06.12.2024 | 18:57

Сарсыҥҥыттан, ахсынньы 7 күнүттэн, 2 №-дээх уонна 19 №-дээх оптуобустар уларытыллыбыт схеманан сылдьыахтара

Сарсыҥҥыттан, ахсынньы 7 күнүттэн, 2 №-дээх уонна 19 №-дээх оптуобустар уларытыллыбыт схеманан сылдьыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ахсынньы 7 күнүттэн 2 №-дээх уонна 19 №-дээх маршруттарыгар сырыыларыгар уларыйыы киирэр. 
Ол курдук, 2 №-дээх маршрут нэһилиэнньэ туруорсуутунан уонна Дьокуускайдааҕы харах балыыһатыгар таарыйар сыалтан Свердлов уулуссатынан киирэн ааһыаҕа. Ол оннугар Халтурин уулуссатыгар 19 №-дээх оптуобус киириэҕэ, бу машрут маны сэргэ 17 №-дээх оскуоланан ааһыаҕа.
Олохтоох дьаһалта Куораттааҕы суол-тырааныспар сулууспатыгар иһитиннэрэллэринэн, маннык схема уопсастыбаннай тырааныспар сырыытын чинчийэр хамыыһыйанан ахсынньы ортотугар бүтэһиктээх быһаарыы ылыллыар диэри үлэлиэҕэ. 
Бары боппуруостарынан 300-997 төлөпүөнүнэн эбэтэр Михаил Николаев пр., 11, 3-с этээс аадырыска билсэргитигэр ыҥыраллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...