилээх дьон дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээн, күүстээхтэн күүстээҕи кыраҕы харахтарынан чорбото көрөн, кыайыылаахтары быһаардылар.

Ол курдук, быйылгы куонкуруска дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлинэн Арассыыйа скульптора, худуоһунньуга, муус оҥоһугу чочуйууга норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурус 12 төгүллээх, аан дойду 4 төгүллээх чөмпүйүөнэ, кумахтан скульптураны оҥорууга норуоттар икки ардыларынааҕы күрэх кыайыылааҕа Сергей Целебровскай үлэлээтэ. Кинини кытта дьүүллүүр сүбэҕэ бааллар: Кытайтан Госпожа Ван Хайфэн – хаартан, муустан скульптураны чочуйуу маастара, Харбиннааҕы технологическай институт архитектураҕа уонна дизайҥҥа преподавателэ, модельнай үлэһиттэр уонна айар уустар устуудьуйаларын салайааччы; Марат Габдрахманов – Красноярскай, Архангельскай, Киров куораттарга ыытыллыбыт муус, хаар оҥоһуктар куонкурустарын кыайыылааҕа, Казахстан Актюбинскайдааҕы худуоһунньуктарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Актюбинскай уобалас искусствоҕа музейын дириэктэрэ; Владимир Дорожкин – Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы, “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” бэстибээл тэрийэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ; Айсен Павлов – СӨ Национальнай художественнай музейын 2-с категориялаах муоһу кыһыыга худуоһунньук-реставратора.

Аһаҕас халлаан анныгар хас да күн устата ылбычча истигэнэ суох, ардыгар көөрөттөр уйан тутуллаах муустан, халтарыйар, сырылыыр көп түү кэриэтэ хаартан уран оҥоһугу чочуйуу, кыһыы, нарылааһын үлэтин күүтүүлээх-кэтэһиилээх түмүгэ маннык буолла:

Орджоникидзе болуоссатыгар сэтинньи 25 күнүгэр буолбут муус оҥоһукка блиц-турнир

(тиэмэтэ Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы 80 сылыгар анаан “Ийэ дойду, хорсун быһыы, Албан Аат”):

I миэстэ – “Кыһыҥҥы дьоруойдар” Монголия хамаандата, Энхбаяр Чулуунхэдэр уонна  Цэнд-Очир Санжаа, «1941...»  композицияларынан;

II миэстэ “Өҥөлдьө” Ньурба улууһун хамаандата, Герасим, Дмитрий Максимовтар “Смерть фашизму” үлэлэринэн;

III миэстэ  “Лунцзян Форест-индустрия”, Кытай норуодунай өрөспүүбүлүкэтин хамаандата Мэн Сьянго уонна Сюн Хаян “Щит Победы” скульптураларынан.

Маны таһынан бу көрүҥ күрэххэ маннык анал ааттар ананнылар:

“Ледовая фантазия” анал аат – “Модут”, Нам улууһун хамаандата, Василий, Анатолий Аргуновтар, үлэлэрин аата “Полевая почта, письма из фронта”;

“Раскрытие темы” – “Хот-Ай” Дьокуускай куорат хамаандата, Николай, Константин Колодезниковтар, «Мой дедушка герой»; 

“Творческий полёт” –  “Көмүс кынаттар”, Валерий Стручков (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Алена Абрамова (Хаҥалас), “Память огненных лет” композициялара;

“Оригинальность композиции” анал аат – “Муус-Хаар” хамаанда, Григорий Максимов (Нам улууһа), Август Михайлов (Ньурба), “Улааттахпына дойдубун көмүскүөм” үлэлэрэ;

“Мастерство резьбы” – “Дерсу”, Приморскай кыраай хамаандата, Сергей Козлов уонна Евгений Чадаев, “Письмо с фронта” композиция.

Сэтинньи 26-28 күннэригэр «Северное сияние» муус пааркатыгар ыытыллыбыт муус скульптура куонкуруһа

(тиэмэтэ “Күн – аан дойду айыллыытын төрүтэ”)

I миэстэ – “Өҥөлдьө”, Ньурба улууһун хамаандата, Герасим уонна Дмитрий Максимовтар, “Күн оҕолоро” композицияларынан;

II миэстэ – “Модут”, Нам улууһун хамаандата, Василий, Анатолий Аргуновтар, “Притяжение к солнцу” үлэлэринэн; 

III миэстэ – “Чоку”, Дьокуускай куорат хамаандата, Алексей, Максим Капитоновтар, “Төрүттэнии” скульптураларынан.

Анал ааттар

“Творческий полет” анал аат – “Хот-Ай”, Дьокуускай хамаандата, Николай, Константин Колодезниковтар,  “Музыка природы” композициялара. 

“Мастерство резьбы” – “Лунцзян Форест-индустрия”, КНР хамаандата, Мэн Сьянго уонна Сюн Хаян, “Рождение солнца” үлэлэрэ.

“Укротители льда” – “Көмүс кынаттар” хамаанда, Валерий Стручков (Мэҥэ Хаҥалас улууһа) уонна Алена Абрамова (Хаҥалас улууһа), “Источник жизни” композициялара.

“Тиэмэни арыйыы” – “Омун”, Архип Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас), Геннадий Оллонов (Уус Алдан), “Күндүл” үлэлэрэ.

Сэтинньи 29-30 күннэригэр ыытыллыбыт хаар оҥоһук куонкуруһа

(“Хаар алыба” көҥүл тиэмэ)

I миэстэ – “Омун” хамаанда, Архип Скрябин (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Геннадий Оллонов (Уус Алдан), “Машина времени” үлэлэринэн. 

II миэстэ – “Лунцзян Форест – индустрия”, Кытай холбоһуктаах хамаандата, Мэн Сьянго, Сюн Хаян, “Межвременной диалог” композицияларынан; 

III миэстэ – “Таатта”, Таатта улууһун хамаандата, Василий Назаров уонна Василий Лопатин, “Күн тахсыыта” үлэлэринэн.

 

Анал ааттар

“Безграничность” анал аат – “ХотАй”, Дьокуускай хамаандата, Николай, Константин Колодезниковтар, “Халлаан үрдүнэн” композициялара.

«Оригинальнай тиэмэ» – “IceDream” хамаанда, Дьокуускай куорат, Василий Камшилин уонна Алексей Петров, “Снеговик боотур” үлэлэрэ.  

“Снежное чудо” – “Өҥөлдьө” хамаанда, Ньурба улууһа, Герасим, Дмитрий Максимовтар, “Красавица и чудовище”  композициялара.

“Мастерство резьбы” – “Көмүс кынаттар”, Валерий Стручков (Мэҥэ Хаҥалас) уонна Алена Абрамова (Хаҥалас), “Сүктэр кыыс” үлэлэрэ. 

Наҕараадалары дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ Сергей Целебровскай, “Северное сияние” муус пааркатын дириэктэрэ, Саха сирин мууска маастардарын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Алексей Демьянов, “Дьокуускай куорат” куорат уокуругун баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Георгий Гаврильев туттардылар. Кыайыылаахтар скульптор Николай Чоччасов эскиһинэн саха тимир уустара оҥорбут дьэрэкээн кубоктарынан, мэтээллэринэн наҕараадаланнылар уонна харчынан бириискэ туоһу суруктары туттулар.

 

Хаартыскалар: ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...