Аны күһүҥҥэ диэри сабыллар суоллар
Халлаан сылыйан, «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» нацбырайыагынан куорат суолларыгар өрөмүөн үлэтэ саҕаланна. Өрөмүөннэнэр суолларга тырааныспар сырыыта хаарчахтанар.
Ол курдук, муус устар 10 күнүттэн Сайсары оройуонугар Винокуров уулуссатыгар ыытыллар өрөмүөнүнэн бэс ыйын 15 күнүгэр Чайковскай уулуссатыттан Ильменскэй уулуссатыгар диэри кэрчиккэ айан-сырыы хаарчахтанар.
Эмиэ муус устар 10 күнүттэн Бүлүүлүүр суол быһа охсуһуутун хапытаалынай өрөмүөнүнэн бэс ыйын 30 күнүгэр диэри Лермонтов уулуссатыттан Объездной шоссеҕа (1-кы комплекс) диэри кэрчиккэ тырааныспар сырыыта хаарчахтанар.
Муус устар 11 күнүттэн алтынньы 31 күнүгэр диэри Бестужев-Марлинскай уулуссатын Богдан Чижик уулуссатыттан Кальвица уулуссатыгар диэри кэрчигэр хапытаалынай өрөмүөн ыытылларынан, эмиэ айан-сырыы хаарчахтанар, диэн иһитинннэрэр Yakutskcity.ru.