18.03.2022 | 17:00

Спорт сонуна

Спорт сонуна
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Хара хамсык ыарыы аччаан, күрэхтэһиилэри ыытар, көрөөччүлэрдээх тэрийэр көҥүллэннэ. Инньэ гынан, быһыт уута тоҕо барбытын курдук, киһи ситэн кэпсээбэт элбэх дьаһаллара, күрэхтэһиилэрэ үрүт-үрдүгэр буолуталыыллар.

 

Бу сайын Владивостокка буолар Норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” VII-с Спортивнай оонньууларга бэлэмнэнии чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэ хамаандатын сүүмэрдиир сыаллаах-соруктаах 2005-2006 сс.т. оҕолор ортолоругар  Саха Өрөспүүбүлүкэтин боксаҕа чемпионата “Триумф” спорткомплекска буолан ааста. 19 улуустан 14-15 саастаах 166 оҕо кытынна. Өрөспүүбүлүкэ оҕолорун чемпионата ССРС чөмпүйүөнэ, 1990 с. «Үтүө дьулуур” оонньууларын үрүҥ көмүс призера, Барселонатааҕы Олимпийскай оонньуу кыттыылааҕа, норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Анатолий Филиппов бирииһигэр ананна. Барыта 15 комплект мэтээл оонньонно. Кыайыылаахтар Уһук Илин  чемпионатыгар, миэстэлэспиттэр “Азия оҕолоругар” кыттыахтаах кэҥэтиллибит хамаанда састаабыгар киллэрилиннилэр. Кэбээйи улууһун Сангаарыттан 75 кг үс утарсааччытын лаппа баһыйан, Максим Сафронов бастыҥ боксерунан ааттанна. “Нокаутер уолу” тренер Мохаммед Кривошапкин эрчийэр. 57 кг Нерюнгриттэн Руслан Никитин “Бастыҥ техникатын иһин” анал бирииһи ылла. “Азия оҕолоругар” кыттыахтаах хамаанданы сүрүн тренер Василий Лисица бэлэмниир. Билигин Благовещенскай куоракка Уһук Илиҥҥэ бастыыр иһин күрэхтэһэ сылдьаллар, онно ситиһиилээхтик кытыннахтарына, салгыы Арассыыйа чемпионатыгар кыттыахтара. Сүүмэрдэммит хамаандаҕа киирэргэ хас да бэрэбиэркэлиир түһүмэҕи ааһыахтара.

Боксаҕа Уһук Илин оҕолорун чемпионатыгар сүүмэрдиир Артур Кравченко кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ риингэтигэр боксанан дьарыктанар улуустартан 16 хамаанда 17-18 саастаах 53 боксер оҕолоро кыттыыны ыллылар. “Уолаттар баҕалара, кыайыыга дьулуурдара сүрдээх”, - диэн чемпионат сүрүн судьуйата, норуоттар икки ардыларынааҕы АИБА категориялаах судьуйа Семен Румянцев кэпсээтэ. Ол курдук, финалга хас биирдии киирсии улахан тыҥааһыннаах буолла. Боксердар маастарыстыбалара үрдээбитэ көһүннэ. Ити барыта тренердэр үлэлэрин түмүгэ. Дьоҕурдаах оҕолор бааллар. Мэҥэ Хаҥаластан 51 кг Валерий Неустроев (тренер В. Шестаков), 67 кг 1 №-дээх спортоскуолаттан Айтал Тарабукин (тренер А. Ботура), 75 кг Хаҥаластан Максим Радченко сэргэх киирсиилэри көрдөрдүлэр. Өлөөнтөн Родион Иванов 57 кг (тренер Дмитрий Болтунов), Мэҥэттэн 63,5 кг Айаал Скрябин (тренер Ариан Монастырев) күүстээх охсууларынан күөн көрсүһүүлэрин эрдэ түмүктээтилэр. Бастаабыт уолаттар кыахтарын толору туһаннылар. Элбэхтик табыталыыллар, техникалара чочуллубут, кыайыыга дьулуурдаахтар, раунд бүтэһигэр диэри үлэлииллэр. Саха боксата кэскиллээҕин итэҕэттилэр. 

