16.08.2020 | 18:05

Василий Попов: “Саха археологията атаҕар туруон баҕарабын”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Атырдьах ыйын 15 күнүгэр Археолог күнэ бэлиэтэнэр. Онон бүгүн биһиги хаһыаппытыгар Саха сирин биллэр археолога, Ярославскай аатынан Саха музейын археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын сэбиэдиссэйэ Василий Васильевич Попов ыалдьыттыыр.

– Археолог диэн идэтийбит киһи. “Дипломҥун көрдөр”, – диэтэхтэринэ, миэхэ онно “историк-преподаватель общественных дисциплин” диэн сурулла сылдьар. Историческай наука доктора Бравина Розалия Иннокентьевна дипломун көр – “историк-этнограф” диэн. Историческай наука доктора, элбэх хаһыыны ыыппыт киһибит Анатолий Игнатьевич Гоголев киэнэ – “этнограф”. Ити курдук сорохторго археолог диэн специальность суох. Онон идэтийбит дьон: “Биһиги күммүт, эһиги тоҕо кыттыһаҕыт?” – диэччилэр. Оннук эмиэ баар, – диэн сэргэх сэһэргэһээччим кэпсэтиибитин саҕалыыр.

Василий Васильевичтыын археолог идэтин, үлэтин, саха былыргытын, кэскилин туһунан кэпсэттибит.

Бу идэҕэ уһуйуллубутум

– Быраастар бэйэлэрин истэригэр арахсаллар: тыҥа, харах, сүрэх, о.д.а. Биһиги историктарбыт, ол гынан баран, эмиэ арахсабыт. Этнографияны үөрэтэр, археологияны чинчийэр... Историк идэлээх археолог Саха сиригэр тарбахха баттанар. Алексеев Анатолий Николаевич археологическай хаһыыларга үгүстүк сылдьыбыта, научнай үлэтин онно көмүскээбитэ. Архипов Никита Деевич –  саамай  аҕа саастаахпыт, биһиги кэккэбитигэр баар ытык киһибит, МГУ бүтэрбитэ. Гуманитарнай чинчийиилэр институт иһинэн археология уонна этнография секторыгар соҕотох идэтийбит киһи баар – Дъяконов Виктор Михайлович. Быйыл соторутааҕыта Кирьянов Николай Сергеевич саха көмүүтүгэр үлэтин көмүскээтэ.

Мин археологическай хаһыыларга уонтан тахса сыл үлэлээтим. Археолог идэтигэр уһуйуллубут киһибин. Онон бу үлэни бэркэ билэбин. Туох баар кыһалҕатын, ситиһиитин.

1979 сыллаахха СГУ историко-филологическай факультетын история салаатын бүтэрбитим. Өр сылларга араас оскуолаларга үлэлээбитим. 2000 сылтан археологияҕа сыстан барбытым. Оччолорго уларыта тутуу кэмэ саҕаланан, дойдубут аана аһыллыбыта.  Француз археологтара түүр омуктар, чуолаан сахалар былыргы историяларын, генетическэй анаалыстарын үөрэтиэхтэрин баҕаралларын биллэрбиттэрэ. Кинилэри кытта үлэлиэн сөптөөх дьону көрдөөбүттэрэ. Онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри археологическай үлэҕэ кыттабын.

Былыргыга түһэн иһэбит

– Мин устудьуоннаан бүппүтүм кэннэ А.И. Гоголев 14-с, 15-с, 16-с үйэлэр сүөһүлээх, сылгылаах дьон олоҕун, Кулун Атах култууратын арыйбыта. Сахалар 14-с үйэттэн бааллар эбит диэбитэ. Бииртэн биир булуу көстөн иһэр. Үс сыллааҕыта Намҥа гимназия учуутала буор ыла сылдьан туой иһит кырамталарын булбут этэ. Ону биһиги таксидермиспыт Павлов Иннокентий Семеновичка көрдөрбүттэригэр, археологтарга сирдээбитэ. Гуманитарнай чинчийиилэр институтун үлэһиттэрэ тахса сылдьыбыттара, хомуйбуттара, анаалыска биэрбиттэрэ. Онтулара 10-с үйэни көрдөрбүтэ. Ол курдук кэлин диэки түһэн биэрдибит.

