Бестужев-Марлинскай уулуссатын хапытаалынай өрөмүөнүн бастакы түһүмэҕэ түмүктэннэ
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыагынан Бестужев-Марлинскай уулуссатын Богдан Чижик уулуссатыттан Кальвица уулуссатыгар диэри кэрчигин Федор Попов уулуссатыгар диэри бастакы түһүмэҕин хапытаалынай өрөмүөнэ түмүктэннэ.
Үлэ быйыл саас муус устар ыйтан саҕаламмыта. Оҥоһуллубут суол устата 380 м. Тутуу генеральнай бэдэрээтчитэ – «Сэттэ» ДРСУ ХЭУо.
Учаастакка суолу бэйэтин сэргэ икки өттүттэн тротуардар, парковкалар, суол бэлиэлэрэ, светофордар, уу сүүрдэр халдьалар, сырдатыы үлэтэ о.д.а. оҥоһулунна.
Санатар буоллахха, 6 сыл устата «Куттала соух уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан Дьокуускай куоракка 195,07 км усталаах уулусса-суол ситимэ ирдэбилгэ хоруйдуур турукка тиэрдилиннэ. 2024 сыл түмүгүнэн куорат суолларын 80% нуормаҕа сөп түбэһэр таһымҥа тахсыахтаах, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.