 

“Туймаада” стадион кыһыҥҥы манеһыгар сахалыы атах оонньуутугар “Азия оҕолоругар” сүүмэрдиир күрэхтэһиигэ 14 улуустан 15-н аллараа саастаах оҕолор илин-кэлин түһүстүлэр. Ордук үрдүк көрдөрүүлэри Өлүөхүмэ оҕолоро ситистилэр. Кыргыттарга Аня Щедривая, Намтан Настя Матвеева, Уус Алдантан Диана Федорова араа-бараа көрдөрүүлэннилэр. Уолаттарга Данил Воеводин кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха утарсааччыларын ырааҕынан быраҕаттаата. Талааннаах уолу Өлүөхүмэтээҕи оҕо спортоскуолатын тренерэ Сергей Ярошенко 3 кылаастан бэлиэтии көрөн эрчийэр. Данил ыстаныы көрүҥнэринэн ис сүрэҕиттэн таптаан дьарыктанар. 
16-18 саастаах оҕолорго үчүгэй көрдөрүүлэри уолаттар ситистилэр. Чурапчыга Д.П. Коркин аатынан спортоскуолаҕа тренер Иван Чиркоевка эрчиллэр Таатта ыччата 17 саастаах Данил Андросов кылыыга 42 м 18 см ойон, үс көрүҥ түмүгүнэн 115 м 68 см көрдөрүүлээх бастаата. Ньурбаттан Ярослав Петров (тренер А.В. Семенов) ыстаҥаҕа уонна куобахха тэҥнээҕин булбата. Данил Андросов аҕыйах хонуктааҕыта Санкт-Петербурга буолан ааспыт Арассыыйа уолаттарын чэпчэки атлетикаҕа чемпионатыгар уһуну ойууга 6 м 89 см ойон Арассыыйаттан кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. 
Атах оонньуутугар талааннаах ыччаттар тахсан иһэллэрэ үөрдэр.

М.К. Аммосов аатынан ХИФУ спортивнай саалаларыгар волейболга өрөспүүбүлүкэ 2004-2005 с.т. оҕолорун чемпионата “СахаВА” төрүттээччитэ Александр Петрович Керемясов кэриэһигэр ананан ыытылынна. 14 хамаанда кытынна. Уһук Илиҥҥэ элбэхтик миэстэлэспит, Арассыыйа ыччаттарын Спартакиадатыгар үһүс миэстэлээх, норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдарга күрэхтэспит үөрүйэхтээх, 2020 с. ыытыллыахтаах “Азия оҕолоругар” бэлэмнэниини ааспыт оҕолор бааллар. Биллэрин курдук, ол “Азия оҕолоро” пандемиянан тохтотуллубута. Ол сиэринэн үрдүк таһымнаах, техникатын, маастарыстыбатын өттүнэн кыраһыабай оонньуулар буоллулар. Хамсык ыарахан кэмигэр наһаа олорон хаалбакка, эрчиллибиттэрэ харахха быраҕыллар. Тренердэр бэлиэтииллэринэн, Мииринэй хамаандалара уолаттарга төрдүс, кыргыттарга иккис миэстэлэри ылаттааннар, “баалларын” биллэрбиттэрэ үчүгэй. Кэнники үс сылга Намнар (тренер Айсен Жерготов), Чурапчылар (тренер Альберт Бродников), Таатталар (тренер Иван Турнин) үс иһиттэн түспэттэр. Хардарыта бастыыллар. Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандата ити улуустар волейболистарыттан турар. Быйыл уолаттарга намнар бастаатылар, чурапчылар – иккис, таатталар үһүс буоллулар. Аны Уһук Илиҥҥэ кыайар сорук турар. Бу иннинэ Уһук Илинтэн 13 үрүҥ көмүс, боруонса мэтээллэри аҕалбыттара. Кыһыл көмүс эрэ кыайтара илик, онон быйыл бастыыр бигэ санаалаахтар. Хабаровскай хамаандатын кыайыахтарын наада. 