Өлүөхүмэ салаатыгар Сөлөгөннөөх диэн үрэх баар. Ол түһүүтүгэр элбэх сыллаах былыргы дьон олоҕун (“многослойная стоянка”) булбуттара. 2000 сыллардаахха 5-с үйэтээҕи дьон сүөһүлэрин уҥуоҕа, икки өттүгэр сылгы төбөлөөх харысхал уонна ох саа көстүбүтэ. “Саха манна былыр-былыргыттан баар”, – диэн сорохтор этэллэр. Г.В. Ксенофонтов сөпкө сабаҕалаабыт. Ити курдук, улам-улам сыҕарыйан, былыргыга түһэн иһэбит. Аны 15-с үйэтээҕи көмүүлэри хаһан көрдөххө, былыргыны ыйа сыталлар. А.П. Окладников боруонса үйэтинээҕи кэми хаспыта. Онно иин хаһан баран умаппыттарыгар күл буолуор диэри умайбыт, ол эрээри мас холбо тобохторо хаалбыт. Ол туһунан боротокуолугар суруллубута. Күл буолуор диэри умайбыт буоллаҕына, мас сыыһа (эбиитин хатыҥ) тоҕо хаалыахтааҕый диэн олус дьиктиргиирим. Хаалар эбит. Ону 15-с үйэтинээҕи көмүүлэр туоһулууллар. Итинник уматыы Уус Алдаҥҥа Айыы Тайбыт, Мэҥэ Хаҥаласка Үрүҥ Мыраан диэн сирдэргэ көстүбүтэ. Иин хаһаллар, онтон холбону уураллар уонна тула өттүн буорунан куталлар. Дьэ ол кэннэ уматаллар. Салгын киирбэт буолан, тулатынааҕы эркин хаалар эбит.

Көмүүлэр көрдөрөллөр

– Сорох сахалар “кэлиибит” дииллэр. Ону кытта мөккүспэппин. “Биһиги манна төрүт олохтоохторбут” диэччилэр этиилэрэ эмиэ оруннаах. Ону көмүүлэр көрдөрөллөр. Былыргы олохтоох дьон иһиттэрэ-хомуостара сүппэккэ-симэлийбэккэ хаалбыт. Холобур, хойукку таас үйэтинээҕи туой иһиттэр оһуордара, быһыылара-таһаалара, халыҥнара.

“Кэлии дьон олохтоох дьахталлары ойох ылаллар, ол иһин барар”, – дииллэр. Сахалар төрүттэрин туһунан араас кинигэлэргэ сэлии кэмин саҕаттан баар омук дииллэр. Оннук эмискэ этинэр сыыһа дии саныыбын. Баар чахчыларга олоҕуруохха наада. Хойукку таас үйэҕэ дииллэрэ өссө оруннаах.

Ыраас хааннаах омук диэн суох. Кырдьаҕас норуот хаана уларыйан эдэригэр түстэҕинэ эрэ сүтүмүөн сөп. Саха сирин историятын кинигэтэ суруллан тахсыахтаах. Онно биһиги омук этническэй историята арыый уларыйыахтаах. Холобур, А.И. Гоголевтаах саха олоҕун 14-с үйэттэн саҕалыыр эбит буоллахтарына, 10-с үйэҕэ түһэрдилэр быһыылаах. Онон биһиги олохтоох норуот буоларбытыгар мөккүөр суох буолуохтаах. Итини идэтийбит наука үлэһиттэрэ ымпыгын-чымпыгын үөрэтиэхтээхтэр, кинигэни долбуурга уурар курдук сааһылыахтаахтар.       

