Тохсунньу ыйга уулуссалартан 66,5 тыһыынча кубометр хаар тиэйилиннэ
Тохсунньу ыйга киин куорат уулуссаларыттан 66,5 тыһыынча кубометр хаар тиэйиллибитин туһунан уопсай куораттааҕы планеркаҕа «Якутдорстрой» АУо кылаабынай инженерэ Александр Оданец отчуоттаабыт. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ол курдук, ый бүтэһик нэдиэлэтигэр 24,5 тыһыынча кубометр хаар тиэйилиннэ.
Барыта 2021-2022 сыллардааҕы кыһыҥҥы сезоҥҥа 201 тыһыынча кубометр хаар таһыллыбытын туһунан Оданец иһитиннэрдэ.
Бээтинсэҕэ, тохсунньу 28 күнүгэр, суол үлэһиттэрэ бордюр чааһыттан, оптуобус хармааннарыттан, тырааныспар киирэр сирдэриттэн хаары ыраастаан тиэйдилэр. Ол курдук, сарсыарда 07.00 чаастан Поярков уулуссатын 13 №-дээх дьиэтин тротуардарыттан саҕалаан Дзержинскай уулуссатыгар, Орджоникидзе болуоссатыгар диэри, итини сэргэ, Ленин болуоссатыгар фонтан өттүн ыраастаатылар.
Хаар Лермонтов уул., Петровскай уул. П.Алексеев уул. диэки, Маяковскай уул., 81А №-дээх дьиэтиттэн Каландаришвили уонна Широких-Полянскай уул. диэри ыраастанна уонна тиэйилиннэ. Итини кытта Лермонтов уулуссатыттан Киров уонна П.Алексеев уул. диэри, К.Цеткин уул., 42 №-дээх дьиэтиттэн Дзержинскай уул., Орджоникидзе болуоссатыгар уонна Дзержинскай-Кальвица (муостаҕа), Дзержинскай уулуссатыгар Кальвица уул. Строителлэр уулуссаларыгар диэри таһылынна.
График быһыытынан оптуобус киирэр сирдэригэр, хармааннарга кумах кутуллар, бөх ууруналара ыраастаналлар.