Кыргыттарга Мария Глухарева тренердээх дьокуускайдар бастаатылар, мииринэйдэр – иккис (тренер Лидия Нивша), чурапчылар (тренер Саргылаана Оконешникова) үһүс миэстэлэннилэр. Күүстээх хамаандалар Бороҕоҥҥо буолар Саха сирин норуоттарын Спортивнай оонньууларыгар кыттар быраабы ылбыттара. Онон улахан дьону кытта хайдах киирсэллэрин көрүөхпүт. “Бастыҥ оонньооччуларынан” Дьокуускайтан Виктория Лугинова, Мииринэйтэн Ольга Новикова, Саина Афанасьева, Саргы Сивцева ааттаннылар. 
Бу буолаары турар “Азия оҕолоругар” 2006-2007 с.т. оҕолор оонньууллар. Балаһыанньатын быһыытынан, бырагыраамаҕа “Пляжнай волейбол” киллэриллэн, ааспыт нэдиэлэҕэ аҕыс улуус күрэхтэһиитин түмүгүнэн, Чурапчы бастаабыта, Амма – иккис, Нам үһүс буолбуттара. Сүрүн тренер Айсен Жерготов этэринэн, хамаандаҕа сүүмэрдээһин оҥоһуллубут. “Пляжнай волейболга” эт-сиин өттүнэн күүстээх, кыахтаах киһи оонньуур. Кумахха уонна заалга оонньуур улахан уратылаахтар. Түөрт оҕо кандидаттарынан ылылланнар, эрчиллэ-бэлэмнэнэ сылдьаллар. Саас Краснодарга буолар түмсүүгэ кумахха эрчиллии түмүгүнэн икки уол талыллыахтаах. Саппаас оонньооччу диэн суох. Аны үөрүүлээх сурах кэлбит – эһиил Кемеровоҕа буолар Кыһыҥҥы “Азия оҕолорун” оонньууларыгар “Снежный волейбол” – хаарга волейболлааһын киллэриллибит. Онон икки бүк улахан бэлэмнэнии күүтэр. Биллэрин курдук, Намҥа волейбол көрүҥэ эмиэ баар. Оҕо спордун  Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинигэр интэринээт баара буоллар, үчүгэй оҕолору мунньан дьарыктаатахха, сайдыа, Арассыыйа финалыгар да тиийиэххэ сөп эбит.

Саха сиригэр физическэй культура уонна спорт төлөннөөх пропагандиһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа физическэй культураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наука доктора Валерий Пантелеймонович Кочнев Саха сирин спордун туһунан 1956 сылтан муспут хаартысканан, итиэннэ илиинэн суруйан хаалларбыт, муспут уон тыһыынчаҕа тиийэр ахсааннаах сэдэх матырыйаалларын дьиэтээҕи архыыбыттан спорт Музейыгар туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. “Эллэй Боотур” Муус Дыбарыас маҥнайгы этээһигэр баар Музейга буолбут долгутуулаах түгэҥҥэ Валерий Пантелеймонович Кочнев сиэнэ Лидия Попова, чугас аймахтар ытык киһилэрин баай нэһилиэстибэтин Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирэ Леонид Спиридоновтыын туттарсыыларын үйэлээх докумуонугар илии баттастылар. Историческай ис хоһоонноох түгэҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка Музейын дириэктэрэ Михаил Друзьянов, “Сахаада-спорт” ассоциация генеральнай сэкирэтээрэ Михаил Ершов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спорка үлэһиттэрин идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ Гаврил Сивцев, спорду сырдатар суруналыыстар, физкультура уонна спорт үлэһиттэрэ кыттыыны ыллылар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...