Археология оскуолата баар буолуохтаах

– Мин саха археологията атаҕар туруон баҕарабын. Биһиги археологиябыт саха суруга суох историятын хаһыыларынан үөрэтэр наука. Атын наукалар эбии билиини-көрүүнү биэриэхтэрин сөп. Оттон сүрүнүн хаһыылар көрдөрүөхтэрин сөп.

Археологтарбыт тарбахха баттанар аҕыйахтар. Кинилэри барыларын биир сиргэ түмэллэрэ буоллар, үлэ быдан таһаарыылаах буолуо этэ.

Биһиэхэ археологическай хаһыыларынан кимнээх дьарыктаналларый? ХИФУ иһинэн археология уонна этнография музейа баар. Гуманитарнай чинчийиилэр институтугар археология уонна этнография сектора үлэлиир. Арктикатааҕы археология киинин Мочановтаах тэрийбиттэрэ, билигин уларыйбыта. Ити үс тэрилтэ хаһар. Бары ыһыллан олороллор. А.И. Гоголев үөрэппит кэрдиис кэмиттэн алларааны ким да үчүгэйдик үөрэтэ илик. Ол биир киһи чинчийиитэ диэн отон бөдөҥүн эрэ хомуйууга тэҥнээх.

Археология оскуолата диэн баар буолуохтаах. Биллиилээх, аатырбыт учуонайдар үлэлэрин салҕыыр дьону бэйэлэрэ илдьэ сылдьан, иитэн-такайан таһаарыахтаахтар. Н.Д. Архипов оннук үлэни саҕалаан иһэн, Бүлүү диэки сыҕарыйбыта. Юрий Алексеевич Мочанов уонна Светлана Александровна Федосеева бэйэлэрин кэннилэриттэн кими да хаалларбатахтара.

Сахаларга археологтары такайан таһаарар оскуола суох. Ыһыллан-тоҕуллан олоробут. Ити өттүгэр Москваҕа, Барнаулга, Новосибирскайга үчүгэй үлэни ыыталлар. Биһигиттэн чугас Хабаровскайга күүстээх археологтар бааллар. Онно үөрэнэр, кинилэри кытта үлэлиир, Арассыыйа таһымнаах хаһыыларга кыттыһар дьонтон үчүгэй археологтар тахсыахтара этэ.     

Саха сайын сылгы, ынах этин сиэбэт этэ

– “Культура малых домов” диэн баар. А.П. Окладниковтаах, И.В. Константиновтаах булбуттара. Саха сайыҥҥы олоҕор сылгы, ынах этин сиэбэт, харыстыыр. Кыһыҥҥы хаһаастарын сиэн бардахтарына, дьылы туораабаттар, ас көрдүүр кыһалҕатын көрсөр. Куһунан-хааһынан, мас көтөрүнэн, күөнэҕинэн, мундунан, собонон аһылыктанара. Оннук саха сайыҥҥы олоҕун хаһа сылдьан сылгы, сүөһү уҥуоҕун булбаккын. Кыһыҥҥы олохторугар баар бөҕө буоллаҕа.

Хайдыһабыт уонна ситэрсэбит

– Археологтар бэйэбит испитигэр эмиэ хайдыһабыт: таас үйэни (палеолит), саҥа таас үйэни (неолит), былыргы тимир металл үйэлэрин, орто үйэлэри үөрэтээччилэр. Хаһыы ньымата, булумньуну сурукка-бичиккэ ойуулаан киллэриибит тус-туһунан.

Биһиги бары былыргы дьон олоҕун көрдүүбүт. Таас үйэтинээҕини  көрдүүр археолог балыктаах, бултаах сирдэргэ барар. Сахалар олохторун чинчийээччи от үрэххэ сылдьар, хочолору, алаастары кэрийэр. Ыырбыт туспа. Холобур, мин палеоликка орооспоппун. Орто үйэтинээҕи кэми миигиттэн ыйыталлар. Итинник бэйэ-бэйэбитин ситэрсэбит.

Көдьүүһэ суох үлэ

– Дьокуускай куорат ортотугар хаһа сылдьаллар дии. Ити, нууччалыы эттэххэ, “мартышкин труд”. Туох да көдьүүһэ суох. Сүрүн күүстэрин балтараа миэтэрэни хаһалларыгар барыахтара. Кумах, буор кутулуннаҕа дии. 5-тии см түһэҕин ээ. Оннук мэскэйдэннэххинэ, хас сылынан бүтүөххүнүй? Чэ, 18-с үйэҕэ тиийиэхтэрэ. Онтон былыргыны кинилэр булуохтара суоҕа. Былыргы дьон уҥуоҕун булуоххун баҕардаххына, бастатан туран, уу аттыгар көрдүөхтээххин. Ону таһынан былыргы сахалар мастаах сиргэ олохсуйаллара.        

Аҕыйах буолан сылдьар ордук

– Саха култууратын үөрэтиэххин баҕарар буоллаххына, үөһэ сылдьаҕын. Саха көмүүтэ дириҥ буолбат. Муҥутаабыта 1 миэтэрэ буолар. Баччаларга сир ирэр. Ирбэт тоҥ палеолиты хаһар дьон үлэтин атахтыыр. Онно мэһэйдэтээччилэр.

Бастаан көрдөөһүн ыытыллыахтаах. Балаҕан ыйыгар ыытар ордук. Бырдах суох, сөрүүн. От-мас үлэтэ бүтэн, дьон холкутуйар. Ким да эйигин кынчарыйбат. Оттон от саҕана ходуһаҕа үлэлии сылдьааччыларга тиий эрэ – кырыы харахтарынан көрүөхтэрэ. Күһүн кустуу-балыктыы сылдьар дьоҥҥо түбэстэххинэ, үөрэ-көтө кэпсиэхтэрэ.

Археологическай үлэлэр сир ирбитин кэннэ, бэс ыйыттан саҕаланаллар. Икки хас айан суолун тутуһар ордук. Холобур, ардахтаах кэмҥэ биир сиргэ тиийиэҥ суоҕа. Оччоҕо атын хайысханан барыаххын сөп.

Үлэҕэ сөптөөх дьону көрдүүгүн. Булугас-талыгас, мындыр, кыҥкыйа суох, харса суох үлэһит дьону кытта сылдьар үчүгэй. Сорохтор сатаан астаабат да буолуохтарын сөп. Аҕыйах буоллахха түргэнник бүтэҕин. 4-5 киһи буолар ордук, сып-сап кэлэҕин-бараҕын. Элбэх киһи айгыстыыта, хомунуута эрэйдээх.

Былыргы сахалар сүөһү ииттэр буоланнар, от үрэхтэринэн тарҕаһан олорбуттара. От үрэҕин суола хайдаҕын бэркэ билэҕит. Сэбиэскэй кэм саҕана ат биэрэллэрэ. Билигин дьон аты сатаан айааһаабат, көлүммэт буоллулар, сылгыттан тэйэн хааллылар. Ат туохтан да иҥнибэт, хайа баҕарар айаны тулуйар.   

Итэҕэл иһитэ

– Былыр сахалар киһини көмөллөрүгэр анараа дойдуга эмиэ олох салҕанар диэн санааттан атын, малын, таҥаһын, иһитин-хомуоһун, туттар тэрилин – барытын уган ыыталлара.

Чороон туһунан Википедия суруйуутун ааҕаарыҥ эрэ. “Сосуд для питья и хранения кумыса” диэн суруйаллар. Чэ, “питья” диэн буоллун, сөп. Чорооҥҥо хаһан да кымыһы харайбаттар, аньыы. Барытын иһиллиэхтээх, тоҕуллуохтаах. Бу – итэҕэл иһитэ.

Биир атахтаах былыргы дуу, үс атахтаах чороон дуу? Чопчу этэр кыахпыт суох. Билбэппит-көрбөппүт элбэх. Мөккүспэт ордук.

Чороон быһыыта-таһаата, оһуора былыргы туой иһиттэргэ майгынныыр диэн этэллэрэ сөп. Былыргы сымыыт курдук түгэхтээх туой иһити хайдах кутаа уокка туруоруоххунуй? Туох эрэ тирэххэ уурарыҥ чуолкай. Үс тааска уурар быдан олохтоох. Оннук өйөннөрөн кэбиһэллэрэ. Чинчийээччилэр ити үс атахтаах иһиттэн чороон үөскээтэ дииллэр. Оттон биир атахтаах чороон анала – итэҕэл иһитэ. Биир илиигинэн тутаҕын. Итинник быһаарыыны истэн сэргиибин.

Саха сахатын көрдөрүөхтээх

– Илин сирэйэ төгүрүк быһыылаах ыҥыыр – нуучча киэнэ. Ону төрүт култуура курдук көрдөрө сатыыллара сыыһа. Атын норуот култууратын сахатытан көрдөрөллөрүн сүөргүлүүбүн. Ити билбэттэн, билэ сатаабаттан тахсар. Саха сахатын көрдөрүөхтээх. Биһиги төрүт ыҥыырбыт илин сирэйин быһыыта түөрт муннук. 18-с үйэтээҕи көмүүлэргэ барыларыгар баар. Уонтан тахса сыл хаһыыларга сырыттым да, илин сирэйэ төгүрүк ыҥыыры көрө иликпин. Барыта көнө муннук буолар.

Тылбыт сайдар кэскилэ суох

– Сахалар биир эмэ нуучча тылын кыбыппакка сатаммат буоллубут. Итинник тылбыт сүмэһинэ сүтэр кутталлаах. Саха тыла сайдар кэскилэ суох. Тыыннаах хаалларбыт эрэ киһи диэн сылдьабыт. Олохтоох тыа, үрэх баһын дьонугар уу сахалыы кэпсэтэр киһи суох буолан эрэр. Бары бөһүөлэк, куорат диэки олохсуйаллар. Тэлэбиисэр, араадьыйа саҥатынан саҥарар буоллулар. Ол эрээри саха норуота баар, баай историялаах диэн киэн туттуохтаахпыт. Баарбыт тухары “мин” диэммитин илдьэ, олоҥхобутун, итэҕэлбитин тута сылдьыахтаахпыт.

Хаһан эрэ былыргы норуоттар итэҕэллэригэр төннүү саҕаланыаҕа. Таас үйэтинээҕи итэҕэлбитигэр. Киһи уонна Айылҕа, Айылҕа уонна Куйаар диэн өйдөбүллэр үрдүөхтэрэ. Киһи – айылҕа оҕото диэн. Оннукка саха итэҕэлэ сөп түбэһэр.

Сэргэ

– Сэргэни “коновязь” дииллэр, ат баайар эрэ курдук өйдүүллэр. Итэҕэл сэргэтигэр ат баайбат буоллаҕыҥ. Нууччаларга “коновязь” диэбэккэ, “сэргэ” эрэ диэхтээхпит. Кэлтэйдии өйдөөбөтүн курдук.

Саха сэргэтинэн да киэн туттуохтаах. Анала, быһыыта-таһаата сиэдэрэйэ.

Түүр омуктартан былыргы тыл саха тыла дииллэр. Оннооҕор  туроктар Пекарскай тылдьытын ууруна сылдьан тутталлар. Былыргы тыллары үөрэтэллэригэр биһиэнигэр төннө тураллар.

Норуоппутугар ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыахтаахпыт. Атын култуураны булкуйа сырыттахпытына, мөлтөх омук аатырыахпыт. 

Айылҕа хаамыыта

– Урут муус үйэтэ эҥин кэлэн ааспыта. Билигин итийии кэмигэр олоробут. Ол хас эмэ тыһыынча сыл барыаҕа. Айылҕаны уларыйар диэбэккэ, айылҕа бэйэтин хаамыытынан хамсааһын барар диэн өйдүөхтээхпит. Киһи аймах эбиитэ, дьайыыта, кырдьык, баара буолуо.

Үөһээ Дьааҥыга “Абааһы айаҕа” диэн баар. Хас эмэ сүүс миэтэрэ үрдүктээх. Суулла турар. Кырдьык, тыбыс-тымныы уорааннаах. Тоҥ ирэ-ирэ түһэ турар. Ол таастаах, хайалаах сиргэ тиийэн иҥниэҕэ. Оттон ити түспүт сиригэр бэрт кэрэ, саҥа сир тахсан кэлиэҕэ. Ону сир хайа барда диэн айманабыт. Айылҕа хаамыытынан тоҥ ирэр буоллаҕа.

Айылҕаҕа туох да уларыйбат диэн суох. Барыта хамсыы турар. “Глобальнай проблема” оҥорор наадата суох. Сир үөһээҥҥи араҥата хамсыыр, ол иһин быһыыта-таһаата уларыйар. Хаһан эрэ буолуохтаах.

Сир ааттара

– Манна улаханнык ылса иликпин эрээри, хомойорум элбэх. Сахалыы ааттаах сирдэрбит дэлби уларыйан эрэллэр. Былырыын Өлүөхүмэҕэ сылдьыбытым. Кыра Муҥку Малая Черепаниха диэн буолбут. Улахан Муҥку – Большая Черепаниха. Үҥкүртэн хоту диэки биэс алаас баар. Ону Печерочка дииллэр. Үөһээ Дьааҥыга Көстөр Хайа диэн баар. Ону каартаны ылан көрдөххө, Костер диэн киирбит. Уус Алдаҥҥа уу саха олорбут нэһилиэгин Окоемовка дииллэр. Итинник Николаевка элбэх.  Былыргы сахалыы ааттары төнүннэриэхтэрэ этэ. Уруккулара умнуллубаттара буоллар.

Саха-француз экспедицията

– Французтар бастаан 2002 сыллаахха билсиһэ кэлбиттэрэ. Саха сиригэр үлэ төһө кэскиллээҕин көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Кумааҕыга илии баттаныллан, былаана торумнанан, 2004 сылтан үчүгэй үлэ саҕаламмыта.

Сыл аайы кэлэллэр. Хабар хайысхалара киэҥ. Аспирантураҕа, докторантураҕа сахалары үөрэтэллэр. Атастаһыы ньыматынан үлэлииллэр. Манна генетическэй анаалыстары оҥороллор. Ону таһынан археологтары, этнографтары кытта үлэлии сатыыллар. Былыргы сахалар төрүт ыарыыларын чинчийэллэр.

Ханнык баҕарар үлэ тахсыылаах уонна түһүүлээх. Билигин биһиги таҥнары түһүүгэ олоробут. Биир сиргэ тэпсэҥнээһин да баара. 2005, 2007 сылларга, иллэрээ сыл таһаарыылаахтык сылдьыбыппыт. Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа экспедициябыт үтүө түмүктээх ааспыта. Былырыын Өлүөхүмэҕэ көҥүлбүт олус хойут кэлбитэ. Быйыл эмиэ коронавируһунан тэпсэҥнээтибит. Сотору эмиэ күөрэс гыныахпыт.

Алдьаппаппыт, урусхаллаабаппыт

– Биһиги хаспатахпытына, сууллар, суураллар, тэпсиллэр, сүтэр. Үлэбит түмүгэ барыта сурукка-бичиккэ киирэр, хаалар. Барытын ойуулаан, хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэбит.

Археологтар алдьаталлар, урусхаллыыллар диэн өйдөбүл сыыһа. Биһиги, төттөрүтүн,  үйэтин уһатабыт эбээт.

Тутуу, суол үлэтэ барар. Гаас, ньиэп хостооһуна, промышленность диэн баар.      Ити сүрдээх улахан хоромньуну аҕалар. Кинилэр үлэлиэхтэрин иннинэ, археологическай хаһыылары оҥорторуохтаахтар.

Сөбүлэспэттэр, буолумматтар

– Эйиэхэ даача учаастагын биэрдэхтэринэ, дьиҥэр, археологтары ыҥыран, бу сиргин чинчиттэриэхтээххин, көрдөрүөхтээххин. Ону харчы биэриэхтээхпит диэн ким да сөбүлэспэт. Сиэппиттэн төлүү-төлүү, бу дьону аһата-аһата сирбин тоҕо хастарыахтаахпыный дии саныыллар. Ол иһин буолумматтар.

Төһөлөөх элбэх көмүү дьон тэлгэһитигэр сытара буолуой? Холобур, оҕуруоттарыттан былыргы таас үйэтинээҕи булуулар көстөллөрө элбэх. Эбэтэр хортуоппуй олордор сирдэриттэн булбуттарын алдьатан кэбиһэллэрэ эмиэ баар.

Ким да ытыс үрдүгэр түһэрбэт

– Мин хаһыыларга үөрэ-көтө барбаппын, саһа сылдьан үлэлиибин. Сарсыарда 4 чааска, киһи аҕыйах эрдэҕинэ кэрийэ барабын. Биир эмэ бостуугу көрсөбүн. Былыргыны хаһар диэн сөбүлээбэттэр. Аньыы дииллэр. Арай биирдиилээн кыраайы үөрэтэр дьон өйүүллэр уонна өйдүүллэр. Ытыс үрдүгэр түһэрэн көрсөр киһи диэн суох. Хайҕана-хайҕана үлэлиир саҕа үчүгэй суоҕа буолуо.

Экспедицияҕа күннээҕи аһылыкка диэн биир мөһөөх көрүллэр. Ону хайдах гыныаххыный, балаһыанньаттан тахсаары, оттук харчытын кэмчилии сатыыбыт, сатыы сылдьарбытын элбэтэбит.

Үп көрүллүбэт. Оннук-маннык бытархайга бара турар, дьиҥнээх археологияҕа тобох эрэ тиксэр. Үчүгэйдик харчылаан, тэрийэн үлэлэтэллэрэ буоллар...

Москваттан көҥүл ылаары сурук суруйаллар. Онтулара балаҕан ыйыгар биирдэ кэлэр. Чэ, итинник мэһэй-таһай элбэх. Ол эрээри үлэлиэн баҕарар киһи быыс-хайаҕас булар. Оннук дьону сотору-сотору хайҕыыллара, былааннаах үлэ көрүллэрэ буоллар, саха этническэй олоҕун былыргытыгар тиийбит буолуо этибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Сонуннар | 05.12.2024 | 14:00
Уотуҥ төлөбүрүн эмиэ пенитэ суох төлөө
Саҥа дьылга диэри хаалбыт кэм иһигэр уот төлөбүрүгэр иэһи эмиэ пенитэ суох төлүөххэ сөп. Бу аахсыйаны “Якутскэнерго” АХ тэриллибитэ 50 сылыгар бэлэмнэнии чэрчитинэн ыытар эбит. Каассаларын өрөбүл күннэргэ кытта үлэлиир оҥорбуттар. Маннык аадырыстары ыйбыттар: Б.Чижик уул., 4/1 (10.00–17. 00 чч.), Дзержинскэй уул., 2 (ЛОРП дьиэтэ, 09.00–17.15 чч.) уонна 13/3 нүөмэрдээх...